«Үрүҥ көмүс» волонтердар көрүстүлэр

Share

Дьокуускайга Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр Арассыыйаҕа доброволецтар күннэринэн, «үрүҥ көмүс» волонтердар көрсүһүүлэрэ буолла.  Тэрээһиҥҥэ 12 улуустан, 14 нэһилиэктэн уопсайа 130 көхтөөх волонтер кытынна.

Көрсүһүү түһүлгэтигэр мустубут ыалдьыттарга СӨ доброволецтарын ресурснай киинин салайар  Айыллаан Васильевич Винокуров эҕэрдэтин тиэртэ, дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан өйдөбүнньүк бэлиэлэри туттарда.

Бу күн «үрүҥ көмүс» волонтердар Катакова Евдокия Петровна салайыытынан тиһиктээхтик үлэлиир «Радуга добра» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак иитинэн,  байыастарга көмөлөһөргө анаан 44 000 солк. сууманы хомуйдулар, угунньалары баайан бэлэмнээтилэр. Маны таһынан, кинилэр «Торопыжкам с любовью» Бүтүн Арассыыйатааҕы үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһаллар, итэҕэс төрөөбүт оҕолорго бэйэлэрэ бэлэмнээбит пинеткаларын, наскыларын уонна массаастыыр пеленкалары ыыталлар.

Хаартыска: Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба кииниттэн

Көрсүһүү олус сэргэх буолла. Саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри «үрүҥ көмүс» волонтердар ырыалара-тойуктара дьиэрэйэн олордо, үҥкүүлэрэ-битиилэрэ тэтимирэн истэ. Ю.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр «Космос» айар кэлэктиибэ иккис сылын босхо бырааһынньык эйгэтин олус үчүгэйдик тэрийэр. Кэлэктиипкэ уонна дириэктэр Евдокия Петровна Винокуроваҕа өрөспүүбүлүкэ «үрүҥ көмүс» волонтердарыгар «Көрсүһүү биэчэрин» истиҥник, үрдүк таһымнаахтык тэрийбиттэригэр махтанабыт.

Хаартыскалар: Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба кииниттэн

Ю.А.Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинэ

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла

Усуйаана Туматыгар «Битва шефов» ыытылынна

Усуйаана улууһун Тумат нэһилиэгэр олус сэргэхтик олороллор. Бу сотрутааҕыта "Түмсүү" култуура дьиэтигэр асчыттарга аналлаах "Битва…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Быыпыска туохха нааданый?

-- Хамсаабат баай-дуол биир кэлим судаарыстыбаннай реестриттэн (ЕГРН) быыпыска туохха нааданый? Ыйытыыга “Роскадастр” публичнай-правовой хампаанньа…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөхүмэҕэ хочуолунай машиниһа ыалы баһаартан быыһаата

Өлүөхүмэҕэ бу сыл сэтинньи 12 күнүгэр 23:30 чааска хочуолунай машиниһа Антон Крупенков ыаллыы турар дьиэ…

27 минут ago
  • Сонуннар

Тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин бэрээдэктээһин туһунан сокуоҥҥа уларытыылар киирдилэр

Ил Түмэн онус уочараттаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сирдэр үүнүүнү…

43 минуты ago
  • Сонуннар

Вывескалар, докумуоннар икки тылынан суруллуута чуолкайданна

Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар СӨ Тыл туһунан сокуоҥҥа чуолкайдыыр уларытыылары киллэриигэ сокуон барыла…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр арыгы бородууксуйатын атыыта эбии хааччахтаныа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар иккис уонна бүтэһиктээх ааҕыыга өрөспүүбүлүкэҕэ  арыгыны атыылааһыныгар…

49 минут ago