Үс игирэ оҕо – үс төгүл үөрүү

Share

Бэҕэһээ, сэтинньи 17 күнүгэр, үс игирэчээннээх Васильевтар дьиэ кэргэттэрин Национальнай мэдиссиинэ кииниттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэлэригэр таһаардылар.

Бу үөрүүлээх күн дьоллоох төрөппүттэри, Александра Константиновнаны уонна Владимир Васильевиһы Национальнай мэдиссиинэ киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков, кини 1-кы солбуйааччыта Александр Коростелев, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин демографическай уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, эппиэкэ уонна попечительство департаменын кылаабынай исписэлииһэ Ирина Пирожкова, Дьокуускайга баар Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлэ Прокопий Чымыров уо.д.а. истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Александра Васильеваҕа «Үйэ оҕото» өрөспүүбүлүкэ тус сыаллаах хапытаалын сэртипикээтэ уонна бэлэх-туһах туттарылынна. Перинатальнай киин үлэһиттэрин болҕомтолорунан, сылаас сыһыаннарынан ийэ уонна игирэчээн уолаттар этэҥҥэлэр.


Васильевтар дьиэ кэргэттэригэр алтынньы 26 күнүгэр үс игирэчээн төрөөбүтэ. Ол иннинэ, үс оҕолоохтор – улахан кыыстара 11-с, уоллара 3-с кылааска үөрэнэллэр, кыра кыыстара оҕо уһуйааныгар сылдьар. Улахаттар үс бырааттаммыттарын истэн үөрүү, долгуйуу, кэтэһии бөҕөлөр. Ийэлэрэ Александра Константиновна Чаппанда орто оскуолатыгар математика учуутала.

Ыал аҕата Владимир үс игирэни күүтэллэрин туһунан истэн баран, аан бастаан олус соһуйбут, ол туһунан маннык кэпсиир: «Мин Накыыҥҥа үлэлиибин, арай биирдэ кэргэним звоннаан, тураҕын дуу, олороҕун дуу диэтэ. Мин турабын диибин, олороруҥ ордук буолуо диэн таайтаран эттэ. Ол иннинэ консультацияҕа сылдьыбыт. Мин таайа сатаатым, уол-кыыс оҕо, икки оҕо… арааһы бары толкуйдаатым, онтон туох эрэ дьиэктээх быһыылаах дии санаатым. Онтон үс оҕо диэбитигэр соһуйан, долгуйан саҥабыттан маттым. Чугаһынан даҕаны үс оҕо буолуо диэн өйбөр суох, бастаан улаханнык санаабатаҕым, онтон уоскуйан баран дьэ өйдөөн ылынным. Түгэнинэн туһанан, Национальнай мэдиссиинэ киинин үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин. Билиҥҥи үйэҕэ тапталы, дьиэ кэргэни өрө тутар буоллахха, дьол бэйэтэ кэлэр». Үөһээ айыыларбар, төрөөбүт дойдубар, айылҕабар махтанабын диэн элбэх оҕо амарах аҕата санаатын үллэһиннэ.


Кэнники сылларга иккилии-үстүү игирэлэнии элбээтэ эрээри, Ньурба улууһугар бу – сэдэх түгэн. Кырачааннар номнуо сахалыы ааттаахтар – Сандал, Эрчим уонна Уйгун.

Дьоллоох төрөппүттэр уолаттарын кытары сарсын дойдуларыгар Ньурбаҕа көтөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллар, оттон дойдуларыгар ньээкэ уйаларыгар улахаттара долгуйа кэтэһэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэ Хаҥаласка хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 3,6 тыһ.киһини хабыаҕа

Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…

11 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүбэһит: Дьиэни ыраастааһын ньымалара

Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…

13 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйаҥныырга – биир бөрөнү

Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар быйыл бөрөлөр биллэн эрэллэр. Бу адьырҕалар кэтэх хаһаайыстыбалар сылгыларын үрүө-тараа…

42 минуты ago
  • Интервью
  • Култуура
  • Сонуннар

“Щепкиннэр”  кэккэлэрин хаҥаппыт Петр Домотов

... Кини математикаҕа Биир кэлим эксээмэнин (ЕГЭ) кыайан туттарбакка,  күһүн кэлэн туттарарга мэктиэлэммит. Ол эрээри…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүтүктээх ийэ оҕотун булуо дуо?

Елена устудьуоннуу сылдьан, 18 сааһыгар кэргэн тахсан, ыарахан буолан, төрүүр дьиэҕэ киирбитэ. Хантан билиэй, аан…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сэрэнэр — сиэрдээх

Эдьиий Дора сүбэтэ. Эккэ-хааҥҥа иҥэмтэлээх, ыраас, туһалаах эбиликтээх ас сүмэтэ биһиэхэ баарын сотору аан дойду…

2 часа ago