Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки төбөлөөх табаны тутуннулар

Share

Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр күһүҥҥү хараал кэмигэр булуллубут икки төбөлөөх табаны тутуннулар. Таба олохтоохтор уонна учуонайдар ортолоругар улахан кэпсэтиини таһаарбыта. СИА-ҕа хаһаайыстыба биригэдьиирэ Иван Туприн кэпсээбитинэн, сэтинньи 22 күнүгэр итэҕэстээх төрөөбүт кыылтан босхоломмуттар.

“Быйыл идэһэни астааһын икки күн  ыытылынна, ыстаадаттан 33 табаны тутуннубут, ол иһигэр ити икки төбөлөөх табабытын. Бу таба айах дуомнаах, ситэ сайдыбатах  төбөлөөх этэ. Атын табалартан бу дьиэгинэн эрэ атыннааҕа. Биһиги астыырбытыгар төбөтүн туспа арааран ылбыппыт. Кыыл атын чааһа туох да уратыта суоҕа”, — диир биригэдьиир Иван Туприн.

Бу иннинэ дириэктэр Роман Туприн бу чахчынан учуонайдар интэриэһиргииллэрин эппитэ.

“Тустаах иһитиннэрии тарҕаммытын кэннэ миигин кытта АГАТУ Бэтэринээрийэ мэдиссиинэтин факультетын үлэһиттэрэ кэпсэтэн, бу табаны үөрэтэн баран, салгыы чуучула оҥорор баҕалаахтарын эппиттэрэ. Хомойуох иһин, дьыала оннуттан хамсаабатаҕын иһин идэһэ кэмигэр туттарга быһаарынныбыт”, — диэбитэ Роман Туприн.

РНА СС Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр институтун табаны иитии уонна төрүт салааларга лабораториятын научнай үлэһитэ, бэтэринээрийэ наукатын дуоктара Николай Винокуров  СИА-ҕа бу аномалия биричиинэтинэн генетика өттүнэн мутация буоларын быһаарбыта

Мария Горохова

Хаартыска: СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Федерация Кубогар Уваровскай, Филиппов, Матаннанов киирсиэхтэрэ

Дьокуускайга сэтинньи 27 күнүгэр  национальнай многоборье федерациятын Кубога аан бастаан ыытыллыаҕа. Онно "Дыгын ооньууларын" сулустара…

3 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһэни, хатыыһы, чыыры көҥүлэ  суох бултаан дьыалаҕа эрилиннилэр

Кэбээйи оройуонун борокуратуурата тыатааҕыны көҥүлэ суох бултааһыҥҥа уонна  да атын буруйу оҥоруулар тустарынан холоуобунай дьыалаҕа судаарыстыбаннай…

37 минут ago
  • Сонуннар

Быйылгы навигация ситиһиилээхтик түмүктэннэ

Бүгүн Росморфлот Экспертнэй сэбиэтэ 2024 с. навигацияны түмүктүүр мунньаҕы ыытта. Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Чукотскай автономнай…

52 минуты ago
  • Култуура

Маскировочнай сиэккэлэри култуура үлэһиттэрэ быыс буллулар да баайаллар

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар "Культура на службе Отечеству"…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Защитники Отечества» пуондаҕа Юлия Белехова ыалдьыттаата

Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, "Защитники Отечества" пуондаҕа Аҕа дойдуну көмүскүүр буойуттар дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Өлүөнэ очуостарын» пааркатын камератыгар — бөрө оҕолоро

"Өлүөнэ очуостара" айылҕа национальнай пааркатыгар Куччугуй-Үрэх диэн сиргэ баар фотоловушкаҕа  бу саас  төрөөбүт бөрө оҕолоро …

1 час ago