Ыспыраапканы ыларга саҥа өҥө баар буолла
Саха сирин олохтоохторо сыстыганнаах ыарыылаахтары кытары хантаага суохтарын туһунан ыспыраапканы “Облачная поликлиника” теле-мэдиссиинэ сиэрбиһиттэн ылыахтарын сөп.
Маннык саҥа онлайн-өҥө “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак көмөтүнэн баар буолла.
Бу өҥө биир уратытынан ыспыраапка ыларга поликлиникаҕа сылдьарыҥ ирдэниллибэтэ буолар. Ыспыраапканы ыларга:
1) «Облачная поликлиника» сыһыарыыны хачайдыыгын.
2) Сыһыарыыга киирэҕин.
3) «Запросить справку» өҥөнү талаҕын.
4) Эмтиир тэрилтэни, исписэлииһи талаҕын.
5) «Получить консультацию» кунуопканы баттыыгын.
6) Талбыт исписэлиистээх чатыҥ аһыллар, манна бэйэҥ уонна оҕоҥ аатын-суолун, төрөөбүт күнүн-дьылын суруйаҕын.
Онтон сыһыарыыга эмтиир тэрилтэ исписэлииһигэр «Вопрос к врачу» түһүмэххэ ыйытыы киирэр. Онно олоҕуран, мэдиссиинискэй тэрилтэ наадыйар ыспыраапкаҕын толорор уонна чат-сыһыарыыга файлы сыһыарыы көмөтүнэн электроннай ньыманан ыытар. Киирбит файлы хачайдыаххын эрэ наада.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: