Салгыы
“Ырыаһыт” саһылга түбэспиппит”

“Ырыаһыт” саһылга түбэспиппит”

15.07.2023, 15:30
Хаартысканы Иннокентий Неустроев тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Үлэни уонна айылҕаны тэҥҥэ тутан, алтыһар дьон элбэх. Кинилэртэн биирдэстэринэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо Иннокентий Неустроев буолар. Иннокентий Валерианович төрүттэммитэ 20 сылын соторутааҕыта бэлиэтээбит “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалыгар гаас операторынан үлэлээбитэ 18 сыл буолла.

Хомунаалынай хаһаайыстыба биир туруу үлэһитэ иллэҥ кэмигэр бултуур, хара тыатын кэрийэр, илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэр. Ийэтин өттүнэн булчут төрүттээх (эһээтэ Киэсэ Усуйаана булчута, балыксыта үһү), Сыымахха аймахтарыгар Василий Матвеев диэн биллэр кадровай булчут баар. Онон булка-алка сыстан эрэрэ мээнэҕэ буолбатах быһыылаах.

Биир доҕоро кыһыл саһылга хапкаан иитэргэ үөрэтиэҕиттэн ыла бу ааспыт икки сыл устата наар Майатын тулатынааҕы тыаҕа саһылы бултуур буолла. Бэйэтэ этэринэн, Майа тулатын патруль курдук эргийэ хаамар. Төһө да кылгас кэмҥэ бултаатар, бу кыыл туһунан араас дьиктилэри биллэ-көрдө.

— Кыһыны быһа бултаатым диэххэ сөп. Биир орохтон үс саһылы кытта хабарым. Онон быйылгы сезоҥҥа сүүрбэ саһылы бултаатым. Сүрдээх интэриэһинэй, сэрэх кыыл эбит. Ол курдук, сыыһа-халты хамсаннаххына, төрүт хаптарбат. Дьэ, кыһалҕа диэтэҕиҥ. Олус сытымсах. Хата, быйыл биир кыһыллаах-харалаах (иһэ хара, кутуруга хара) кэрэмэс саһылы бултаан үөрүү бөҕөтө. Бээ, бастаан биирдэ куотан хаалан хомоппута да, кыһыппыта да. Онтон иккис сырыыбар хаптарбытым. Сорох бултуур уолаттар кыһыны быһа иитэбит даҕаны, хаптарбаттар диэн сүрдээҕин соһуйбуттара. “Тройка” нүөмэрдээх хапкааны иитэбин, — диэн кэпсээнин саҕалаата Иннокентий.

Кини кэпсииринэн, саһыл үксүн өлүккэ кэлэр эбит. Сылгы өлүгэр орох тэбэр идэлээҕин билбит. Оччоҕуна булчут өлүктэн чугас хапкаанын иитэр. Биирдэ улахан баҕайы саһылга түбэспит. Эмис да эмис үһү. Бултаабыт саһылын тириилэрин ийэтигэр, кэргэнигэр таҥас тиктэргэ анаан бэлэхтээбит. Сыата эмтээх дииллэрин истэр эрээри, билиҥҥитэ туһанан көрөр илигин этэр.

Дьэ, итинник, кыһыл саһылы анаан-минээн сонордоһо сылдьан, Майаҕа баар биир бааһынаҕа саһыллар тахсан сытар сирдэригэр таба тайаммыт. Быһата, “таптаһар сирдэрэ” эбит диир. Саһыл сарсыарда күн тахсыыта 4 ч диэки тахсар эбит. Уонна Майа тулатын иилии эргийэ көтөр. Хара бөһүөлэгин диэкиттэн таҕыстаҕына Чүүйэ диэки кэлэр, онтон салгыы кэрийэ барар идэлээҕин булчут киһи бэлиэтии көрбүт. Хороонун сыыр быарыгар хастар, ону бытата диэн ааттыыллар.

— Сүрдээх сытымсах буолан, ыраахтан көрдүлэр да куотан хаалар идэлээхтэр. Майа тулатыгар саһылы ити курдук балачча хапкааҥҥа хаптарбытым кэннэ куобах элбээбитин сөҕө көрдүм. Онон манна куобаҕы элбэтэн эрэбин. Бу кыылым хаптарбатаҕына, массыына суолунан куотан, суолун муннаран сордуур. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ! Хапкааны хайаан да оргутуохтааххын. Мин мас хатырыгын уонна харыйа лабаатын ууга кутан, ол уутугар хапкааммын оргутабын. Оччоҕо хапкаан собуокка оҥоһуллубут сыта-сымара олоччу суох буолар. Оргутан таһааран баран сөрүүн сиргэ туруорабын. Аны иитэргэр, хапкааны тутар бэрчээккэҥ олох ыраас буолуохтаах. Таҥаһын-сабыҥ эмиэ. Бэл, саһыл куоска да сытын ончу ылыа суохтаах. Ылла да, ытыс соттоҕун эбээт. Биирдэ кэргэмминиин хапкааммытын көрө бара сылдьан (иккиэн итинник сылдьарбытын сөбүлүүбүт), туох да омуна суох, ырыаһыт саһылга түбэһэн турардаахпыт. Саһылбыт “ньаах да ньаах” диэбитэ биһигини көрө-көрө. Быһата, саҥалаах саһыл этэ, ол иһин таптаан “ырыаһыт саһыл “диэн ааттаабыппыт, — диир саһыллар туох уратылаахтарын өрүү кэтиир-маныыр булчут.

Кини ииппит хапкааныгар чугаһаатаҕына, тиит мас төбөтүгэр олорор суордар хааҕырҕаһалларыттан тута хапкааныгар саһыл иҥнибитин сэрэйэр. Ол курдук, бу көтөрдөр кинини арыаллыы көтө сылдьар буолаллар. Сороҕор хапкааныгар туох да иҥнибэтэҕинэ, алаадьылаан көрдөһөр. Оннооҕор “Көмүлүөк” пиирмэ анал оҥоһугун онно илдьэ тахсар.

Хайдах эрэ, санаатыгар, кинини кыһыл саһыл арыаллыы сылдьар курдук буоларын бэлиэтиир. Ол курдук, бэл, Аллараа Бэстээххэ баран иһэн кини айаннаан иһэр суолугар саһыл тэбистэриллэн сытарын көрөн, олус хомойбутум диэн этэр.

Саһылы сүлүү

Саһылы хайдах сүлэ үөрэммитин, алҕастарын туһунан эмиэ бэрт сэргэхтик кэпсиир. Эмис саһылы кыратык тоҥорон баран сүлэр ордугун сүбэлиир. Бастаан сүлэригэр сатаабат буолан 3–4 чаас сүлэн муҥнаммыт. Саамай ыарахана, кутуругун сүлүү уонна субайдааһын үлэлээх диэн этэр.

 Бөкөҕө саһыл элбээбит диэн олохтоох баһылык кэпсээбитэ. Аны кыһын ол диэки тиийбит киһи диэн санаалаахпын. Дойдубар Бэдьимэҕэ былырыын бөрө суолун көрбүтүм. Төхтүр диэки эмиэ. Дьон оннук сурахтан, ордук дьахталлар куттаналлар. Дьиҥэ, биирдэ Чоххоххо бөрө хапкаанын атыылаһан, иитэ сылдьыбытым. Иҥнээрэй диэн нэдиэлэни быһа кэтээ да кэтээ. Мэлийбитим. Сылгылары манаабытым, бөрө кэлиэ диэн бултаары. Онтон бөрөҕө хапкаан ииппитим, сылгы эҥин хаптарыа диэн иккистээн кэлбэтэҕин иһин, эспитим. Кыһыл саһылы бултуурга үөрэммит киһи быһыытынан мантан инньэ аны кииһи, бөрөнү бултуурга үөрэммит киһи дии саныыбын, — диэн бүччүм санаатын үллэһиннэ.

Былырыын дойдутугар тыатааҕыны өлөрбүт булчуттан ылан ыт оҕолорун дьоно бэлэхтээбиттэр. Онон билигин булчут ыттары иитиинэн дьарыктанан эрэр. Биир ытын оҕото куска үчүгэй буолуох курдук, иккиһэ куруук дьаама хаһан тахсар, сүрдээх өһөс майгылаах диэн быһаарар. Онон улааттаҕына бултаппыт киһи дии санаалаах.

Кинини урут Инстаграмҥа таһаарар хаартыскаларынан көрөн, бултуон баҕалаах уолаттар сүрдээҕин кэтээн көрөллөр эбит. Быйыл кыһын биир эдэр уолу хапкаан туруорарга үөрэппитин кэннэ сарсыныгар саһылы бултуйан соһуппут.

Гиирэ анньар

Гиирэни анньыыга 2019 с. ОДьКХ Спартакиадатыгар бастаабыта, өрөспүүбүлүкэҕэ призердаабыта, успуорт эстэпиэтэтигэр бастаабыта. Москватааҕы Үлэ уонна социальнай сыһыаннаһыыларга институт Саха сиринээҕи филиалыгар үп уонна кирэдьиит идэтигэр үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран Черскэйгэ муора пуордугар үп отделыгар, кэлин буҕаалтырынан үлэлээн баран, хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа көспүтэ. Успуорда бултууругар эмиэ туһалыыра чахчы буолуохтаах

Онон, Майа булчута Иннокентий Неустроев бэрт сэргэх кэпсээннээх буолла.

Тутар сыананы үрдэтиэххэ

Антонина Никитина, судаарыстыба экологияҕа кэтэбилин Мэҥэ Хаҥаластааҕы иниспиэксийэтин салайааччыта:

— Биһиги улууспутугар саһыл наһаа элбээтэ. Туруулаһан туран саһыллыыр киһи суоҕун кэриэтэ. Дьонтон да куттаммат буоллулар, айан суолугар таах сүүрэ сылдьаллар. Онон саһылы бултааһыҥҥа эмиэ болҕомтото ууруохха диибин. Онуоха булчуттарга сөптөөх көҕүлээһин уонна биһирэбил ирдэнэр. Ону сэргэ саһыл тириитин кыра сыанаҕа туталларын иһин булчуттар олох сэҥээрбэт буоллулар. Мыыналлар диэххэ сөп. Булчуттар уопсастыбаларыгар саһылга бөрө курдук суолтата ууруохха диэн этии киирбитэ. Биһиэхэ быйыл уопсайа 22 саһылы туттарбыттара биллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: