Салгыы
Үс ойуур баһаара умуруорулунна

Үс ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
25.08.2025, 10:27
Хаартыска СӨ экологияҕа министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

Бу сааскыттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 158 225,8 га иэннээх  323 ойуур баһаара умуруорулунна.

Атырдьах ыйын 25 күнүнээҕи туругунан,   8 402,3 га иэннээх 24 ойуур баһаара Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй,  Мииринэй, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Сунтаар, Орто Халыма, Таатта, Уус Алдан уонна  Чурапчы улуустарыгар баар. Мантан  582 га иэннээх 7 баһаар бохсулунна.

Баһаары умуруорууга  520 киһи, 24 техника үлэлиир.
Авиапатруллааһыҥҥа   17, умуруорууга  6 көтөр аал үлэлиир.

Ааспыт сууккаҕа   477,3 га  иэннээх үс ойуур баһаара Анаабыр, Мэҥэ Хаҥалас, Бүлүү улуустарыгар умуруорулунна.

Бары сонуннар
Салгыы
25 августа
  • 27°C
  • Ощущается: 26°Влажность: 29% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: