Үс эрэгийиэн Арктика сайдыытыгар бииргэ үлэлэһэр

Share

IV Хотугу сир туруктаах сайдыытын пуорумун пленарнай мунньаҕын түмүгүнэн үс эрэгийиэн баһылыктара санааларын эттилэр.

Уһук хоту сытар үс эрэгийиэн кыһалҕата биир – Арктика сайдыыта, онно олохтоох дьон олоҕо, энергетика, айылҕа харыстабыла. Пуорумҥа аан дойду ааттаахтарын кытары сөптөөх хайысхалары көрүү, дьүүллэһии – улахан кыахтары биэриэҕин үгүстүк бэлиэтээтилэр.

«Бүгүн Арктикаҕа бииргэ үлэлээһин суолтата олус улахан уонна наадалаах. Бу бүгүн мустубут үс эрэгийиэн туһалаах сиртэн хостонор баайы хостооһуҥҥа Арассыыйаҕа биэс иһигэр киирэр уонна биһиги бииргэ үлэлээһиммититтэн дойду экэнэмиичэскэй кыаҕа онтон улахан тутулуктаах. Айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар, хотугу төрүт олохтоох норуоттар олохторун-дьаһахтарын сайыннарарга кыахпытын түмэн, бары бииргэ үлэлиирбит көдьүүстээх. Хотугу сир туруктаах сайдыытын пуорума бүгүн туспа үрдүк суолталаах экспертнэй быласаакка буоларын көрдөрдө. Аан дойду сааҥсыйатын аахсыбакка, бу пуорумҥа 10 дойду кытынна. Кыттааччылар үрдүк сыанабыллара санаабытыгар күүс эптэ», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ.

Ханты-Мансийскай автономнай уокурук губернатора Наталья Комарова: «Хотугу пуорум – бу бииргэ үлэлээһин көдьүүһүн үрдэтэр хайысха. Ыаллыы сытар эрэгийиэн буоламмыт, сайдыы тосхоллорун бииргэ толкуйдаан, бэйэ-бэйэбитин эбэн-ситэрсэн оҥорорбут кэскиллээх буолара саарбаҕа суох. Биһиги эрэгийиэммит айылҕа харыстабылын хайысхатыгар элбэх ураты интэриэһинэй бырайыактардаахпыт. Олор Хотугу пуорум иитинэн бараллар», – диэн санаатын үллэһиннэ.

«Биһиги эрэгийиэннэрбит уруккуттан доҕордоһоллор уонна үлэбит түмүктээх буолар. Бырайыактарбыт бары бырамыысыланнас уонна нэһилиэнньэҕэ ананан оҥоһуллаллар. Билиҥҥи балаһыанньаны аахсыбакка, баар кыахтарбытын сөпкө туһанан Хотугу пуорум ылыммыт соруктарынан, бииргэ үлэлээн, Арктическай технологияларга научнай кииннэрбитин кытары сөптөөх быһаарыныылары ылынан, үлэбит көдьүүстээх буолуо», – диэн эттэ Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук губернатора Дмитрий Артюхов.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыла моһоллору көрсөр

Омугуттан тутулуга суох бэйэ төрөөбүт тылын билии — олох сүрүн ирдэбилэ. Ааһа баран, элбэх тылы…

19 минут ago
  • Сонуннар

Дьокуускайга баһаарга икки дьахтар эмсэҕэлээбит

Өрөбүл сарсыарда Дьокуускайга Каландаришвили уулуссаҕа турар икки этээстээх олорор дьиэҕэ баһаар тахсыбыт. Быһылаан тахсыбыт сириттэн…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ТУСКАР ТУҺАН: Кыһын үүнээйи сэбирдэҕэ саһарар буоллаҕына…

Кыһын дьиэ үүнээйилэрэ мэлдьи эрэйдэнэллэр, сэбирдэхтэрэ саһарар уонна түһэр диэн «Ученый агроном» ханаал ааптара суруйар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин оруолун үрдэтиэхтэрэ

Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин оскуолаларын ситимин сайыннарыы боппуруостарыгар мунньах ыытта. Көрсүһүүгэ бэрэсидьиэн оскуолаларын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата
  • Уопсастыба

“Чысхаан” сылгыһыта Егор Турпанов

Кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылы көрсө Үрүҥ Айыы сылынан (Кытай халандаарынан – Кыһыл ат сыла)…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк

Дьуһуурунай борокуруор: Дьокуускайга эр киһи быһаҕынан анньыллыбыт

Саха сиригэр суукка иһигэр буруйу оҥоруу туһунан икки иһитиннэрии бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.…

3 часа ago