Үс Хатыҥҥа диэри өрүһүнэн айаннаан тиийиэххэ сөп
Бэс ыйын 29-30 күннэригэр Туймаада ыһыаҕа буолар. Үгэс курдук, ыһыахха барарга суолга массыына бөҕө хаайтарар. Оттон Үс Хатыҥҥа диэри өрүһүнэн түргэнник айаннаан тиийиэххитин баҕарбаккыт дуо?
Ыһыахха тиийэргэ 203-с түөлбэттэн Жатайга диэри салгын олбохтоох аалларынан айанныахха сөп. «Ленатурфлот» атыыга отделын начаалынньыга Николай Баягантаев этэринэн, Жатайга диэри өрүһүнэн 30 мүнүүтэ айаннаан тиийэҕин.
— Субуотаҕа бастакы сырыыбыт сарсыарда 8 чааска буолуоҕа. «Парус» олорор дьиэ аттыттан 15 киһини олордор ааллар хоҥнуохтара. Чаас аҥаара айаннаан, Жатайга тиийэллэр. Айан сыаната — 1500 солкуобай. Баҕалаах элбэх буоллаҕына, икки суудунаны таһаарыахпыт. Жатайтан Үс Хатыҥҥа диэри илдьэр оптуобустар баар буолуохтара. Жатайтан барарга суолга харгыс суох. Оптуобуска туспа төлүүгүн. 200 солкуобайга диэн дуогабардаһа сатыахпыт, — диэн Николай Баягантаев СИА-ҕа кэпсээтэ.
Төттөрү куоракка төннөргө эмиэ маннык кэлиэххэ сөп. Салгын олбохтоох ааллар сарсыарда 8 чаастан киэһэ 8 чааска диэри, балтараа чаас буол-буола сылдьыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: