Салгыы
Үс оҕолоох аҕалар быстах хомуурга барыахтара суоҕа

Үс оҕолоох аҕалар быстах хомуурга барыахтара суоҕа

Ааптар:
20.10.2022, 09:16
Бөлөххө киир:

РФ ГосДууматын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомуурга барыахтара суоҕа диэн иһитиннэрдэ.

Кини бэйэтин Телеграм-ханаалыгар маннык  суруйда: «Үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалары быстах хомуурга ылыы туһунан  олус элбэх ыйытыы киирдэ. Бу боппуруоһу Арассыыйа Оборуонаҕа министиэристибэтин кытта ырыттыбыт. Маныаха эппиэт биир эрэ: үс уонна үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомууртан босхолонуохтаахтар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ маннык дьаһалынан 9500 аҕа босхолонно. Кинилэр байыаннай чаастартан дьиэлэригэр төнүннүлэр.

Хомуурга ыҥырар хамыыһыйалар Оборуона министиэристибэтин уонна Генштаб быһаарыныытын толоруохтаахтар.

Ол курдук, быстах хомууртан отсрочка бэриллэр:

— байыаннай сулууспаҕа доруобуйаларын туругунан хапсыбат дьон;

— чугас дьонун көрөр-истэр буоллаҕына, ол дьон федеральнай тэрилтэттэн медико-социальнай эспэртиисэни ааһан, бастайааннай көрүүгэ-истиигэ наадыйар буоллаҕына;

—сааһын ситэ илик бииргэ төрөөбүт быраатыгар эбэтэр балтыгар опекун, попечитель буоллаҕына;

— 16 сааһыгар диэри үс эбэтэр үстэн элбэх оҕолоох буоллаҕына;

— биир уонна бииртэн элбэх оҕолоох дьахталлар;

—биир уонна бииртэн элбэх оҕону иитэр аҥардас аҕалар.

ГосДуума дьокутааттарын өртүттэн хонтуруол баар буолуоҕа».

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: