Бүгүн, социальнай ситимнэринэн үс оҕолоох ыал аҕалара хомууртан босхолоноллор үһү диэн сурах тарҕанна. Төһө кырдьыгый?
Судаарыстыбаннай Дуума дьиэ кэргэн, дьахтар уонна оҕо аймах боппуруостарыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, КПРФ баартыйа чилиэнэ Нина Останина биир идэлээхтэрин кытта, 18-гар диэри саастаах үс оҕолоох аҕалары элбэх оҕолооҕунан ааҕан, быстах хомууртан тохтотон эрэр (отсрочка) туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа сокуон барылын киллэрбиттэр.
Останина тус бэйэтин телеграмҥа ханаалыгар таһаарбыт кылгас быһаарыытыгар: “…Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ Генштабка бара сылдьан мобилизационнай салаа салайааччытыгар син биир киирдим. Хомуурга элбэх оҕолоох аҕалар хабыллыбаттар. Хомуур ыйааҕар элбэх оҕолооҕунан түөртэн элбэх оҕолоохтор ааҕылла сылдьаллар. Тустаах дьаһалы уларытары ситистим, билигин үс оҕолоохтор элбэх оҕолооҕунан ааҕыллаллар. Бу эмиэ мин кылаатым дии саныыбын”, — диэн дьокутаат быһаарар.
Сокуон саҥа барыла Арассыыйа сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор бырааптарын көмүскүүргэ итиэннэ дойдуга демография боппуруоһун бэлиитикэтин олоххо киллэрэргэ туһаайыллар диэн ыйаллар. Ити туһунан эрдэ саайтпытыгар суруйан турабыт.
Хаартыска: СИАтан.
Ыам ыйын 1 күнүгэр Ньурбаҕа тэрилтэ салайааччылара уонна үлэһиттэрэ кыттыылаах "Түмсүүнэн - сайдыыга, үлэнэн -…
Бүгүн, ыам ыйын 2 күнүгэр, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ инчэҕэй хаар, сөкүүндэҕэ 17-22 м. түргэннээх тыал…
Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах нэһилиэгин олохтоохторо, төһө да хаар уулла илик буоллар, бүгүҥҥү бырааһынньыктарын "Дорообо,…
Бүгүн Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр Эйэ, Үлэ, Маай бырааһынньыгын күнүгэр үлэ кэлэктииптэрин икки ардыларыгар үлэ күрэҕэ…
Бүгүн, ыам ыйын 1 күнүгэр, киин куоракка "Дорообо, Күөх Маай!" диэн бырааһынньыктааҕы үөрүүлээх тэрээһиннэр буола…
Ыам ыйын 15 күнүттэн Арассыыйаҕа саҥа сокуон олоххо киириэҕэ. Ол курдук, сураҕа суох сүппүт дьон…