Хаартыска: Бүлүүтээҕи бэтэринээрийэ пууна
Сэтинньи 13 күнүгэр Аан дойдутааҕы үтүө санаа күнэ бэлиэтэнэр. Онтон сиэттэрэн, биир үтүө быһыы туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт. Бу сайын Бүлүү улууһунааҕы бэтэринээр пуунугар ыалдьыбыт ыт оҕотун аҕалбыттара. Афанасий Васильев дьиэтин таһыттан быраҕыллыбыт ыт оҕотун булан ылбыт. Ыт оҕото ып-ырыган, сорох сиринэн түүтэ түспүт, ыйылыыр-ытыыр уонна күүскэ тарбанар эбит. Афанасий кинини тута бэтэринээрдэргэ аҕалбыт.
Бэтэринээрдэр ыт оҕотун көрөн-истэн, Вуд лаампата диэн анал тэрилинэн тыктаран көрөн баран, «лишай» ыарыыта суох диэн быһаарбыттар. «Демодекоз» ыарыы буолуо диэн, тириититтэн анаалыс ылбыттар. Бүлүүтээҕи бэтэринээринэй-чинчийэр лаборатория «демодекоз» буоларын бигэргэппит, ол эбэтэр, олус элбэх клещ баарын булбуттар.
Бу кэнниттэн эмтээбиттэр. Маны сэргэ, ииримтийииттэн, чуматтан быһыыны биэрбиттэр, пааспар оҥорбуттар уонна чип туруорбуттар.
Билигин ыт оҕото улаатан, түүлэнэн, бэтэринээрдэр көмөлөрүнэн үтүөрэн, таптыыр хаһаайынын булан, кини саҕа дьоллоох, иччитигэр бэриниилээх ыт суох! Хаһаайына Липси Хай диэн ааттаабыт.
Амарах санаа аан дойдуну быыһыа! Дьиэтээҕи харамайдарга амарах сыһыаннаах буоллахха, киһилии быһыы, үтүө санаа өрөгөйдүүр. Кыра кыыл диэн аанньа ахтыбакка ааспакка, биир тыынар тыыннаах олоҕун быыһаатахтара.
Күрэс төрүт көрүҥнэригэр "Манчаары оонньуулара" сарсын буолар. Далааһыннаах тэрээһин түһүлгэтигэр мустубут ыалдьыттарга анаан быыстапкалар, кэнсиэр…
Видеограф Александра Левина СӨ Култууратын туйгуна, саха худуоһунньуга Иннокентий Корякины кытта бииргэ хоту сиргэ күүтүүлээх…
Дьон туһа диэн, сороҕор тус олохторун да умнан туран, үлэлии-хамсыы сылдьар дьон баар буолааччылар. Биир…
Анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Виктор Винокуров Саха сиринээҕи Оҕунан ытыыга Федерациятатыттан успуорт тэрилин туппутун туһунан…
Алдан куорат «Стимул» уопсастыбаннай көҕүлээһиннэр киинигэр үлэ оргуйар – олохтоох актыбыыстар байыаннай сулууспалаахтарга анаан анал…
Буолар сирэ - Ытык Күөл сэлиэнньэтэ. Күнэ-дьыла - от ыйын 07 – 13 күннэрэ. …