Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэктэригэр саҥа баһаарынай деполар үөрүүлээх аһыллыылара буолла.
— Урукку сылларга баһаарынай чаастар эргэ мас дьиэлэргэ олорон үлэлииллэрэ. Нам улууһугар сааскы халаантан баһаарынай пууннар улаханнык эмсэҕэлээбиттэрэ. Онон баһаарынайдар уустук усулуобуйаҕа үлэлии сылдьыбыттарын учуоттаан, оройуоннар дьаһалталара түргэнник дьаһанан, саҥа эбийиэктэр кылгас кэм иһигэр тутулуннулар. Бааһырынайдар үлэлиир усулуобуйалара тубуста, саҥа тэриллэринэн хааччылыннылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоҥҥо – нэһилиэнньэлээх пууннар уонна муниципальнай оройуоннар баһылыктарыттан, баһаарынай сулууспа үлэһиттэриттэн саҕалаан, саҥа деполары тутууга күүс-көмө, өйөбүл буолбут олохтоохторго тиийэ махталбын тиэрдэбин, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников куйаар ситиминэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ бэлиэтээтэ.
Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков уонна СӨ быыһыыр сулууспатын салайааччыта Иннокентий Андросов эҕэрдэ тылын бастыҥын эттилэр.
Санатан эттэххэ, 2009 сыллаахха тэриллибит Саха сирин баһаарынай сулууспата өрөспүүбүлүкэ 35 улууһугар , Дьокуускайга уонна Жатай бөһүөлэгэр үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: