Үс тыһыынчаттан тахса киһи тииһин эмтэттэ

Share

Стоматологтар бөлөхтөрүн мобильнай биригээдэтэ быйыл улуустарга уон иккитэ сырытта.

Онон Аллараа Халыма, Эдьигээн, Орто Халыма, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Булуҥ, Абый, Усуйаана, Өлүөхүмэ, Анаабыр уонна Муома олохтоохторо тиистэрин эмтэтэн, ылларан абыранан олороллор.

«Айаҥҥа-сырыыга уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар учуоттаныллыбыттара, барыта кичэллээхтик былааннаммыта. Ол түмүгэр, 3582 киһи тииһин эмтэттэ, ыллаттарда. Итинтэн өссө 2 256 — оҕо. Маны сэргэ, улахан дьону уонна оҕолору кытары өйдөтөр-сүбэлиир, сырдатар бэсиэдэлэри оҥордубут«, — диэн этэллэр.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит арктическай мэдиссиинэ саҥа сүүрээнэ 2023 сыл олунньуттан саҕаламмыта. Уустук суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннарга суох, тиийбэт исписэлиистэр элбэх хайысхалаах биригээдэлэргэ  киирбиттэрэ.

«Мобильнай биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи кииннэрэ» бырайыак кэҥээн, Саха сирин өссө элбэх олохтооҕун хабар соруктаах үлэлиир.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсөргө бэлэмнэнэбит

Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сиэр-майгы: Мин билэр буоллум да…

Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох сиринэн -21-26°С кыраадыс тымныы буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…

7 часов ago