Үс сүрүн боппуруоска — Экспертнэй Сүбэ кыттыылаах мунньаҕа

Share

Бэҕэһээ, ыам ыйын 3 күнүгэр,  РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, байыаннай эпэрээссийэ чэрчитинэн туруоруллар соруктары быһаарыыга үлэлиир СӨ Биир кэлим сүрүннүүр Киинин салайааччыта Андрей Сандаминович Федотов чопчу үс боппуруоһу дьүүллэһиигэ бу Киин итиэннэ Дьокуускайга байыаннай эпэрээссийэ чэрчитинэн туруоруллар соруктары быһаарыыга, көмөнү оҥорууга тэриллэн үлэлиир маннык Киини уонна кини Экспертнэй Сүбэтэ кыттыылаах мунньаҕы ыытта. Ол туһунан Дьокуускайга байыаннай эпэрээссийэ чэрчитинэн туруоруллар соруктары быһаарыыга, көмөнү оҥорууга үлэлиир Биир кэлим сүрүннүүр киин оперативнай штабын салайааччыта Георгий Куркутов кылгастык кэпсээтэ.

— Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга бары өттүнэн көмөнү оҥорууга туһаайыллыбыт боппуруостары дьүүллэстибит. Ол курдук, Саха сириттэн байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар байыаннай сулууспалаахтарбытыгар анаан эбии байыаннай суолталаах көмөлтө тэриллэри булууга, оҥорон таһаарыыга, тиэрдиигэ былааннаах үлэ тула кэпсэтии, сүбэлэһии буолла. Аныгы байыаннай ирдэбилгэ сөп түбэһэр көрүҥнэригэ тохтоон, биһиги буойуттарбыт көдьүүстээх үлэлэригэр улахан көмөлөөх көтөр аппарааттары (БПЛА), кинилэртэн көмүскэнэр сириэстибэлэри, онтон да атын олус чуолкайдык үлэлиир тиэхиньиичэскэй тэриллэринэн салгыы хааччыйа туруохтаахпыт.
Бу соругу толорууга көмөлөһө олорор тэрилтэлэрбит (“Хоту Тент”, “Синема Экстра”, БПЛА оҥорон таһаарар «Технопарк” оскуолата, болотоходтары оҥорор “Сокол Якт”) төһөнү оҥорон таһаарар кыахтаахтарын иһиттибит. Кинилэр үлэлиир былааннара бигэргэтилиннэ, тэрилтэлэр салгыы күүскэ үлэлииргэ бэлэмнэр. Өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө эрэйиллэр боппуруостарыгар туһааннаах өйөбүл оҥоһуллуо. Сүбэ мунньахха билиҥҥи уустук быһыыга-майгыга урбаанньыттар бэйэлэрин көмөлөрүн көҕүлээһиннэрэ кэмигэр уонна олус көдьүүстээх буолара бэлиэтэннэ. Кинилэр көмөлөрө, үлэлэрэ дойду таһымыгар тиийэ билиннэ-көһүннэ.
Сүбэ мунньах кэмигэр байыаннай сулууспалаахтарга маннык матырыйаалынай көмөнү тиэрдии, тиксэрии, биэрии юридическай уонна финансовай өттүнэн төһө сөптөөҕө, бу хайысхаларга РФ Оборуона министиэристибэтин Илиҥҥи байыаннай уокуругун командованиетын кытта биир ситимнээх үлэ боппуруостара көрүлүннэ.
Байыаннай эпэрээссийэ чэрчитинэн туруоруллар соруктары быһаарыы, көмөнү оҥоруу үгүс боппуруостарыгар сүбэ-соргу биэрэн көмөлөһөр Экспертнэй Сүбэ үлэтэ улахан суолталаах, көдьүүстээх. Сүбэ састаабыгар араас кэмнэргэ байыаннай дьайыыларга кыттыбыт элбэҕи билэр-көрөр исписэлиистэр, байыаннайдар, бу хайысхаҕа үлэлиир кулууптар бааллар.
Мунньахха Саха сирин буойуттара байыаннай эпэрээссийэ кэмигэр бэйэлэрин саамай чулуу өттүнэн көрдөрбүттэрэ, дойду үрдүнэн кинилэргэ улахан ытыктабыллаах сыһыан үөскээбитэ бэлиэтэннэ. Кыраныысса аттынааҕы сирдэргэ сырыыларбар бэлиэтии көрбүппүнэн, СӨ Ил Дархана байыаннайдарга көмөнү оҥорууга тэрийбит үлэтин түмүгэр Саха сирин көмөтүн тиэрдиигэ үлэлиир тирэх пууннарбытыгар үлэлиир дьоммутугар итиэннэ Саха сириттэн тиийээччилэргэ байыаннай чаастар салалталара, пропускной пууннарга олус убаастабыллаахтык, табаарыстыы көрсөллөрө үчүгэй эрэ өрүттээх.
Сүбэ мунньах түмүгэр Андрей Сандаминович Федотовы кытта көрсө кэлбит уоппускаҕа сылдьар үс байыаннай сулууспалааҕы кытта кэпсэттэ. Кэпсэтии түмүгүнэн А.С.Федотов байыаннай сулууспалаахтар көмөҕө наадыйар боппуруостарын быһаарарга Дьокуускайдааҕы Биир кэлим сүрүннүүр киин оперативнай штабыгар сорудах биэрдэ. Байыаннай сулууспалаах буойуттарбыт туруорсуулара быһаарыллыытыгар бэйэбит боломуочуйабыт иһинэн көмөнү оҥоруохпут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

14 часов ago