Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Share

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэктэригэр саҥа баһаарынай деполар үөрүүлээх аһыллыылара буолла.

— Урукку сылларга баһаарынай чаастар эргэ мас дьиэлэргэ олорон үлэлииллэрэ. Нам улууһугар сааскы халаантан баһаарынай пууннар улаханнык  эмсэҕэлээбиттэрэ. Онон баһаарынайдар уустук усулуобуйаҕа үлэлии сылдьыбыттарын учуоттаан, оройуоннар дьаһалталара түргэнник дьаһанан, саҥа эбийиэктэр кылгас кэм иһигэр тутулуннулар. Бааһырынайдар үлэлиир усулуобуйалара тубуста, саҥа тэриллэринэн хааччылыннылар. Тэрээһиҥҥэ кыттыбыт дьоҥҥо – нэһилиэнньэлээх пууннар уонна муниципальнай оройуоннар баһылыктарыттан, баһаарынай сулууспа үлэһиттэриттэн саҕалаан, саҥа деполары тутууга күүс-көмө, өйөбүл буолбут олохтоохторго тиийэ махталбын тиэрдэбин, — диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников куйаар ситиминэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ бэлиэтээтэ.

Гражданскай оборуона уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйар миниистир Дмитрий Лепчиков уонна СӨ быыһыыр сулууспатын салайааччыта Иннокентий Андросов эҕэрдэ тылын бастыҥын эттилэр.

Санатан эттэххэ, 2009 сыллаахха тэриллибит Саха сирин баһаарынай сулууспата өрөспүүбүлүкэ 35 улууһугар , Дьокуускайга уонна Жатай бөһүөлэгэр үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата…

9 минут ago
  • Сонуннар

«Конституция — Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин 30 сыла» тэрээһин ыытылынна

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…

21 минута ago
  • Сонуннар

Историческай паарка алмаастаах быыстапканы билиһиннэрдэ

«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…

25 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут эһээ уонна хос-хос сиэн сырдык кэриэстэригэр

Балбахов Виссарион Дмитриевич,  үйэ чиэппэрэ кэм  устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…

29 минут ago
  • Бэрээдэк

Дьокуускайга эр киһи комиссионнай маҕаһыынтан перфоратор уорбут

Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

1 час ago