Үс оҕолоох аҕалары хомууртан тохтотуохтара
Үс уонна онтон элбэх оҕолоох аҕалары хомууртан тохтотор (отсрочка) буоллулар. Маны Судаарыстыбаннай Дуума оборонаҕа кэмитиэтэ бигэргэппит. Быһаарыы ылаары Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласованы кытта сибээстэһэ сырыттыбыт.
Дьокутаат иһитиннэрэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, 33 342 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн баарыттан үксэ тыа сиригэр олорор эбит.
— Быстах хомуур барыбытын долгутта. Бастакы бирикээһинэн түөртэн элбэх оҕолоох аҕалар хомуурга ыҥырыллыыларын уһатан биэрбиттэрэ (отсрочка). Аҕыйах хонуктааҕыта, алтынньы 4 күнүгэр РФ Оборонаҕа министиэристибэтин саҥа бэрээдэгэ тахсыбыт. Бу сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ (СМИ) тоҕо улаханнык тарҕаммата диир буоллахха, бүгүн “Парламентская газета” саайтыгар Судаарыстыбаннай Дуума оборонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Картаполов биэрбит интерьвютугар, РФ Оборонаҕа министиэристибэтин бэрээдэгэ тэрилтэ иһинээҕи туһаныыга (для служебного пользования) оҥоһуллубутунан, киэҥник сырдатыллыбата диэн быһаарар.
Саҥа бэрээдэгинэн, 16 диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата буоллаҕына быстах хомууртан тохтотуллан эрэр (отсрочка).
Кэмитиэппит элбэх оҕолоох ыалга улахан болҕомтону уурарын быһыытынан, ити сонуну истэн үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр үстэн элбэх оҕолоох ыал аҕата элбэх. Бэйэҕит билэргит курдук, 2019 сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх оҕолоох ыал балаһыанньатын (статус) сокуонун ылынан баран, туһааннаах дастабырыанньаҕа ийэ аатын сэргэ аҕа аатын эмиэ киллэрэри ситиспиппит. Аҕа аата-суола хаһан баҕарар үрдүктүк тутуллуохтаах. Саха норуотугар уруккуттан даҕаны ол курдук этэ. Аны элбэх оҕолооҕунан хастан элбэх оҕолоох ыал бигэргэнэрэ Арассыыйа үрдунэн араас. Холобур, биһиэхэ сокуон ылыллыаҕыттан Саха сиригэр элбэх оҕолооҕунан 23-гэр диэри саастаах күнүскү көрүҥҥэ (очно) үөрэнэр уонна аармыйаҕа сулууспалыыр оҕолоох ыал хапсар. Атын эрэгийиэннэргэ — араас. Онон, өссө биирдэ чопчулаан этэбин, дьону бутуйбат туһугар, күн бүгүн РФ Оборонаҕа министиэристибэтин бэрээдэгинэн, 16 диэри саастаах үс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата быстах хомуурга ыҥырыллыыттан тохтотуллан эрэр (отсрочка), — диэн быһаарда.
Дьокутаат Саха сиригэр үстэн элбэх оҕолоох хомуурга хабыллыбыт аҕаларбытын төнүннэриэх тустаахтар, ол өттүгэр үлэ барыахтаах диэн тус санаатын этэр.
Манна даҕатан эттэххэ, күн бүгүн Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара сокуоҥҥа уларытыылары киллэртэрэн, үстэн элбэх оҕолоох аҕалары быстах хомууртан тохтотон эрэр туһунан туруорса сылдьаллар, дьиэ кэргэн туһатыгар буолуо диэн эрэнэбит.
Бу боппуруос туһунан эрдэ суруйан турабыт (Үс оҕолоох аҕалары быстах хомууртан босхолуохтара дуо?)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: