Үрүҥ эһэни ыраах өрүскэ үүрдүлэр
Булуҥ улууһун Уус-Өлөөн бөһүөлэгин бэс ыйыттан буулаабыт үрүҥ эһэни Өлөөн өрүһүгэр үүрдүлэр. Бу туһунан «Росприроднадзор» Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр.
Түмэт национальнай нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, адьырҕа кыыл көрүҥүнэн балтараа саастаах, тыһыта-атыыра биллибэт. Боотурҕаабат, саба түспэт эрээри, улахан адьырҕа кыыл буоларынан, дьоҥҥо, дьиэ кыылларыгар кутталы үөскэтэр. Бу күннэргэ ааспакка-арахпакка, бөһүөлэк аттыгар сырытта. Онон от ыйын 15 күнүгэр үрүҥ эһэни ыраах өрүскэ үүрдүлэр.
Манна «Усть-Ленский» судаарыстыбаннай заповедник уопуттаах егерьдэрэ кытыннылар. Балаһыанньаны «Росприроднадзор» хонтуруоллуур. Кыыл нэһилиэнньэлээх пууҥҥа төннүбэтэ буоллар диэн эрэл баар.
Үрүҥ эһэ Арассыыйа уонна Аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын сойууһун Кыһыл кинигэлэригэр киирбит кыыл буолан, бултуур көҥүллэммэт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: