Үс оҕолоох аҕалары быстах хомууртан босхолуур сокуон бүгүҥҥүтэ ылылла илик
Бары билэрбит курдук, быстах хомуур бэрт түргэнник саҕаламмыта. Нам-нум буола түһээт, ыал ийэлэрэ кэргэттэрин быстах хомууртан куоттарар инниттэн сокуоннарга сигэнэн, быыс-хайаҕас көрдөөн барбыттара. Ол эрээри, Арассыыйаҕа элбэх оҕолооҕунан түөртэн элбэх оҕолоох эрэ ыал ааттанар. Ол аата, үс оҕолоох аҕалар хомуурга хапсаллар. Бэрт түргэнник дьокутааттар ааннарын тоҥсуйан, хамсааһын саҕаланар.
Утуу-субуу “Новые люди”, КПРФ, ЛДПР баартыйалар Судаарыстыбаннай Дуумаҕа билигин үлэлии турар сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан бырайыактарын киллэрэллэр. Дьокутааттар бу киллэрбит бырайыактарыгар, билиҥҥи курдук түөртэн элбэх оҕолоохтору буолбакка, үстэн элбэх оҕолоохтору элбэх оҕолооҕунан ааҕарга диэн туруорсаллар. Оччотугар үс оҕолоох аҕалар быстах хомууртан босхолонуохтарын сөп. Сиһилии бу ыйыллыбыт сигэлэринэн №201632-8, №203675-8, №206845-8 киирэн көрүөххүтүн сөп. Ити – бастакытынан.
Иккиһинэн. Бу күннэргэ федеральнай да, олохтоох даҕаны социальнай ситимнэринэн үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомуурга хапсыбаттар (отсрочка) үһү диэн иһитиннэриилэр тилийэ көттүлэр. Үгүстэр Судаарыстыбаннай Дуума дьиэ кэргэн, дьахтар уонна оҕо аймах боппуруостарыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, КПРФ баартыйа чилиэнэ Нина Останина туруорсуутунан, РФ Сэбилэниилээх күүстэрин Генеральнай ыстаабын ыйыытыгар сигэнэллэр. Тустаах ыйыыга үстэн элбэх оҕолоох аҕалар быстах хомууртан босхолоноллор диэн суруллар. Бу суругу байыаннай уокуруктарга, салгыы уокуруктааҕы, кыраайдааҕы военкоматтарга ыытыахтаахтар үһү. Ол эрээри, тустаах бэрээдэги (ыйыыны) военкоматтар билиммэттэрин иһин бэҕэһээ, Нина Останина РФ Оборонаҕа миниистиригэр С.К.Шойгу аатыгар тэлэгэрээмэ ыыппыт. Тэлэгэрээмэни дьокутаат бэйэтин телеграм ханаалыгар таһаарбыт.
Маныаха хас даҕаны юрист тустаах ыйыы (методичка) сокуон да, ыйаах даҕаны буолбатах, военкоматтар эрэ учуоттуохтарын сөп, ону даҕаны киһититтэн тутулуктаах диэн этэллэр. Суукка тустаах ыйыыга (методичка) тирэҕирэр кыаллыбат диэн быһаараллар. Онон сокуоҥҥа хаһан уларыйыы киирэрин кэтэһэбит. Бүгүн-сарсын уларыйа охсубата чахчы. Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан саайтпытыгар сиһилии суруйан турабыт.
Хаартыска: СИАтан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: