Үс игирэ – үс бүк дьол

Үс игирэ – үс бүк дьол

23.12.2022, 12:20
Бөлөххө киир:

Быйыл Ийэ сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ үстэ үс игирэ төрөөтө. Ньурба куоратыгар олорор Александра, Владимир Васильевтар алтынньы 26 күнүгэр үс игирэлэнэн, эмискэ алта оҕолоох баай ыал буола түстүлэр.

«Киндер-сюрприз»

Ыам ыйыгар ийэлэрэ бастакы УЗИ-гар түһэ барбыта. Арай, быраас саҥа аллайар:

— Хайаа, манна “сюрприз” бөҕө эбит дии!

— Игирэлэр дуо? – диэн Александра ыйытар. Кини иһэ наһаа түргэнник улаатан барбытыгар, тоҕо эрэ игирэлэнэр буоллум диэн, сэрэйэ санаабыт. Аҕаларын ийэтин өттүнэн игирэлэр бааллар эбит. Игирэлэнии генын ийэ уолугар биэрэр диэни ханна эрэ истибит эбит.

— Суох!

— Оччоҕо тугуй?!. – ийэ долгуйан барар. Төбөтүгэр: “Ама, туох да кэһиллии, ыарыы буолбатах ини…” диэн санаа элэҥниир.

— Үс игирэ!..

— Эс, суох ини, хайдах ол, — ийэ итэҕэйбэт.

— Көр, бу сылдьаллар, бу – үстэр дии, — быраас экраны ыйан көрдөрөр…

Дьэ, ити курдук билбиттэрэ, соһуччу уонна үөрүүлээх сонуну. Тута кэргэнигэр эрийэн эппитигэр, олус соһуйбута. Сахалыы сиэринэн, харыстаан, кистээбиттэрэ, сэмээр чугас дьонноругар эрэ эппиттэрэ. Сорох билэр дьоно, көрсөн баран: “Хайа, бу иһиҥ туох ааттаах улаханый?”, — диэн соһуйаллара. “Оттон төрдүс оҕо дии, тэнийбит ис тэнийэр буоллаҕа”, — диэн куотунара.

27-с нэдиэлэтигэр диэри оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыта, балыыһаҕа сыппатаҕа, туруга үчүгэй этэ. 32-с нэдиэлэтигэр диэри бэрт үчүгэйдик сылдьыбыта. Онтон атаҕа, сирэйэ иһэр буолан барбыта. Улахан иһэ уорганнарын баттыыр буолан, тыынара ыараабыта.

Оттон быраастар долгуйаллар этэ. 41 саастаах ийэ үс игирэни илдьэ сылдьар, дьэ, хайдах төрөтүөй? Онон Дьокуускайга Перинатальнай кииҥҥэ ыыппыттара. Аны туран, сөмөлүөт тардыллан, биир нэдиэлэ устата көппөтөҕө. Быраастар онно долгуйан, субу-субу эрийэллэрэ.

Перинатальнай кииҥҥэ учуокка туран, анаалыстарын туттаран баран, 30-с нэдиэлэтигэр Мэдиссиинэ киинигэр киирбитэ. Үс нэдиэлэ сыппытын кэннэ, эпэрээссийэлээбиттэрэ. Укуолу көхсүгэр биэрэн, ийэ барытын билэ-көрө сыппыта.

Биирдии-иккилии мүнүүтэ быысаһан

Уолаттар бары тахсаат да, ытаан эһинньэхтээн барбыттара. Үһүөн 2,2-2,5 киилэ ыйааһыннаахтара. “33-с нэдиэлэлэригэр төрөөбүт үс игирэлэр диэтэххэ, улахаттар, доруобайдар эбит, маладьыас”, — диэн быраастар ийэни хайҕаабыттара. Бу иннинэ балтараа киилэлээх оҕолору аппараакка сытыаран, бүөбэйдииллэр эбит.

Бастакы оҕо аллараа диэки туора, икки кыралар үөһээ диэки төбөлөрүнэн сыталлара. Быраастар бастаан алларааҥҥы оҕону хостууллар, уҥа сытааччыны — иккиһинэн, хаҥас сытааччыны — үсүһүнэн. Онон оҕолор төрөөбүт бириэмэлэрэ: 9 чаас 9 мүнүүтэ, 9 чаас 11 мүнүүтэ, 9 чаас 12 мүнүүтэ. Үһүс оҕо убайын сырсан, бэйэтэ тахсан кэллэ, кыахтаах эрэ оҕо итинник тахсар”, — диэн быраас сөхпүтүн биллэрбитэ.

Улахан уол туспа уйалаах, икки кыралар биир уйалаахтар этэ. Кэлин көрдөххө, икки кыралар үүт-үкчүлэр, бастаан оннооҕор ийэлээх аҕалара бутуйаллара, кэлин син араарар буолан эрэллэр. Оттон бутуйар сэрэхтээх – оҕолор доруобуйаларын туруга араас, холобур, анемиялаах оҕо туспа эмтэниэхтээх. Онон көрдөрүнэ баралларыгар биркаларын төттөрү кэтэрдэн илдьэллэр, ороннорун бутуйбат курдук дьаһаналлар, таҥастарын арааран кэтэрдэллэр.

Сандал, Эрчим, Уйгун

Бастакы кэмҥэ Александра ийэтэ кэлэн, көмөлөһө сылдьар. Аҕалара баахтабай үлэһит, билиҥҥитэ бара илик, онон үһүөн көмөлөөн көрөллөр. Улахан кыыстара 11-с кылаас үөрэнээччитэ, быыс буллаҕына, оҕо көрсөн көмөлөһөр.

Оттон кыра убайдаах эдьиийдэрэ бырааттарын наһаа кэтэспиттэрэ. Хат эрдэҕинэ, иһин имэрийэ-имэрийэ, кэпсэтэллэр этэ. 9 саастаах убайдара: “Бу мин убайгыт саҥарабын, эһигини наһаа күүтэбин, кэлээриҥ, массыынабын биэриэҕим, оонньотуом” диэн кэпсэтэрэ. 4 саастаах эдьиийдэрэ көтөҕүөн, бүөбэйдиэн наһаа баҕарар да, бакаа биэрбэттэр, онон кэлээскэни хачайдаан көмөлөһөр.

Кырачааннар билигин 2 ыйдарын туолан эрэллэр, 5 киилэлээх буоллулар. Сандал, Эрчим, Уйгун диэн сахалыы ааттаахтар. Эрэсииминэн биир кэмҥэ аһаталлар. Тоҕо диэтэр, биир оҕо төһө баҕарбытынан утуйар, аһыыр кыахтаах буоллаҕына, үс оҕону оннук көрөр кыах суох. Биир уһугуннаҕына, иккис утуйар, үһүс аһыыр буоллаҕына, түүнү быһа утуйбакка, оҕо эрэ аһатан тахсыаххын сөп. Онон ким эрэ утуйа сытар да буоллаҕына, уһугуннаран баран, аһаталлар.

Ийэлэрин үүтүн уочаратынан эмэллэр. Бастакы оҕо эмэр, атыттар бу кэмҥэ оҕо убатыллыбыт аһылыгын иһэллэр. Иккис аһатыыга иккис оҕо эмиийгэ тиксэр. “Үүтүм уруккуттан да аҕыйах буолааччы, онон үс оҕоҕо тиийбэт”, — диир ийэлэрэ.

Биир уйалаах игирэлэр бэйэ-бэйэлэрин наһаа истиһэллэр эбит. Биирэ ытаатаҕына, иккиһэ мэрбэҥнээн барар. Ол иһин ытаан эрдэҕинэ, истибэтин диэн, атын хоско илдьэллэр. Билигин бары да истиһэр буолан эрэллэр, сороҕор, хуорунан түһэрэллэр.

Төбөлөрүн өндөтөр, үөрэр, киһи хамсыырын батыһа көрөр буоллулар. Дьиэ иһэ кыһыл оҕо минньигэс сытынан дыргыйан, кинилэр мичээрдэриттэн сырдаан, сүрэҕи тапталынан толорон, үс бүк дьол тосхойбутун туоһулуурга дылы…

“Бастаан санаабынан кыайабын, оччоҕо табыллар”

—Оннооҕор биир оҕо көрүүлээх, оттон үс оҕо көрүүтэ үс бүк, — диэн 6 оҕо амарах ийэтэ Александра Константиновна кэпсиир. – Ол эрээри, айылҕабыт: “Бу дьон тулуйуохтара, кыайыахтара, бу ийэ доруобуйата тулуйуо” диэн талан, анаан ыытар, бэлэх биэрэр буоллаҕа.

Эрдэттэн хасыһан, Интэриниэттэн булан аахпытым, бэлэмнэммитим. Сыал туруоран, кэрчик кэмнэргэ арааран баран, санаабын, күүспүн барытын ол эрэ кэмҥэ уурабын, атыны, инникини санаабаппын. Холобур, хат сылдьан “доруобай оҕолору этэҥҥэ төрөтүөхтээхпин” диэн сыаллааҕым. Бастаан оҥорон көрөбүн, санаабынан кыайабын, оччоҕо барыта табыллан, сатанан иһэр. Мин ийэм эмиэ кэрчиктэргэ арааран, сыал-сорук туруорунар идэлээх, кини миигин үөрэппитэ.

Билигин “1 саастарыгар диэри көрүү-истии” кэрчиккэ сылдьабыт. Аҕабыт баахтаҕа бардаҕына, иккис эбэбит кэлэн көрсүөхтээх. Саамай интэриэһинэйэ: олороллоро, сыыллаллара, “албынныыр” буолаллара, хаамаллара, саҥараллара — иннибитигэр. Наһаа үчүгэй, кинилэрдиин тэҥҥэ улаатар, сайдар курдукпун…

— Эн бэйэҥ санааҥ олус күүстээх эбит дии. 41 сааска үс доруобай оҕону төрөтүү диэн хорсун быһыы буоллаҕа. Куттамматаҕыҥ дуо?

— Киһи санаатынан диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьон санаатынан оннооҕор ыарахан ыарыыны кыайар. Мин бэйэм ис турукпунан 25-тээх курдук сананабын. Атын дьон отучча сааһы биэрэллэр. Эрдэттэн төрдүс оҕобутун былааннаабыппыт, этэҥҥэ буолуо диэн эрэллээх этим. Туох да “эко” буолбатах, айылҕа бэйэтэ биэрбит буолан, харыстыыр, көмөлөһөр эбит дии саныыбын.

Саха ыала буоларбытынан, оҕолорбутун сахалыы иитэбит, үгэстэри тутуһабыт. Билиҥҥи тыҥаан турар кыһалҕаны өйдөөн, сахалыы саҥаралларын ирдиибит. Төрөөбүт күннэрин, сүрүн бырааһынньыктары хайаан да ылабыт. Айылҕаҕа сынньанарбытын сөбүлүүбүт. Аҕабыт уолун илдьэ балыктааччы, аны кыра уолаттар улааталларын күүтэллэр.

Төрөппүттэр баҕабыт диэн – оҕолорбут доруобай, дьоллоох эрэ буоллуннар. Ким элбэх оҕолоох – дьоллоох. Хас биирдии оҕо туспа эйгэлээх, көрүүлээх, сырдык санаалаах, онон оҕолонноҕуҥ аайы байан иһэҕин. Мин баайым – дьиэ кэргэним, оҕолорум, доруобуйам.

“Көмө баар диэн эрэллээхтик сананан”

— Судаарыстыбаттан көмөнү туһанныгыт дуо?

— Үс “100 сыл оҕолоро” хапытаалы, улууспут биэрэр “Ньурба хапытаалын” – хас биирдии оҕоҕо 100-түү тыһыынчаны тутан олоробут. Ол эрээри, оҕо босуобуйатыгар хапсыбатыбыт. “Айсеновскай” босуобуйаҕа эрэ бигэргэтэр хоруй кэлбитэ, ону күүтэбит. Үс игирэни төрөппүттэргэ өрөспүүбүлүкэ дьиэ биэрэр бырагырааматыгар сайабылыанньа суруйбуппут. “Сокуоҥҥа уларыйыы тахсар, кэтэһиҥ” диэбиттэрэ. Биһиги ыал бэйэбит дьиэ туттубуппут, ипотека ылбыппыт, урут эмиэ кирэдьииттээх этибит. Билигин алта оҕолонон, кэҥэттиэхпитин баҕарабыт. Судаарыстыба оҕолоох ыалларга көмөтө улахан. Мин көмө баар диэн эрэллээхтик сананан, 41 сааспар төрөөтөҕүм дии.

Түгэнинэн туһанан, Ньурбатааҕы киин балыыһа, М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин, Перинатальнай киин үрүҥ халааттаах аанньалларыгар, күүс-көмө буолбут бары дьоммутугар, кэллиэгэлэрбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит! Үүнэр сыл дьолу, ситиһиилэри тосхойдун, чэгиэн буолуҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: