«Үрүҥ көмүс» волонтердар бааллара буолла
Муус устар саҥатыгар Дьокуускайга «үрүҥ көмүс» волонтердар бааллара буолла. Баалга 159 үрүҥ көмүс волонтер кытынна.
Кинилэр анаан-минээн Абый, Алдан, Нам, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Усуйаана, Өймөкөөн, Чурапчы, Сунтаар, Ньурба, Уус Алдан, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай улуустарыттан кэлбиттэр.
«Үрүҥ көмүс» волонтердар — бу сааһырбыт эрээри, эдэрдии дууһалаах, эрчимнээх, көхтөөх, дьоҥҥо көмөлөһөр баҕалаах дьон. Кинилэр тулалыыр эйгэлэрин киэргэтэллэр, сырдаталлар, үтүө дьыаланы үксэтэллэр. Бииргэ түмүстэхтэринэ, биир сыаллаах-соруктаах буоллахтарына, өссө элбэҕи ситиһэллэр.
Баалга 2023 сыл түмүктэрин таһаардылар, бастыҥ үлэлээх волонтердары, түмсүүлэри, бырайыактары бэлиэтээтилэр. Маны тэҥэ, 50-тан тахса сыл олорбут, көхтөөх пааралары чиэстээтилэр. Манна бальнай үҥкүүлэргэ эргичийэ тэлээрдилэр, ыллаан да эйээрдилэр. Көрүөххэ кэрэ!
Баал кэмигэр «үрүҥ көмүс» волонтердар Саха сириттэн сылдьар, Хабаровскай куорат госпиталларыгар эмтэнэ сытар байыастарга анаан 70 тыһыынча солкуобайы хомуйдулар диэн үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: