«Үс хатыҥҥа» куорат дьаһалтата суруналыыстарга түһүлгэ анаата (видео)
Олус элбэх суолталаах тэрээһиннээх бэс ыйа түмүктэнэн, өҥүрүк куйаастаах от ыйыгар үктэннибит.
Бэс ыйыгар быйылгы курдук элбэх улахан тэрээһин утуу-субуу буолан ааспытын өйдөөбөппүн. Онон үгүс суруналыыс сынньанар бокуойу умуннубут диэххэ сөп.
Суруналыыска үлэлиир усулуобуйата хайдах тэриллэриттэн үлэтэ тахсыылаах буолар. Арааһа, бэйэтэ айар үлэһит буолан буолуо, Дьокуускай куорат мээрийэтин пресс-сулууспатын салайааччыта Любовь Сыроватская суруналыыстар үлэлиир усулуобуйаларын үчүгэйдик тэрийэр. Сайын аайы Туймаада ыһыаҕын курдук улахан тэрээһини сырдатар суруналыыстар «Үс Хатыҥҥа» дойдубутугар кэлэр курдук сананан үлэлиибит.
Манна икки күнү быһа сылаас чэй, кофе, үссэнэр бутерброд өрүү баар. Үлэлиир остуол, олоппос, тэрил, ноутбук, вай-фай — этэ да барбаккын.
Ол эрэ буолбатах, киэҥ-куоҥ шатер-балааккаҕа үрдэриллэр уонча дьыбааҥҥа сынньана түһэн, кэллиэгэлэргин кытта кэпсэтэн баран, эмиэ үлэлии ойоҕун.
Былырыыҥҥыттан мээрийэ пресс-сулууспата туруорсан, суруналыыстар бэйэбит түһүлгэлэнэн абыранныбыт.
Быйыл манна душ, туалет баар буолбут, саҥа тутуу сыыйа элбээн эрэр.
«Эһиил сөрүүкүүр, үлэлиир улахан ураһа туттарыахпыт, кэнэҕэс балаҕаннаах да буолуохпут«, — диэн Любовь Сыроватская санаатын үллэстэр.
Онон суруналыыска төһөнөн үлэлиир усулуобуйа тэриллэр да, ону киниэхэ улахан болҕомто ууруллар курдук ылынан, бэйэтин үлэтинэн эппиэттэһэр — элбэҕи сырдатар, суруйар, тарҕатар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: