Үс Хатыҥ: ат сүүрдүүтүн бастакы күнүн түмүктэрэ
Бэс ыйын 24 күнүгэр күүтүүлээх Туймаада ыһыаҕа аһыллан, дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанна. Киэһэлик И.С. Свинобоев-Тыыннаахап аатынан «Дьөһөгөй» ипподромҥа сыл ахсын ыытыллар ат сүүрдүүтэ буолла.
Үс Хатыҥ бирииһигэр 2400 миэтэрэҕэ 3 ат бастыыр иһин илин-кэлин түһүстүлэр. Бириис уопсай пуондата – 150 тыһ. солк. Манна биэтэккэ бастакынан Таатта улууһун ата Голд Фарт кэллэ.
1800 м дистанцияҕа В.Ф. Кабохин бирииһигэр Саха сиригэр төрөөбүт 3 саастарыттан үөһээ саастаах ыраас хааннаах 7 ат кииристилэр. Бириис уопсай пуондата – 500 тыһ.солк. Манна бастакынан Мэҥэ Хаҥаластан Кылаана Куо инники кэлэн, 250 тыһ. солк. наҕараадаланна.
4800 миэтэрэҕэ Дьокуускай куорат баһылыгын бирииһигэр 13 саха ата сүүрдэ. Бириис уопсай пуондата — 1,5 мөл.солк. Бастакы миэстэни Амматтан Буойун инники кэлэн, 500 тыһ.солк. наҕараадаланна.
3200 миэтэрэҕэ Туймаада хочотун бирииһигэр уопсайа 200 тыһ.солк. туруорулунна. Бу сүүрүүгэ бастакы миэстэни А.А. Бояров хаһаайыннаах Хабиб ылла.
1600 м дистанцияҕа 8 ат сүүрэн, бастакы миэстэни Мэҥэ Хаҥаластаны Таймыын ылла.
Диана Новгородова
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: