«Үрүҥ хаар алгыһа» бэстибээл сэттис төгүлүн ыытыллар

Share

Алтынньы 11-13 күннэригэр VII «Үрүҥ хаар алгыһа» («Благодать большого снега») норуоттар икки ардыларынааҕы поэзия бэстибээлэ буолуоҕа. Манна Москуба, Махачкала, Архангельскай, Уфа, Казань, Казахстан, Кыргызстан айар талааннаахтара кыттыахтара.

Хаартыска: СИА

«Үрүҥ хаар алгыһа» поэзия бэстибээлэ 2012 сылтан ыла икки сылга биирдэ ыытыллар. Сүрүн тэрийээччилэринэн  Саха сирин суруйааччыларын сойууһа, СӨ Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ,  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ  буолаллар.

Тэрээһин кэмигэр суруйааччылар Ил Дархан Айсен Николаевы, үөрэнээччилэри, устудьуоннары кытта көрсүһүөхтэрэ, Семен, Софрон Даниловтар төрөөбүт дойдуларыгар — Горнай улууһугар тахсан ыалдьыттыахтара, араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ  биэриилэригэр кыттыахтара,  аныгы поэзия уонна тылбаас кыһалҕатын тула төгүрүк остуолу ыытыахтара.

Бэстибээл саҕаланыыта алтынньы 11 күнүгэр киэһэ 6 чаастан «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр буолуоҕа. Оттон «Доҕордоһуу киэһэтэ» алтынньы 13 күнүгэр киэһэ 5 чаастан  Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыытыллыаҕа. 

— Бу бэстибээл саха литературатын сайдыытыгар ураты улахан суолталаах.  Буолан ааспыт алта бэстибээлгэ араас дойдулартан поэттар кэлэн кыттыбыттара. Үгүстэрин кытта ыкса сибээс олохтонон, хардарыта тылбааска кинигэ таһаарыытыгар улахан хамсааһын таҕыста.  Польша, Турция, Вьетнам, Великобритания, Сербия, Болгария, Азербайджан, Казахстан, Кыргызстан, Татарстан, Дагестан, Башкортостан, Бурятия, Тыва, Алтай поэттара кыттыбыттара. Ол курдук, бастакы бэстибээл кыттыылааҕа Польша поэта Александр Навроцкай аныгы «Саха поэзиятын антологиятын» Варшаваҕа таһаарбыта. Онтон салгыы бэстибээл кыттыылааҕа Экбер Гошалы тэрээһининэн Былатыан Ойуунускай азербайджанныы тылбаастанан, Бакуга тахсыбыта.  Эмиэ бэстибээл кыттыылааҕа Алтынай Тимирова Ойуунускайы кыргызтыы таһаартарбыта. Былырыын казахтар «Саха поэзиятын антологиятын» таһаарбыттара. Ордук кэскиллээх үлэ татаардары кытта барда – хардарыта поэзия уонна проза антологиялара  сахалыы, татаардыы таҕыстылар, билигин оҕо литературатын антологията бэлэмнэнэ сылдьар. Оттон биирдиилээн поэттар кэлбит ыалдьыттары кытта иллэһэн-доҕордоһон, араас омук тылынан тылбаастаммыттара муҥура суох элбэх. Ол түмүгэр, атын норуоттар уус тылларын, өркөн өйдөрүн, духуобунастарын түмпүт литератураны, култуураны байытыы салҕанар.

Саха суруйааччылара атын омук суруйааччыларын кытта  доҕордоһуулара – бу үтүө үгэс. Ол үйэлээх үгэһи саҥа тыыннаан, бэйэ эрэ эйгэтигэр бүкпэккэ, ыалдьыттары ыҥыран, алтыһан, айар эйгэни кэҥэтии кэскиллээх дьыала! Бастакы сыа нуолур хаарбыт сири үллүктүүр кэмигэр быйыл эмиэ ыалдьыттары кэтэһэбит.  Үрүҥ хаар алгыһынан айхаллаары… — диэн бэстибээл идиэйэтин иитиэхтээбит ийэтэ, норуодунай поэт Наталья Харлампьева этэр.

Бэстибээл ыытыллыаҕыттан поляк тылынан «Саха аныгы поэзиятын антологията», П.А. Ойуунускай азербайджан тылынан тылбаас кинигэтэ, Наталья Харлампьева уонна Евдокия Иринцеева-Огдо английскай тылынан кинигэлэрэ тахсыбыттара. Маны сэргэ саха поэзиятын турок, болгар, монгол, казах уонна кыргыс тылынан хомуурунньуктара тахсыбыттара. Бөдөҥ кинигэ таһаарааччылары, литература бэстибээллэрин уонна күрэстэрин тэрийээччилэри – Александр Навроцкайы (Польша), Марат Ахмеджановы (Великобритания), бэйиэт Экбер Гошалыны (Азербайджан) уонна да атыттары кытта ситим олохтоммута.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга орто хамнас төһө буолбутуй?

Сахастат дааннайдарынан 2024 сыл тоҕус ый түмүгүнэн Саха сирин тэрилтэлэригэр балаҕан ыйыгар орто хамнас 103,2…

2 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сирин икки оройуонугар сир хамсааһына бэлиэтэммит

Бу күннэргэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр сейсмическэй сир хамсааһына бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Геофизическай сулууспатын Саха…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мииринэйгэ итирик туруктаах суоппар «Мерседенс Бенц» массыынаны кытта харсыспыт

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 6 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит.  Киин куоракка 1993 с.т. улаханнык эчэйэн…

18 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Оҕолорго «Аптаах таас» диэн саҥа кинигэ таҕыста

 “Айыы кыһата” оскуола оҕолоро суруйааччы, суруналыыс Ангелина Васильеваны-Дайыынаны кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго аналлаах “Аптаах таас”…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ВИДЕО. Гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын үөһээ бүлүүлэр ыллылар

Ахсынньы 14-15 күннэригэр  Намнааҕы култуурунай-спортивнай комплексыгар  ыытыллыбыт сылы түмүктүүр СӨ гиирэ успуордун Федерациятын Куубагын түмүгэ…

32 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга вандаллар эмиэ сылаас тохтобулу алдьаттылар

Бу сырыыга киин куоракка вандаллар иккис төгүлүн Гагаринскай уокурукка сылаас тохтобулу алдьаппыттар. Бу туһунан ахсынньы…

40 минут ago