Ыстарааптаммат туһугар Кыһыл кинигэни тутус
Саха сирин олохтоохторун айылҕабыт кэрэ сибэккилэринэн, минньигэс отонунан-дьэдьэнинэн күндүлүүр. Дьон сир астаан, уһун кыһыҥҥа сиир аһын-үөлүн хаһаанар, сорох атыылаан, үп-харчы оҥостор. Үүнүүлээх-быйаҥнаах сыл кэпсээнэ да кэрэ буолар.
Ол эрээри, хонон турдах аайы сокуон, ирдэбил кытаатан иһэрэ сорохтору дьиксиннэрэр. Мантан инньэ быраабыланы-ирдэбили билбэт буолуу сэрэхтээх буолууһу. Аны Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри уонна тэллэйи алдьаттаххытына, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыаххыт диэтилэр.
Судаарыстыбаннай Дуума 2023 сыл муус устар ыйга РФ Кыһыл кинигэтигэр киирбит эбэтэр норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабарга олоҕуран харыстанар сыаналаах үүнээйилэри уонна тэллэйдэри хомуйуу, алдьатыы (быһа тардыы), симэлитии, ону тэҥэ балары харайыы, тиэйии уонна атыылаһыы иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардар туһунан сокуон барылын киллэрдэ:
- Көҥүлэ суох алдьатыы (быһа тардыы), симэлитии, хомуйуу, атыылаһыы, харайыы, тиэйии, атыылааһын иһин 4 сылга диэри хаайыллыахха эбэтэр 1 мөл. солк. диэри ыстарааптаныахха сөп.
- Сулууспалыыр балаһыанньаны туһанан көҥүлэ суох алдьатыы (быһа тардыы), симэлитии, хомуйуу, атыылаһыы, харайыы, тиэйии, атыылааһын, ону таһынан бар дьон көрүүтүгэр интэриниэккэ, СМИ-гэ таһаарыы иһин 6 сылга диэри хаайыллыахха эбэтэр 2 мөл. диэри ыстарааптаныахха сөп.
- Интэриниэти уонна СМИ-ни туһанан Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри атыылааһын иһин, ону таһынан, бөлөҕүнэн кыттыһан эбэтэр эрдэттэн куомуннаһан буортуну оҥоруу иһин 9 сылга диэри хаайыллыахха уонна 3 мөл. солк. диэри ыстарааптаныахха сөп.
Суруйалларынан, бу сокуон дьиҥ таһымнаахтык бэчээттэммит күнүн кэннэ 180 күнүнэн күүһүгэр киириэхтээх. Маны Судаарыстыбаннай Дуума муус устар 6 күнүгэр ылыммыт. Муус устар 12 күнүгэр Федерация Сэбиэтэ өйөөбүт.
Арассыыйаҕа урут маннык сокуону кэспит киһини
5 тыһ. солк. уонна тэрилтэни
1 мөлүйүөн солкуобайга ыстарааптыыр этилэр дииллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтигэр баар 52 үүнээйи эмп оҥоруутугар, сибэкки дьөрбөтүн бэлэмнээһиҥҥэ нэһилиэнньэ хомуйарыттан аҕыйыыр кутталлааҕа бэлиэтэммит.
Ол иһин айылҕаны харыстааччылар Кыһыл кинигэҕэ да киирбэтэхтэрин иһин, ханнык баҕарар үүнээйини түбэһиэх үргээмэҥ, балары чөлүгэр түһэриигэ балачча кэм наада диэн сэрэтэллэр.
Онон Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирбит үүнээйилэри өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтин көҥүлүнэн эрэ хомуйуллар кыахтаах эбит. Ону билэрбит мантан инньэ наадалаах буолууһу уонна кытаанахтык тутуһуллууһук.
“Хаартыскаҕа түһээри үргүүллэр”
– Муус устар ыйга саҥа 260.1 №-дээх РФ Холуобунай Кодексын сокуона киирдэ. Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр уопсайа 337 үүнээйи, ол иһигэр тэллэйдэр киирэллэр, бу иһигэр 45 устуука үүнээйитэ Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр киирбиттэр. Кыһыл кинигэ «илимииттээх фактордар уонна кутталга киириэн сөптөөхтөр» диэн салааҕа олоҕурдахха, бу РФ Кыһыл кинигэтигэр киирбит үүнээйилэртэн 6-та саамай дьон билэр, үргүүр үүнээйитэ буолар. Холобура, эмтээх “Родиола розовая”.
Бу сокуон олоххо киирбитэ сөптөөх диибин. Хоромньу таһаарбыт киһини 4-9 сылга диэри көҥүлүн быһыахтарын эбэтэр 1-3 мөл. солк. диэри ыстарааптыахтарын сөп.
Онтон Саха сирин Кыһыл кинигэтигэр киирбит 52 үүнээйи эмкэ-томко, бэйэ туттуутугар, онтон да атын сыаллаах дьон хоромньутуттан эмсэҕэлиир үүнээйилэр. Ити иһигэр луук үс көрүҥэ, вздутоплотник сибирский (бөрө сиир ото), онтон да атыттар бааллар. Дьон аһары үргээн, ханнык эрэ көрүҥү аҕыйатан симэлитиэхтэрин сөп.
Кэлиҥҥи кэмҥэ үгүстүк хаартыскаҕа сибэккилээх түһээри үргүүр түбэлтэлэр баар буолбуттара кистэл буолбатах. Көҥүлэ суох сардаананы дьон луковицалыын ороон ылан тиэргэннэригэр көһөрөн аҕалар түгэннэрэ эмиэ баара. Дьиҥэ, өрөспүүбүлүкэ Экологияҕа министиэристибэтэ биирдиилээн үүнээйилэргэ көҥүл биэрэр, оннук түгэҥҥэ ыстарааптан босхолоноҕут.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр сардаана икки эрэ көрүҥэ үүнэр, иккиэннэрэ Кыһыл кинигэҕэ бааллар, ньургуһун биэс көрүҥэ үүнэриттэн иккитэ эмиэ Кыһыл кинигэҕэ бааллар, – диэн санаатын үллэһиннэ СӨ Биологическай ресурсаларга, ураты харыстанар айылҕалаах сирдэргэ уонна аан айылгыларга дириэксийэтин управлениетын сүрүн исписэлииһэ Анна Боескорова.
Түүппүлэни”… тыытымаҥ!
Саха сирин уонна Арассыыйа Кыһыл кинигэтигэр киирбит сыаналаах үүнээйилэр испииһэктэрин билсиҥ:
- Кытархай родиола – (Родиола розовая) (Rhodiola rosea) – эмтээх үүнээйи маассабайдык уонна сырьеҕа анаан хомуйууттан эмсэҕэлиир.
- Луковицалаах Калипсо – (Калипсо луковичная) (Calypso bulbosa) – сибэкки дьөрбөтүн оҥорууттан уонна ойууру кэрдииттэн эмсэҕэлиир.
- Дьиҥнээх түүппүлэ – (Башмачок настоящий) (Cypripedium calceolus) – бырамыысыланнас үлэтиттэн уонна сибэкки дьөрбөтүн бэлэмнээһинтэн эмсэҕэлиир.
- Бөдөҥ сибэккилээх түүппүлэ – (Башмачок крупноцветковый) (Cypripedium macranthon) – нэһилиэнньэлээх пууннар тастарыттан симэлийэн эрэр, сибэкки дьөрбөтүн бэлэмнээһинтэн эмсэҕэлиир.
- Томпой түүппүлэ – (Башмачок вздутоцветковый) (Cypripedium x ventricosum) – хаһаайыстыбаннай үлэни ыытартан, сибэкки дьөрбөтүн бэлэмнээһинтэн эмсэҕэлиир.
- Лобария лабыктата – (Лишайник Лобария легочная) (Lobaria pulmonaria) –эмкэ туһаныллар буолан аҕыйаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: