Үс ойуур баһаарын умуруорбуттар
01.09.2025, 09:50

Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа үс ойуур баһаарын умуруордулар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 1 596 га. Бу туһунан эрэгийиэннээҕи суһал ыстааптан иһитиннэрдилэр.
Күн саҕаланыытыгар 22 ойуур баһаара баара бэлиэтэммит. Уот хаппыт иэнэ — 15 009,5 га. Бу Дьааҥы, Бүлүү, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Эдьигээн, Мииринэй, Өлөөн, Уус Алдан, Орто Халыма, Томпо улуустарыгар. Мантан 2 ойуур баһаара Бүлүү уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар бохсуллубут. Уот хаппыт уопсай иэнэ 55,5 га. Ойуур уотун утары 371 киһи охсуһар.
Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/10897
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: