Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕа аһылынна

Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕа аһылынна

01.07.2023, 13:34
Хаартыск: Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Олоҥхо — саха норуотун тылынан ускуустубатын муҥутуур чыпчаала. Бу улуукан айымньыга аналлаах бырааһынньык аан бастаан 2006 сыллаахха тэриллибитэ, онтон ыла Олоҥхо ыһыаҕа өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыгар ыһыллар үтүө үгэскэ кубулуйда.

Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо XVI ыһыаҕын өрөгөйдөөх сиэрэ-туома Томтор сэлиэнньэтигэр «Көмүс күрүө» этнокомплекска  Олоҥхо тыйаатырын «Дугуйа Бөҕө» дьүһүйүүтүнэн аһылынна. Режиссер — Андрей Борисов, сценарист — Майя Власьева.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэлбит сүдү айымньыбытыгар норуоппут үйэлэргэ умнуллубат кэриэһэ, литэрэтиирэтэ, устуоруйата иҥэн сылдьар. Олоҥхоҕо сырдык күүс хара дьайы кыайыыта, холооно суох хорсун быһыы, киһи санаатын күүһүгэр эрэнии, кыраны-кыамматы көмүскүүр аһыныгас майгы-сигили хоһуллар.

Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ, ыһыах ыалдьыттара 1 гильдиялаах атыыһыт Николай Кривошапкиҥҥа, саха духуобунаһын сирдьитэ Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйгө, кини ытык сэргэтигэр, Өймөкөөн сирин дьиктилээх күүһүн — барытын түмэр сиргэ сүгүрүйэ муһуннулар.

Өймөкөөн саха төрүт дьарыгын сылгыны иитии дойдута буоларынан, ыһыахха Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү, сылгыны иитии ураты култуурата көһүннэ.

Ыһыах Ытык Дуоланын көтөҕүү сиэригэр-туомугар Ил Дархан Айсен Николаев, саха сылгытын аар саарга аатырдыбыт Дугуйдаан Винокуров, Эльбрус чыпчаалыгар сахалартан аан бастаан дьулуурдаахтык тахсыбыт Евгений Кривошапкин ыҥырыллыннылар.

Айсен Николаев уонна СӨ Сударыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков эҕэрдэлээтилэр.

«Олоҥхо ыһыаҕа түстэнэр Томтор сирэ маннык чулуу олоҥхолооҕунан, дойдуга барытыгар олоҥхобут ыһыаҕынан киэн туттабыт. Биһиги олоҥхобутугар саха олоҕун философията барыта баар, билигин Арассыыйа көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбыт бүгүн этиллибит Алгыс көмөтүнэн дойдуларыгар доруобай, этэҥҥэ эргилиннининнэр. Бүгүн Томторго буола турар ыһыах сүрдээх уратылаах. Саха сирин, Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ хайдахтаах курдук олоххо тардыһалларын, айылҕаны кытта биир ситим буолан олороллорун көрдөрөр. Ис сүрэхпиттэн махтаныам этэ: ырааҕы ыраах диэбэккэ, ыараханы ыарахан диэбэккэ ыһыаҕы тэрийбит бар дьоммор» — диэн Айсен Николаев эҕэрдэтин тириэртэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: