Салгыы
Үрүҥ ас уйгута

Үрүҥ ас уйгута

24.06.2023, 10:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Үрүҥ Тунах ыйа саҕаланна. Ол аата ынах, биэ төрөөн, үрүҥ ас дэлэйдэ. Өбүгэлэрбит сүрүннээн үүт, эт аһылыктаах этилэр. Сайыҥҥы кэмҥэ эти аҕыйатан, үрүҥ ас арааһын астаан, оту-маһы туһанан, эттэрин-сииннэрин ыраастаналлара, ийэ айылҕаттан күүс-уох эбинэллэрэ. Оттон аныгы үйэҕэ төрүт аспытын төһө туһанабыт? Дьиэҕэ оҥоруохха сөп дуо?

Үүт ас туһата

Хамсыыр харамай оҕотун аһатарыгар аан бастакы аһа — үүт. Айылҕа оннук айбыт. Ол иһин үүккэ элбэх белок (оҕо улаатарыгар аналлаах), аминокислота (эккэ-сииҥҥэ олус наадалаах), кальций (уҥуохха, тиискэ туһалаах), магний, калий, натрий, фосфор, дьуот, селен, хром, D, B12 битэмииннэр, о. д.а. туһалаах эттиктэр бааллар.

Үүт куртахха, оһоҕоско киирэн, аһыыбаны намтатар, быарга, үөскэ мунньуллубут токсиннары таһаарар, ыраастыыр дииллэр. Ол иһин буор-тулаах үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо хайаан да үүт иһэрдэллэр.

Үүт сыата элбэх эниэргийэни биэрэр. Белога элбэх буолан, былчыҥ үүнэригэр көмөлөһөр. Оҕо, ньирэй, кулунчук үүттэн туох баар наадалаах бэссэстибэлэрин ылан, олус түргэнник улааталлар, төлөһүйэллэр.

Үүккэ баар лактобацилла, лактококк, бифидобактыарыйалар үүт аһыыбатын (молочная кислота) оҥорон, оһоҕоско ыарыыны көбүтэр микроогранизмнары суох гыналлар. Ол иһин аһыйбыт үүт, суорат, тар, кымыс олус туһалаахтар.

Ынах үүтэ буортулаах дуо?

Билигин үүтү атыылаһарга олохтоох үүтү ылар ордук. Тоҕо диэтэр, кэлии үүккэ элбэх гормон, антибиотик баар буолуон сөп. Ньирэй түргэнник улаатарын туһугар гормону укуоллууллар, ыалдьыбатын туһугар антибиотигы биэрэллэр. Бэл, быйыл ыам ыйыгар Дьокуускайдааҕы үүт собуотун “Молочный дождик” үүтүгэр тетрациклин диэн антибиотик баарын “Россельхознадзор” управлениета булан турар.

Кэнники кэмҥэ диетологтар үүттэн аккаастанарга сүбэлииллэр. Тоҕо? Ынах үүтүгэр лактоза диэн белок баар. Сорох дьон оһоҕосторо лактозаны кыайан буһарбат буолар. Үүтү истилэр да, истэрэ үллэр, булкуллар, ыалдьар. Маннык буоллаҕына, үүтү испэт ордук.

Ону тэҥэ, нутрициологтар ынах үүтэ киһи этигэр-сиинигэр иһиини (воспаление) үөскэтэр дииллэр. Быһаарбыттарынан, ынах үүтүгэр баар бета-казеин белок А1 уонна А2 көрүҥнэргэ арахсар.

А1 көрүҥэ организмҥа иһиини таһаарар эбит. Европейскай боруода ынахтар үүттэригэр баар. Дьиктитэ диэн, Африка уонна Азия боруода ынахтарын, коза, бараан үүттэригэр суох. Ийэ үүтүгэр эмиэ суох.

Оттон А2 белоктаах үүт туох да буортута суох. Саха ынаҕын үүтэ, арааһа, бу А2 диэн белоктаах буолуохтаах. Тоҕо диэтэр, саха ынаҕа былыргы боруода буолара дакаастаммыта. Өбүгэлэрбит саха ынаҕын үүтүнэн, этинэн үрүҥ тыыннарын өллөйдөөн, тыыннаах ортохторо.

Сахалар аһыйбыт үрүҥ аһы ордук элбэхтик аһыыллара, ол иһин истэрэ-үөстэрэ, уҥуохтара чөл, бөҕө буолара. Аныгы дьон урукку ньымалары туһанан, өбүгэлэр төрүт астарын сөргүтэн, дьиэҕэ астаан, оҕолоро доруобай буолалларын хааччыйыахтарын сөп. Онуоха Иннокентий Тарбахов, Анна Бессонова, Людмила Елисеева, Матрена Матвеева төрүт үгэстэргэ олоҕурбут ырыссыаптарын таһаарабыт.

Кымыс

Биэ үүтүн 37–42 кыраадыска диэри сылытаҕыт. Хаппыт иҥиири кыра ууга (үүккэ) илитэн баран, биэ үүтүгэр угаҕыт. Үчүгэйдик булкуйаҕыт. Сылаас сиргэ 6–12 чаас көөнньөрүллэр. Саахар кутуллубат.

Ферменнээх ас буолан, кымыс ас буһарар уонна тыынар уорганнарга олус туһалаах. Кымыһынан сэллиги эмтиир сонотуоруйдар бааллар. Иһэ сырыттахха, киһи иммунитета бөҕөргүүр.

Быырпах

2 л ууга 200 мл ынах үүтүн кутан, 80–85 кыраадыска диэри сылытаҕыт. 37–42 кыраадыска диэри сойутаҕыт. 500 мл кэпиири, 100 г саахары эбэҕит, ытыйаҕыт. Ыга хаппахтаан баран, сылаас сиргэ туруораҕыт.

Иккис ньыма: 45–50 кыраадыска тиийэ сылыйбыт 4 л үүккэ 1 бааҥка сгущенканы, 500 мл кэпиири эбэн, ытыйаҕыт. Сылаас сиргэ туруоран баран, ытыйа сылдьыллар.

Үһүс ньыма: 3 л ууга ½ ыстакаан сууйуллубут риһи, 1 ыст. саахары, 2 ыст. кэпиири кутан, ытыйан баран, 8–10 чаас сылаас сиргэ (тэпилииссэҕэ) уураҕыт.

От үөрэтэ

1 л сүөгэй уутун 20 мүнүүтэ устата 65 кыраадыска тиийэ сылытаҕыт, 30 г үөрэ оту кутаҕыт, булкуйаҕыт. Сойутан баран, халадыынньыкка 6–8 чаас устата туруораҕыт.

Иккис ньыма: үүтү уонна ууну 1:1 тэҥ-тэҥҥэ кутан, оргутаҕыт, тута от үөрэтин эбэҕит. 6–9 мүнүүтэ оргуйбутун кэннэ, кыра ууга суураллыбыт 10 г бурдугу кутаҕыт. Салгыы оргутаҕыт, онтон 30–35 кыраадыска диэри сойутаҕыт. 100 мл суораты (кэпиири) кутаҕыт. Остуолга 6–8 чаас туруоран баран, сөрүүн сиргэ сойута уураҕыт.

Үөрэ от (полынь) бэс ыйыгар хомуллар. Үүт аска ураты амтаны биэрэр, битэмиининэн байытар, иһи-үөһү ыраастыыр, эмтиир.

Тар

1 л үүтү 37–42 кыраадыска диэри сылытан баран, 100 мл суораты эбэҕит. Мультиваркаҕа “йогурт” эрэсиимҥэ 3–6 чаас туруораҕыт. 50 г отону, эбэтэр, үөрэ оту кутан, булкуйаҕыт. Халадыынньыкка тымнытан баран, сиппит тары чараас гына иһиккэ кутан, тоҥороҕут.

Тарга баар бактыарыйалар оһоҕоско киирэн, ыарыыны үөскэтэр микробтар элбииллэрин тохтотоллор. Тары сахалар сүүсчэкэ киилэнэн хаһааналлара, төрүт астара этэ.

Чохоон

Үүтү икки тэҥ өлүүгэ үллэриллэр, биирэ сылаас, иккиһэ тымныы буолуохтаах. 400 г сымнаабыт ынах арыытыгар сылаас үүтү эбэҕит. Күүскэ ытыйаҕыт. Сылаас, тымныы үүтү хардарыта эбэ-эбэ, салгыы ытыйаҕыт. Сылааска убуур, тымныыга хойдор. Бу мантан чохоон көпсөркөй буолара тутулуктаах. Үүт уопсай кээмэйэ 600 мл буолар. Дьэдьэни, лэппиэскэни эбиэххэ сөп, ол көбүөр диэн буолар. Тоҥордоххо, чохоон буолар. Иһиккэ чөмчөтөн баран, тоҥоро уураҕыт.

Бутугас

1 л арыы (сүөгэй) уутун ытыйа-ытыйа оргутуллар. 40 г бурдугу булкуйа туран, буһарыллар. Саҥа оргуйан истэҕинэ, таһаарыллар, күүскэ оргутуллубат. Отону, үөрэ оту, хаппыт мундуну эбиэххэ сөп.

Унньуулалаах утах

3,2%-наах 1 л үүтү 85 кыраадыска диэри сылытаҕыт. Онтон 33–35 кыраадыска диэри сойутаҕыт. 40 мл суораты (кэпиири) уонна унньуула силиһиттэн оҥоһуллубут үрүҥ мээккэни кутаҕыт, оччоҕо үүт кисиэл курдук буолар, хойдор. 15 мүнүүтэ устата булкуйаҕыт. Дьиэ кыраадыһыгар 6–8 чаас туруораҕыт. Сөрүүн сиргэ сойутаҕыт.

Унньуула (сусак зонтичный) — бу саха “килиэбэ”. Күөл кытыытыгар үүнэр, балаҕан ыйыгар хомуллар. Силиһин хатаран баран, мээккэлээн, бурдук гынан, лэппиэскэ буһараллара.

Суорат

1 л үүтү 37–42 кыраадыска диэри сылытаҕыт. 200 г бүрүөһүнү (суораты), эбэтэр, анал бороһуогу (закваска) кутаҕыт. Тиэрмэскэ, эбэтэр, мультиварка “йогурт” эрэсиимигэр 3–4 чаас устата туруораҕыт. Сойутаҕыт.

Иккис ньыма: халыҥ түгэхтээх иһиккэ 1 л үүтү мөлтөх уокка оргутаҕыт. Ыаммытынан үүт курдук буолуор диэри сойутаҕыт. Ол кэннэ 100 мл аһыы сүөгэй кутан, күүгэн тахсыар диэри ытыйаҕыт. Ыга хаппахтаан, таҥаска суулаан баран, сылаас сиргэ ууруллар. 2–3 чааһынан хойдубутун кэннэ, сөрүүн сиргэ ууруллар. Бириэмэтин таптахха, олус үчүгэй амтаннаах, ньылбырыҥнас буолар. Хойутаатахха, ууланан хаалар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: