Салгыы
Ырыынакка «Натааһа» сыаната төһөнүй?

Ырыынакка «Натааһа» сыаната төһөнүй?

Ааптар:
20.11.2022, 17:00
Бөлөххө киир:

Халлааммыт лаппа тымныйан, киин куорат  үгүс олохтоохторо тимир көлөлөрүн гарааска хоннороллор. Сорох дьон «Натааһа» диэн портативнай гарааһынан хото туһанар буоллулар.

Онон  «Натааһаларын» массыыналарын үрдүгэр ууруна сылдьан, дьиэлэригэр, үлэлэригэр кэллилэр эрэ онтуларынан бүрүйэллэр. Аҕыйах сыллааҕыта диэри маннык портативнай гараастар ботуччу соҕус сыаналаах этилэр. Эбиитин  атын эрэгийиэннэртэн сакаастаан атыылаһарбыт.

Бүгүн «Столичнай» ырыынакка бара сылдьан «Натааһа» сыанатын сурастым. Былырыыҥҥа диэри биир эмит атыыһыт  «суорҕан» гарааһы атыылыыр эбит буоллаҕына, быйыл элбээбит.

«Витс» массыынаҕа сөптөөх гарааһы 6 тыһыынча солкуобайга, оттон «Ипсумҥа» 6,5 тыһыынча солкуобайга атыылыыллар. «Хайс» микрооптуобуска сөптөөх гараас эмиэ баар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: