Дьааҥы өрүскэ Усуйаана оройуонугар мотуордаах оҥочо түҥнэстибит. Суудунаҕа үс киһи баар эбит. Бу туһунан РФ силиэстийэлиир кэмитиэтин Илиҥҥи эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы тырааныспарка силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрдэ.
Барыллааһын быһыытынан, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Усуйаана (Усть-Янск) бөһүөлэгиттэн 118 км сиргэ Дьааҥыга үс киһилээх мотуордаах оҥочо түҥнэстибит.
Кинилэр бэйэлэрэ кытылга харбаан тиийбиттэр, ол гынан баран, онно тиийэн баран биир киһилэрэ өлбүт.
РФ силиэстийэлиир кэмитиэтин Илиҥҥи эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы тырааныспарка силиэстийэлиир управлениетын Саха сиринээҕи отдела туһааннаах быһылаанынан бэрэбиэркэ ыытар.
Санатан эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта Усуйаана улууһугар эмиэ оҥочо түҥнэстибитэ.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…