Ахсынньы 2-6 күннэригэр Дьокуускайга «Үрүҥ тугутчаан» диэн оҕо, ыччат ускуустубатын бэстибээлэ аан бастаан ыытыллар. Бэстибээл биэс хайысханан үлэлиир: муусука, тыйаатыр, хореография, уруһуй, киинэ ускуустубалара. Маны тэҥэ, маастар-кылаастар, «төгүрүк остуол», уо.д.а. буолуохтара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ тэрийээччилэр пресс-кэмпириэнсийэни ыыттылар.
Марина Силина, култуура, духуобунай сайдыы миниистирин солбуйааччы:
— Маннык бэстибээл аан бастакытын ыытыллар. Бу биһиги кыра дельфийскэй оонньууларбыт диэххэ сөп. Күрэхтэһиилэр эрэ буолбакка, маастар кылаастар, айар династиялары кытта көрсүһүүлэр ыытыллыахтара. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, »Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.
Оксана Михайлова, »Движение первых» оҕо, ыччат хамсааһынын бэрэссэдээтэлэ:
— Бэстибээл сүрүн идиэйэтэ талааннаах оҕолору сомоҕолооһун буолар. Дьоҕурдаах, дьарыктаах оҕо кэрэҕэ талаһар, куһаҕаҥҥа умньаммат. Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын, үгэстэрин иҥэринэллэр. Биһиги хамсааһыммыт бу бэстибээлгэ кыттыһарыттан олус үөрэбит. Настаабынньыктары, педагогтары кытта үлэлиибит. Бастаан улуустарга талааннары көрүү түһүмэҕин ыыппыппыт. Атырдьах ыйыттан 36 улууска, куоракка муниципальнай түһүмэхтэр ыытылыннылар.
Дария Дмитриева, А., Н. Посельскайдар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балетнай оскуола дириэктэрэ:
— Бэстибээл Дьиэ кэргэн, Оҕо саас, Оҕо тыйаатырга ускуустубатын сылларыгар ананар эрэ буолбатах, Аксиния Посельская 100 сыллаах үбүлүөйүгэр эмиэ ананар. Ыччат, инновация министиэристибэлэрэ, »Юные якутяне» пуонда, Дьокуускай куорат дьаһалтата, бары тыйаатырдар, айар сойуустар кыттыһаллар. 6-тан 26-гар диэри саастаах оҕолор, ыччаттар кытталлар. Финалга 1 тыһыынча кэриҥэ оҕо ааста, кэтэхтэн эмиэ 1 тыһыынчаттан тахса оҕо кытынна. Барыта 38 эспиэр үлэлиир. Бэстибээл икки сылга биирдэ ыытыллыаҕа. Уһук Илин эрэгийиэннэрэ интэриэһиргээтилэр, онон кэҥиир кэскиллээх.
Татьяна Данилова, уус-уран хайысхалаах федеральнай ресурснай киин салайааччыта, бэстибээл эспиэрэ:
— «Үрүҥ тугутчаан» бэстибээл кыттааччыта элбэҕинэн уонна элбэх хайысхалааҕынан сөхтөрөр. Аны туран, оҕо дьоҕурун көрүү эрэ буолбатах, үөрэтэр хайысхалаах. 38 эспиэр бары үөрэтэр маастар-кылаастары ыытыахтара. Онон бу ураты бэстибээл буолар. Саха сирэ биэдэмэстибэлэр бииргэ үлэлэһиилэригэр, талааннаах оҕолору салгыы сайыннарарга туһуламмыт ситимнээх үлэҕэ үгүс эрэгийиэннэргэ холобур буолар. Онон бу бэстибээл Арассыыйаҕа биллэр-көстөр тэрээһин буолар, салгыы Саха сирин уопутун туһаныахтара. Холобур, «Музыка для всех» бырагыраама федеральнай суолталаныаҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын биллэрбиттэрэ мээнэҕэ буолбатах эбит диэн өйдөөтүм. Мин бу сырыыбар педагогтарга үлэ ыытан, уопут үллэстиэм.
Саха сиригэр үөрэҕирии эйгэтигэр Оҕо тыйаатырга ускуустубатын сылынан биллэриллибитэ мээнэҕэ буолбатах. Хас оскуола аайы оҕо тыйаатырдара, түмэллэрэ, хуордара арыллан, үлэлииллэр. Бу барыта оҕо дьоҕурун сайыннарар, дьарыктыыр сыаллаах.
Бэстибээл үөрүүлээх аһыллыыта ахсынньы 2 күнүгэр Дьокускайдааҕы балетнай оскуолаҕа буолуоҕа. Сүрүн тэрээһиннэрэ — кэнсиэртэр, тыйаатыр туруоруулара Саха тыйаатырыгар, култуура-ускуустуба кэллиэһигэр, художественнай училищеҕа, музыкальнай кэллиэскэ буолуохтара. Түмүгү таһаарыы ахсынньы 6 күнүгэр Оҕо айымньытын дьиэтигэр тахсыаҕа. Бэстибээл кэмигэр аан аһаҕас, ким баҕарар сылдьыан сөп.
«Үрүҥ тугутчаан» — сэдэх дьүһүннээх тугут хоту дойду талааннаах оҕолорун бэлиэтэ буолар.
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…
Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…
Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…
Таатта улууһугар хочуолунай үлэһитэ эчэйии ылбытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин…