Үрүҥ көмүс сыабы былдьаан
Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат биир уулуссатыгар киһиттэн үрүҥ көмүс сыапачыкатын былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Эмсэҕэлээччи билбэт киһитэ үрүҥ көмүс сыапачыкатын тоҕо тардан баран куоппутун туһунан эппит. Суһал ирдиир үлэ түмүгүнэн, холуобунай дьыала үлэһиттэрэ урут сууттана сылдьыбыт 26 саастаах киһи буоларын быһаарбыттар.
Быһаарыллыбытынан, эмсэҕэлээччи уонна уорбаланааччы түүҥҥү аралдьытар сиргэ тус-туһунан хампаанньанан сылдьыбыттар. Уулуссаҕа бу дьоннор тыл-тылларыгар киирсибэтэхтэр, ол түмүгэр бу 26 саастаах киһи эмсэҕэлээччиттэн кэтэ сылдьар сыапачыкатын тоҕо тардан баран куоппут.
Үрүҥ көмүс сыапачыка төннөрүллүбүт. РФ холуобунай кодексатын «Грабеж» 161 ыст. 1 ч.холуобунай дьыала тэриллибит.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: