Үс игирэҕэ дьиэ сэртипикээтин туттардылар

Share

Бэс ыйын 20 күнүгэр быйыл Саха сиригэр бастакынан төрөөбүт үс игирэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга балыыһаттан таһаардылар. Слепцовтар дьиэ кэргэттэригэр ыам ыйыгар үс уол оҕо төрөөбүтэ. Кинилэргэ дьиэ ылалларыгар сэртипикээт биэрдилэр диэн СИА суруйар.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Игирэ уолаттар 3 саастаах убайдаахтар. Үөрүүлээх түгэҥҥэ Слепцовтар чугас дьонноро, аймахтара, доҕотторо уонна үлэ, социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова, доруобуйа харыстабылын миниистирин бастьакы солбуйааччы Дмитрий Сергин эҕэрдэлии кэллилэр.

Дьиэ кэргэҥҥэ 4 644 297 солкуобайдаах сэртипикээти уонна хас биирдии оҕоҕо 100-түү тыһыынча солкуобайдаах «100 сыл оҕолоро» хапытаалы туттардылар.

Үс игирэ буоларын туһунан истэн баран, олус соһуйбуппут. Кыратык куттаммытым эрээри, кэргэним уонна төрөппүттэрим өйөөбүттэрэ. Хат сылдьар кэмим үчүгэйдик ааспыта, кырачааннар 33-с нэдиэлэлэригэр төрөөбүттэрэ, — диэн ийэлэрэ Валентина Слепцова кэпсээтэ.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Бүгүн олус үөрүүлээх күн. Үс игирэни төрөппүт ыалларга биһиэхэ дьиэ ылалларыгар көмөлөһөр миэрэ баар. Бүгүн Слепцовтарга дьиэ ыларга сэртипикээти туттардыбыт. Үс игирэни төрөппүт ыаллар маннык көмөнү туох да атын ыспыраапката суох ылар буолуохтара, — диэн Елена Волкова бэлиэтээтэ.

Игирэлэр ыам ыйын 11 күнүгэр 1680,1600, 1580 кыраам ыйааһыннаах төрөөбүттэрэ. Кинилэри Александр, Степан уонна Савелий диэн ааттаабыттара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан уулусса 9/1…

28 секунд ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Былааһы кытта кэпсэтии» биэриигэ халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥоруу дьаһалларын кэпсиэхтэрэ

Ахсынньы 13 күнүгэр күнүс 13 чаас 05 мүнүүтэҕэ «Былааһы кытта кэпсэтии» «Тэтим» НКИХ «Саха» FM…

46 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуон барылын дьүүллэһиитэ көһөрүлүннэ

Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуон барылын эһиил дьүүллэһиэхтэрэ диэн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Улахан Ньымныыр бөһүөлэккэ үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ биллэрилиннэ

Ититэр ситим турбатын самосвалынан алдьатыыттан Алдан оройуонун Улахан Ньымныыр бөһүөлэгэр хочуолунай үлэтин тохтоппут. Суоппар суол…

1 час ago