Миэрэ ыларга уолдьаста

Share

Саас буолла да ыт айдаана күөрэйэн тахсар. Дьокуускай дьаһалтатын территориялары кытта үлэлиир Департамена иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 27 күнүттэн муус устар 4 күнүгэр диэри уопсайа 68 бэйдиэ сылдьар ыты туппуттар. Сыл саҕаланыаҕыттан 799 бэйдиэ сылдьар ыт тутуллан пууҥҥа илдьиллибит.

Билиҥҥи туругунан ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа 1294 ыт турар.

Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн хаһаайыттар ыттарын бэйдиэ ыытыыларын иһин 6 боротокуол толоруллубут. Сыл саҕаланыаҕыттан уопсайа 86 боротокуол толоруллубут.

Бэлиэтээн суруйдахха, күн ахсын бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга сэттэ биригээдэ үлэҕэ тахсар.  Сыл саҥатыттан 799 бэйдиэ ыт хантан кэлбитий? Бу ыттар халлаантан түһэн кэлбэтэхтэрэ биллэр. Хаһаайыттар эппиэтинэһэ суохтарыттан ыттар бэйдиэ бараллар, төрүүллэр-ууһууллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ кутталынан суоһууллар. Хаһаайыттары сэрэтэргэ, миэрэ ыларга уолдьаста! Сотору маннык туругунан бэйдиэ сылдьар ыттар пууҥҥа батар кыахтара суох буолуон сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк

Дьокуускайга тэрилтэ үлэһиттэригэр 21 мөл.солк. тахса хамнаһы төлөөбөтөх

Дьокуускайга биир тэрилтэ үлэһиттэригэр хамнастарын төлөөбөккө, 21 мөл.солк. тахса иэскэ киирбит. Сөптөөх кэмигэр 33 үлэһит…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сунтаардар олоҥхолоруттан сылаас иэйиигэ куустардым

Олоҥхо киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт чулуу айымньыларынан билиниллибитэ номнуо 20-чэ сыл ааста. Ол…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тохсунньуттан Роскомнадзорга бэлиэтэниини ааспатах блог, канаал бас билээччилэрин ыстарааптыахтара

Бу сыл сэтинньиттэн 10 тыһ. тахса сурутааччылаах блог уонна канаал бас билээччилэрэ Роскомнадзорга бэлиэтэниэхтээхтэр (регистарция).…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Папа-предприниматель» үөрэтэр грант кыайыылааҕын быһаардылар

«Мой бизнес» кииҥҥэ «Папа-предприниматель» үөрэтэр грант түмүгүн таһаардылар. Кыайыылааҕынан Дьокуускай куораттан түөрт оҕо аҕата, ювелирнай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, Өлүөнэ өрүскэ кыһыҥҥы бастакы суол аһылынна. Хатас-Павловскай хайысханан айан-сырыы көҥүллэммитин туһунан…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үбүлүөй собото

Хас да сыллаах үөрэтии, архыып докумуоннарын хасыһыы түмүгэр, Үгүлээт нэһилиэгин туһунан аан-бастаан сурукка киирбит, ол…

2 часа ago