Бу сыл олунньу 14 күнүгэр бэйдиэ ыттар сокуоннарыгар ханнык уларытыылары киллэриэххэ сөбүн туһунан РФ Судаарыстыбаннай Дууматын “төгүрүк остуола” буолбута. Ону ыт сокуонун төрүттээбит Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Владимир Бурматов иилээн-саҕалаан ыыппыта.
Манна өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылбыта. Кини 498 №-дээх «Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан” туһунан сокуон хараҕынан бэйдиэ сылдьар ыттары (ОСВВ) тутуу, аттааһын уонна көҥүл ыытыы туһунан сокуону миэстэтигэр толоруу уустуктардааҕын бэлиэтээн турардаах. Хааннаах сокуон иэдээниттэн былырыын киһи өлүүлээх быһылаан тахсыбыта. Сыл ахсын оҕолор, саастаах дьон бэйдиэ сылдьар ыттартан эмсэҕэлиир түгэннэрэ элбэх.
Дьокуускайга эппиэтинэһэ суох хаһаайыттартан сылтаан дьон эмсэҕэлээбит түгэнэ тахса турар. Куорат пааркатыгар, оҕо былаһааккаларын, оскуола, уһуйаан таһыгар хаһаайыттар ыттарын көҥүл күүлэйдэтэллэр. Дьиҥэр, сокуон хараҕынан, ыты оҕо тэрилтэлэрин, дьон сынньанар сирдэриттэн чугас күүлэйдэтэр бобуллар. Хас биирдии хаһаайын ытын кэнниттэн бакыаттаах сылдьан хомуйуохтаах. Ытын быата, томторуга суох күүлэйдэтиэ суохтаах. Ол эрээри тоҕо эрэ бу быраабыла тутуһуллубат.
Биһиги тымныы усулуобуйалаах Сахабыт сиригэр питомнигы тутуу, көрүү-истии ыарахаттардаах. Дьокуускай куорат Очиченко, 57 аадырыска баар «Помоги выжить» диэн ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа ааспыт субуотаҕа иккиспин сырыттым. Саас манна сылдьарбар куорат дьаһалтатынан бэриллибит сиргэ элбэх саҥа вольердар кураанах тураллара. Билигин вольердар туола иликтэр эрээри, ыт элбэх. Дьокуускай куорат аҕа баһылыгын дьаһалынан пууҥҥа баар ыттары төттөрү көҥүл ыытар бобуллан турар. Арай бу ыттар бары көҥүл бардахтарына, куоракка ыт сааҕыттан атыҥҥа үктэнэр сир суох буолууһук. Бу ыттар көҥүл сылдьан сатаан ас булумматтар, оччотугар үөрдүһэн кыыллыйан бараллара чахчы. Ааспыт саас сылдьарбар хас да киһи ытын көрдөөн кэлэ сылдьыбыта. Ыттара хас хонукка аһаабытынан аҕыйах мөһөөҕү төлөөн баран бараллара. Бу да сырыыга ити хартыына хатыланна. Икки хас киһи ытын хаартыскатын көрдөрө-көрдөрө килиэккэҕэ турар ыттары кэрийэ барарын испэр кыһыйа көрдүм.
Бу соторутааҕыта Чехов уулуссатыгар баар олбуортан хаһаайыннаах ыттар күрүөнү ойон тахсан хаста даҕаны дьоҥҥо саба түспүттэр. Хас да саба түһүү, дьон эмсэҕэлээһинин кэнниттэн биирдэ хамсааһын барбыт. Ону даҕаны, эмсэҕэлээбит дьон социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕатаннар, хаһаайыттар ытырыык ыттарын пууҥҥа аҕалан туттарбыттар. Сыл ахсын хатыланар хартыынаттан төһөлөөх киһи эмсэҕэлиирий? Ыттарын бэйдиэ ыытар хаһаайыттары кытаанахтык уодьуганныырга уолдьаста. Биир кэлим диспиэччэрскэй пууҥҥа сибээскэ таҕыстым. Миигин кытта диспиэччэр Шубина кэпсэттэ. Бэйдиэ ыты туттарыыга күҥҥэ 70 сайаапка киирэр эбит. Киирбит сайаапкалары нүөмэрдээн баран кинилэр Дьокуускай куорат уокуруктарыгар ыыталлар. Уокуруктар киирбит сайаапкаларынан кэлэн бэйдиэ ыттары тутан Очиченко уулуссаҕа илдьиэхтээхтэр. Ол эрээри ыт ахсаана аҕыйаабат. Уокуруктар киирбит сайаапканан үлэлээһиннэрэ мөлтөх.
СӨ Россельхознадзор Управлениетын судаарыстыбаннай бэтэринээринэй хонтуруоллуур салаата иһитиннэрбитинэн, бүрүсүлүөс сүрүннээн Дьокуускайга уонна Жатайга тарҕаммыт. Барыта холбоон 15 анаалыс бу ыарыы баарын көрдөрбүт. Ол курдук сэттэ эпизоотическай очаг баара биллибит. Бу ыарыы тарҕаммыт сиригэр ыты күүлэйдэтэр, эмтэтэр, олбуортан таһаарар кытаанахтык бобуллубут. Ыалдьыбыт ыттары ыарыы булуллубут күнүттэн саҕалаан уон биэс хонук иһигэр утутар туһунан дьаһал барбыт. Түөрт атахтаах доҕорун ыарыыттан харыстыыр киһи ытын хаһан да бэйдиэ ыыппат. Хаһаайыннаах ыттар бэйдиэ сылдьан дьоҥҥо кутталынан суоһуулларын ааһан, кинилэр ыарыыны таһаллар уонна тарҕаталлар.
Ааспыт ыйга, алтынньыга Дьокуускайга бэтэринээринэй-чинчийэр лабораторияҕа хаһаайыннаах ыт хааныгар бүрүсүлүөс ыарыы баара биллибитэ. Ол курдук эпизоотическай очагтартан, ол эбэтэр ыалдьыбыт ыт турар сириттэн тахсыа суохтааҕын туһунан Дьокуускай куоракка харантыын биллэриллибитэ. Ыт бүрүсүлүөһэ киһиэхэ начаас сыстар ыарыы буолар. Онон ыарыыны төһөнөн эрдэ булан эмтэниллэр даҕаны, оччонон тарҕаныыта аччыыр. Ордук ыты иитэр дьон, бэтэринээрдэр сыстыахтарын сөп. Бүрүсүлүөскэ киһи ыт сырааныттан, төрөөрү сылдьар тыһы ыт барбыт уутуттан уонна саҥа төрөөбүт оҕолоруттан эмиэ сыстыахха сөп. Бүрүсүлүөс микроба хас да ый устата ууга, таҥаска-сапка, малга-салга өлбөккө иҥэн сылдьар. Бу ыарыыттан быһыы диэн суох. Онон ыалдьыбыт ыт иигиттэн-сааҕыттан, сырааныттан киһи начаас сыстар. Бүрүсүлүөскэ сыстыбыт киһи менингит, энцефалит ыарыынан ыалдьар.
Бу туһунан саха ыттарын ууһатар Юрий Борисов бэлиэтээн турар. Ыт хаһаайына суох бэйдиэ бардаҕына, ыттары кытта үөрдүһэр. Үөрдүспүт ыт булчут хаана уһуктар. Тымныы усулуобуйалаах Саха сиригэр аһыыр, тыыннаах хаалар суолун көрдүүр. Ол курдук бу соторутааҕыта социальнай ситимҥэ үөрүнэн сылдьар ыттар оҕус борооскуга саба түһэн тыыннаахтыы сии туралларын буранынан сүөһүтүн көрдүү сылдьар хаһаайын кэлэн нэһиилэ үүртэлээбит. Барбах тыыннаах сытар оҕус борооску кыстыкка киириигэ толооҥҥо сылдьыбытын иһин социальнай ситимҥэ хаһаайынын буруйдаабыттар. Дьокуускайга Очиченко уулуссаҕа баар «Помоги выжить» пууҥҥа ыттар вольердарга түөртүү-биэстии буолан тураллар. Күн ахсын улахан олгуйдарга ыттарга анаан хааһы буһан бидилийэр. Кинилэр кэннилэриттэн хомуйар, ыраастыыр анал үлэһиттэр бааллар. Тыһыынча кэриҥэ ыт хааллан турар. Куорат кытыы уулуссаларыгар бэйдиэ ыт үөрүнэн сылдьар. Кинилэри сокуон көмүскүүр. Ыттан эмсэҕэлээбит дьон кырдьыктарын булаллара уустук. Тоҕо диэтэххэ, үгүс ыт чиибэ суох, ол эрээри моонньуларыгар моойторуктаахтар. Эппиэтинэһэ суох хаһаайыттары уодьуганныырга уолдьаста!
Андрей Находкин, СӨ Аграрнай бэлиитикэтин уонна тыа сирин сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Федеральнай сокуоҥҥа эрэгийиэннэртэн элбэх этии киирбитэ. Ол иһигэр биһиги эрэгийиэн эмиэ ыыппыппыт. Саамай сүнньэ ОСВВ – тутуу, аттааһын, вакциналааһын уонна көҥүл ыытыы диэни бары эрэгийиэннэр сөбүлээбэттэр. Ол эрээри, бу сокуон олоххо киириитигэр кыылы көмүскэһээччилэр сабыдыаллара улаханын бары билинэллэр. Норуокка биллэринэн «Бурматов сокуона” диэн ааттаах, олохтоох усулуобуйаны учуоттаабат, дьобуруопалыы хабааннаах диэххэ сөп. Эрэгийиэннэр бары туруорсуубут – хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар ыттары сиэрдээхтик суох гыныы (гуманное усыпление). Дьэ, итини адьас ылымматылар.
Сокуон туолуохтаах, онон бүддьүөттэн үп көрүллэн приюттар тутуулара саҕаланна. Бэрт кыра уларытыылар киирэннэр, юридическэй сирэйдэргэ уонна ыттаах хаһаайыттарга, ирдэбиллэри толорботохторуна, ыстарааптар баар буоллулар. Ыттаах дьон ыттарын хайаан да вакциналааһын, чииптээһин билигин да ситэ быһаарылла илик. Өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатынан сокуоҥҥа олоҕуран дьаһаллар тахсыбыттара, балаһыанньа бигэргэммитэ. Ол сүнньүнэн дьоҥҥо-сэргэҕэ адьас кутталлаах хабыр майгылаах ыттары төттөрү таһаарбат буолуу оҥоһуллубута. Аны олохтоох былаас уорганнара дьокутааттарын нөҥүө хаһаайыттар ыттарын анал сирдэргэ күүлэйдэтиилэрин, көрүүлэрин-истиилэрин бэрээдэктиир аакталарын ылыныылара ирдэнэр. Хаһаайына суох, бэйдиэ сылдьар ыттары бэрээдэктээһин бу ааһан эрэр сылга балачча ыытылынна. Ол эрээри ыттаах дьон билигин да эппиэтинэһи ситэ өйдөөбөт. Адьас баайан эбэтэр хаайан туруоруу, быалаах, томторуктаах эрэ күүлэйдэтии тутуһуллубат. Ыстараап массыыналаах дьоҥҥо курдук күннээҕи олохпутугар бигэтик киирдэҕинэ эрэ, сааһыланар буолла быһыылаах. Ыт бары чииптэнэн, регистрацияланнаҕына эрэ, харахха быраҕыллар уларыйыылар тахсыахтара. Сокуон сокуонунан, бэйэбит ситэ өйдүү иликпитинэ, уларыйыы тахсара уустук. Уулуссаҕа сүүрэ сылдьар ыттар 70-80% моойторуктаахтар, ол аата хаһаайыннаахтар. Дьэ, кинилэр эппиэтинэстээх буолалларыгар бэчээт уорганнара, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа өйдөтөр үлэни ыытан көмөлөһөллөрө ирдэнэр. Туох сокуоннар, ирдэбиллэр киирбиттэрин, ону тутуспатахха, ханнык ыстарааптар олохтоммуттарын сырдатыахтаахпыт.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 дьиэтигэр "Конституция -- Арассыыйа быраапка тирэҕэ: Саха сирин аныгы быыбардыыр тиһигин…
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай пааркаҕа «Кино в службе Отечества» бэстибээл чэрчитинэн «Дьиэбэр барабын» киинэни…
Балбахов Виссарион Дмитриевич, үйэ чиэппэрэ кэм устата Хоту сиргэ таһаҕаһы таһыыга эҥкилэ суох үлэлээбит Арассыыйа Федерациятын…
Дьокуускай полициятыгар Лермонтов уулуссатыгар баар комиссионнай маҕаһыын бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Кини маҕаһыынтан 6 тыһ.солк. суумалаах…
2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…
"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…