Салгыы
Үрүҥ эһэчээн Вилюй Екатеринбург зоопаркатыгар этэҥҥэ тиийдэ

Үрүҥ эһэчээн Вилюй Екатеринбург зоопаркатыгар этэҥҥэ тиийдэ

23.12.2024, 10:27
Хаартыска: Алексей Орлов телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Үрүҥ эһэчээн Вилюй Екатеринбург зоопаркатыгар этэҥҥэ айаннаан кэллэ, диэн Екатеринбург мээрэ Алексей Орлов бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

“Вилюй астына аҕай сылдьар. Дьиэтин көрөр-истэр, хайыы-үйэ бассейныгар сөтүөлээтэ”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир Орлов.

Арассыыйа Ураллааҕы киин куоратын 300 сылын көрсө зоопаркаҕа үрүҥ эһэлэр вольердарын өрөмүөннээбиттэр. Бэртээхэй усулуобуйаны оҥорбуттар. Билигин Хатанга диэн тыһы эһэбит чуҥкуйбута тохтуо, диэн эбэн эттэ кини. “Зоопарк кэлэктиибэ сотору кэминэн эһэлэр доҕордоһуохтара дииллэр”, — диир куорат мээрэ.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: