Ыт айаҕар уҥуох кыбыллыбытын хостоотулар

Share

Дьокуускайга судаарыстыбаннай бэтэринээринэй балыыһаҕа бэтэринээрдэр айаҕар уҥуох киирэн кыбыллыбыт ыты быыһаатылар. 

Хаартыска: Бэтэринээрийэ департамена

Дайна диэн ааттаах, ньиэмэс овчарката боруодалаах ыты хаһаайына ыксаан, балыыһаҕа аҕалбыт. Хаһаайына ытын күндүлээри,  силиитин сиэтин диэн, ынах  уҥуоҕун биэрбит. Бу уҥуох ыт алларааҥҥы сыҥааҕар киирэн, кыбыллан хаалбыт.

Ыт сыҥааҕа, тииһэ эмсэҕэлээбит, ыарытыйан, аһаабат да, утуйбат да буолбут.

Бэтэринээрдэр ыты норкуостаан, утутан баран, айаҕыттан быга сылдьар улахан уҥуоҕу хостоон таһаардылар. Бу кэнниттэн эмтэнии кууруһун анаатылар. Дайна билигин эмтэнэ сылдьар, туруга үчүгэй.

Исписэлиистэр дьиэ кыылларын аһатарга, көрөргө-харайарга болҕомтолоох буоларга сүбэлииллэр. Бу курдук сороҕор куурусса уҥуоҕа эмиэ ыт куолайыгар киирэн, кыбыллан хаалыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: сылайыыны хайдах аһарыахха?

Эти-хааны эрчийиэххэ. Дьиэ хомуйа, ас астыы сылдьан, дьыбааҥҥа сынньана сытан, кинигэ ааҕа олорон хаан эргииригэр,…

28 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Сииттэҕэ Үйэтитии сыла

РФ Аҕа дойдуну көмүскээччи, СӨ Ийэ дойдуну көмүскээччи, Кэбээйи улууһугар Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу, Сииттэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбаҕа водолазтар этэрээттэрин филиала аһыллыаҕа

Ньурба улууһугар быйыл СӨ Быыһыыр сулууспатын водолазтарын этэрээттэрин филиала аһыллыаҕа. Бу туһунан «Актуальное интервью» биэриигэ…

1 час ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мииринэйгэ Ольга Балабкина «МЫ ВМЕСТЕ» ыстаап волонтердарын кытта көрүстэ

Олунньу 12 күнүгэр Мииринэй оройуонугар СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Сэргэлээх уоттарыгар» саха сериалларын кэнсиэрэ буолуоҕа

Саха сериаллара саха дьонугар-сэргэтигэр номнуо олус суолталаах буолбуттара. «Саха» НКИХ сериалларын сулууспата тэриллибитэ номнуо биэс…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сиригэр байыаннай дьайыы бэтэрээнэ тэрилтэҕэ кылаабынай мэхээнньигинэн үлэлиир

Семен Павлов хантараагынан байыаннай дьайыыга сулууспалыан иннинэ суолу тутууга кылаабынай мэхээнньигинэн үлэлээбитэ. Дьиэтигэр эргиллэн кэлэн…

2 часа ago