«Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээл кыттыылаахтара: «Эһиги кэлэр кэскилгитинэн баайгыт»

«Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээл кыттыылаахтара: «Эһиги кэлэр кэскилгитинэн баайгыт»

13.10.2023, 14:00
Хаартыскалар: Г.Андросов тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Алтынньы 13 күнүгэр “Үрүҥ хаар алгыһа” поэзия норуоттар икки ардыларынааҕы  VII бэстибээлин тэрийээччилэр уонна ыытааччылар Өрөспүүбүлүкэтээҕи пресс-кииҥҥэ суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэни ыыттылар.

Норуоттар литератураларын, култуураларын, доҕордоһууларын сомоҕолуур бэстибээл тэрийээччилэринэн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай  университет, СӨ Тас сибээскэ министиэристибэтэ буолаллар.

Бэстибээл кыттыылаахтара бэҕэһээ ини-бии суруйааччылар Семен уонна Софрон Даниловтар дойдуларыгар Горнай улууһугар сырыыларыттан уонна инники былааннарын үллэһиннилэр.

Кыргызстан норуодунай бэйиэтэ, тылбаасчыт Кожогелды Култегин  “7” мээнэ сыыппара буолбатаҕын, кинилэр поэзия аан дойдутааҕы 7-с бэстибээлигэр кэлбит, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаевы кытары көрсөр  дьоллоох дьон эбиттэрин бэлиэтээн, кэпсэтиини саҕалаата.

Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара бэҕэһээ Горнай улууһугар сылдьан,  оҕолор поэзияҕа  кыра эрдэхтэриттэн чугастарын, ис дууһаларыттан хоһоон ааҕалларын, харахтара ырааһын-сырдыгын, аһаҕас дууһалаахтарын, сэмэйдэрин, истигэннэрин сөхпүттэрин туһунан кэпсээтилэр.  “Эһиги алмааскытынан эрэ буолбакка, инники кэскилгитинэн, дьоҥҥутунан баайгыт” диэн хас биирдии кыттааччы үөрэ-көтө хатылаан бэлиэтээтэ.

Төһө да бэстибээл ыалдьыттарын Саха сирэ үрүҥ хаарынан көрсүбэтэҕин иһин, ол оннугар  олус үчүгэй күннэр турбуттарын, бэл, айылҕаҕа сылдьан кып-кыһыл отоннор буһан туралларын көрөн сөхпүттэр.

Казах бэйиэтэ, тылбаасчыт, Аль-Фараби аатынан Казах национальнай университетын информацияҕа уонна коммунакацияҕа департаменын дириэктэрин солбуйааччы Алмат Исадилов:   «Атын дойдуларга, оннооҕор кыра бөһүөлэктэргэ дьону аралдьытар араас дьиэлэри, эргиэн кииннэрин, эрэстэрээннэри эрэ тутар буоллахтарына, эһиэхэ, бэл кыра нэһилиэктэргэ тыйаатырга холонноох култуура дьиэлэрин, оҕо бибилэтиэкэлэрин туталларын сөҕө көрдүм. Ол аата, эһиги оҕолоргутун ааҕыыга, литератураҕа кыра эрдэххититтэн сыһыарар эбиккит. Төрөөбүт тылгытын сүтэрбэт туһугар дьоһуннаах үлэни ыытаргытын көрдүбүт-иһиттибит”, — диэн махталын биллэрдэ.

Саха сириттэн сырдык эрэ өйдөбүллээх баран эрэр айар дьоммут өрөспүүбүлүкэ суолларыгар болҕомто уурулларыгар баҕа санааларын тириэртилэр.

Инникитин Саха сирин суруйааччыларын кытары өссө күүскэ үлэлэһэргэ, саха бэйиэттэрин  хоһооннорун тылбаастыырга баҕа санаалара өссө күүһүрбүтүн туһунан эттилэр уонна аҕыйах хонук иһигэр айыллан тахсыбыт хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Маннык кэмпириэнсийэлэр, көрсүһүүлэр ыытыллалларыттан кинилэргэ өссө саҥаттан сана санаалар саҕыллаллар, сонун толкуйдар киирэллэр. Ол тухары өссө да элбэҕи этэр-тыынар, санаа үллэстэр баҕа баһаамын этэн туран, “Арай, “Үрүҥ хаар алгыһа” бэстибээл сыл аайы да ыытыллара буоллар», —  диэн баҕа санаалаах баран эрэллэрин биллэрдилэр.

СӨ норуодунай бэйиэтэ  Наталья Харлампьева бэстибээл аата тоҕо «Үрүҥ хаар алгыһа» диэн ааттаммытын санатан туран, пресс-кэмпириэнсийэни  Семен Данилов хоһоонун:

Я от снега не бегу —
Я родился на снегу.
На меня струилась с неба
Благодать большого снега

Я не стыну, не немею —
Я от снега пламенею!
Я от снега не бегу —
Я родился на снегу.
Я не снежный человек,
Просто нежный человек…»

устуруокаларынан түмүктээтэ.

Бүгүн киэһэ 17.00 чаастан Өксөкүлээх Өлөксөй  аатынан Култуура  дьиэтигэр  поэзия киэһэтигэр Казахстантан, Киргизияттан, Азербайджантан, Татарстантан, Башкортостантан, Дагестантан, Москваттан кэлбит ыалдьыттарбыт кыттыахтара.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: