Салгыы
Үс дойду ытык иһитэ – сарсыҥҥылаах

Үс дойду ытык иһитэ – сарсыҥҥылаах

03.08.2024, 08:00
ааптар түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Быйыл Амма улууһугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Уус Алдан улууһун сатабыллаахтара – уустар, иистэнньэҥнэр айар үлэ араас күрэстэригэр бириистээх миэстэлэргэ тиксэн, төрөөбүт дойдуларын аатын дорҕоонноохтук ааттаттылар.

Бүгүн маһы ыллатан, чо­­роон арааһын оҥорон таһаарар, быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар “Үс дойду ытык иһитэ” чо­­роон түһүлгэтигэр бастаан, 100 тыһыынча солкуобайдаах сэртипикээтинэн бэлиэтэммит Уус Алдан улууһун киэн туттар мас ууһа, СӨ норуотун маастара Мичил  Бурцев – “Саха сирэ” хаһыат ыалдьыта.

Утум салҕанар

– Мичил Николаевич, хаһааҥҥыттан ыла чо­­роону оҥоруунан умсугу­йан дьарыктанар буолбуккунуй?

– 22 сааспыттан уһанан саҕалаабытым. Аармыйаттан кэлэн баран, олоҕу көрүүм, анаарыым уларыйан, тугу эрэ айыахпын-уһаныахпын баҕарар буолбутум. Оччолорго нэһилиэкпитигэр Владимир Егоров диэн мас ууһун чорооннорун көрөн, ымсыыра саныырым. Кини “Сардаанаҕа” үлэлээбит буолан, идэтийбит уус этэ.  Онуоха эбии өбүгэм хаана да тардара буолуо. Аҕам аҕата, мин эһээм, улахан мас ууһа эбитэ үһү. Аҕам эмиэ уһаныа эбитэ буолуо да, үлэ учуутала буолан, оскуола быраагырааматынан хааччахтанан хаалан, уһанарыгар бириэмэтэ да суоҕа.

Быыстапка ууһу хамсатар

– Быыстапкаларга үлэлэргинэн кыттарыҥ чуол­кай.

– Аан бастакы быыстапкам – 1995 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт мас оҥоһугун күрэһэ. Онно Чараҥ оскуолатыгар үлэлии сылдьан, оҕолорбун ыыппытым. Ситиһиилэнэн, номинацияларынан бэлиэ­тэнэн, үөрэн аҕай кэлбиттэрэ. Онно эрдийэ түспүтүм – быыстапка үлэ түмүгүн чаҕылхайдык көрдөрөр эбит диэн. Онтон 2006 сыллаахха Дьокуускай ыһыаҕар уонча норуот маастардарын “Чороон тойуга” быыстапка-күрэһигэр кыттыбытым. Онно 3-с миэстэ буолбутум. “Ааттаах-суоллаах маастардары кытта аатым ааттанар таһымыгар тахсыахха сөп эбит” диэн эр ылан, маастарыстыбабын чочуйан барбытым. Оччолорго Намҥа педкэл­лиэскэ үлэлиир этим. Чороон оҥоруохха сөп хатыҥнар дьэ онно бааллар. Матырыйаал буолунай.

Айылҕа ууһу бэйэтэ сирдиир

– Үлэлиир матыры­йаалгын буларгар, биир маһы олоччу кэрдэр түбэл­тэҕэр, сиэри-туому туту­һар аҕай буоллаҕыҥ?

– Бастаан саҕалыырбар Нам төрүт олохтооҕо ытык кырдьаҕаһы кытта сүбэлэспитим. Онно кини “Эһиги, мас уустара, Үөһээ Айыылартан ананан кэлбит дьоҥҥут. Ураты айылгылааххыт. Көннөрү киһи силигилии үүнэн турар маһы кэрдэрэ – ол аньыылаах-сэттээх. Оттон эһиги бу маһынан саха былыргы иһитин оҥорон үйэтитэҕит. Онон Ийэ Айылҕа эһиги талбыт маскытыгар бэ­­йэтэ сирдээн аҕалар”, – диэбитэ.

Ону тэҥэ эбии матыры­йаал быһыытынан, “Чороон XXI үйэ” тэрилтэ Москва аннынааҕы бөһүөлэктэр ойуурдарыттан аҕалбыт хатыҥнарын атыылаан, маастардары абы­раан тураллар.

Чороон биэбэйи эрэйэр

– Матырыйаалгын ин­чэ­ҕэйдии тута туһанарыҥ буолуо?

– Оннук. Чочуйан оҥорон таһааран баран куурдарыҥ – ол үлэлээх. Чороон бэйэтин эпиил­кэтигэр сытыаран сыыйа куурдабын. Аны сотору-сотору көрө сылдьан, эпиилкэҕин сахсыйан биэрэ сылдьаҕын. Сииги тардан ылар буолан, биир тэҥник сахсатан биэриэххин наада. Улахан чороон  нэдиэлэттэн ордук куурар. Ити курдук биэбэйдээн куурдан баран, дьэ оһуорга ылсаҕын. Оһуор оҥорор тэрил үгүс буолан, туох да уустуга суох эрээри, ымпыга-чымпыга үгүс. Онон саамай бириэмэни эрэйэр үлэтэ – оһуо­ру кыһыы.

Айар үлэ алыба

– Оннук өр үлэлээн, сылайбаккын, салгыбаккын, биирдэ да сүрэҕэлдьээбэккин дуо?

– Айар үлэ буоллаҕа дии. Ылларан хаалан, тугу барытын умнаҕын эбээт. Сайыҥҥы кэмҥэ саамай уһаабыта ый курдук сынньана түһэҕин. Дьэ, онтон эмиэ кыдьыгыран бараҕын ээ.  Баар баарын биллэрэр. Санааҥ-онооҥ барыта чорооҥҥор иэҕиллэ турар. Онтон өр барбаккын, соҕотуопкалаабыт чороонноргун тутан олорор буолаҕын. Утуйар уугун умнан үлэлээн бардаҕыҥ ол…

Тааттаҕа, Мандарга

– Амма кэнниттэн чороонньуттар сиэт­тис­питинэн аны Таат­талаабыт этигит дии?

– Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн чороон оҥорор мас уустара Тааттаҕа Мандар Ууска анаан баран, көрсөн, санаа атастаһан кэлбиппит. Таарыйа Ытык Күөл Хадаайытыгар сылдьан, уу саха тыынын салгынын эҕирийдибит. Саамай кэрэхсии да, соһуйа да көрбүппүт – саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын төрүттээччи, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, сырдатааччы, чинчийээччи Иван Попов олорбут балаҕана олох бэйэтинэн Ытык Күөл ортотугар аймахтарын уһаайбаларыгар турара. Туруга олох үчүгэй. Онон улуу киһи сыдьааннарыгар саха аатырбыт худуо­һунньугун дьиэтин көрөн-истэн, 21-с үйэҕэ диэри тиэрдибиттэригэр барҕа махталбытын тиэртибит. Бары да Иван Попов сыдьааннара буолан, бэл, тас көрүҥнүүн киниэ­хэ майгынныыллар.

Чороонньуттар аны – биир сомоҕолор

– Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн чороонньуттар биир ситим буоллугут быһыылаах. Тэрээһин кэнниттэн сылааһына Мандар Ууска тиийиигит да ону туоһулуур.

– Салайааччыбыт “Чороон XXI үйэ” тэрилтэ хотуна Софья Попова уонна чороон­ньут Афанасий Лопатин көҕүлээһиннэринэн ахсыа буолан сырыттыбыт. Софья Трофимовна Олоҥхо ыһыаҕар анаан туруорсан, быйыл аан бастаан “Үс дойду ытык иһитэ” диэн чороон түһүлгэтин тэрийбитэ. Кини биир дойдулаахтара, аммалар, ону өйөөн, икки күнү быһа чороонньуттар күннээтибит. Онон үлэбитин салгыыр, тохтоон хаалбат инниттэн Софья Попова көҕүлээһининэн торумнаабыт былааммыт өссө да үгүс.

Ыччакка үйэтитиллэр

– Чороонноруҥ ахсаана элбээтэҕэ. Үксэ сакаастанан, атыыга барара буолуо? Сыаната да ботуччу ини.

– Уопсайа отучча буолла. Ол эрээри сакаас киирэрэ элбээн, үксүгэр атыыга барар. Киһи үөрүөҕэ, кэлиҥҥи кэмҥэ чороон суолтатын дьон наһаа өйдүүр буолбут. Сакаастарын төрүөтэ – оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үйэтитээри гынабыт диэн. Сүрүннээн 40-45 саастаах дьон сакаастыыллар. Ити олус бэрт көстүү. Сыаната илиинэн үлэ буолан, эппиэттэһэр. Холобура, 50 см чороон – 50 тыһыынча солкуобай.

Хатырык кырааската – өбүгэ ньымата

– Биир чорооҥҥо төһө өр бириэмэ барарый? Туох кыраасканы туттаҕыный?

– Үс-түөрт күнүнэн бүтэрэбин. Сүрүннээн ойуутун түһэрии бириэмэни эрэйэр. 50 см улахан чорооҥҥо биэс күммүн барыыбын. Кырааската өбүгэ саҕаттан туттуллар ньыма – оргуйбут хатырык уута. Эргэ хатырык хараҥа өҥнөөх буолар, оттон саҥа хомуллубут сибиэһэй хатырык кыһыллыҥы өҥнөөх. Хатырыгы уу эбэ-эбэ 4-5 чаас оргутаҕын.

… Ити курдук, норуот маастара, чороонньут Мичил Бурцев саха киһитин ытык иһитин үйэтитэр соруктаах буолан, өбүгэ саҕаттан кэлбит чорооммут кэскилэ – сарсыҥҥылаах.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 93% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: