Бэйдиэ сылдьар ыттар тустарынан хаһыаппытыгар хаһыс да суруйуубут буолар. Кыстык кэллэ даҕаны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ити кыһалҕа күөрэйэр. Ыттары аһынабыт, кинилэргэ аналлаах приюттар суохтарыттан абарабыт. Ол эрээри, тыйыс усулуобуйалаах Саха сиригэр ыттар бэйдиэ сылдьыылара былырыыҥҥы курдук киһи өлүүлээх иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп.
Бу соторутааҕыта Дьокуускай куорат Гагаринскай уокуругар үөрүнэн сылдьар ыттар дьахтарга саба түспүттэрэ, аҕыйах хоноот ити уокурукка – аны 12 саастаах уол оҕоҕо. Оҕо дьолугар маҕаһыын чугас буолан, онно куотан быыһаммыт. Бу бастакы түгэн буолбатах. Маныаха майгынныыр түгэн бу соторутааҕыта 17-c кыбартаалга буолбута. Кыра саастаах оҕоҕо кэнниттэн кэлэн ыт саба түһэн улаханнык эчэппитэ. Оҕо төбөтүгэр 12 тигиини оҥорбуттара. Саха сиригэр сыл ахсын түөрт атахтаах «доҕортон» эмсэҕэлээччи ахсаана аҕыйаабат.
Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын суһаллык быһаарыҥ!
«Бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕатын суһаллык быһаарыҥ. Оҕо эрэ барыта дьиэтин таһыгар оскуолаҕа үөрэммэт, оҕо эрэ барыта массыынаҕа тиэллэн дьиэлээбэт. Бу тугуй? Бачча аныгы, сайдыылаах диир олохпутугар сатаан оҕолорбутун ыттартан көмүскээбэт, куоракка оҕо холкутук сылдьар усулуобуйатын тэрийэр кыахпыт суох дуо?» диэн ис хоһоонноох сурук Афанасий диэн ааҕааччыбытыттан хаһыаппытыгар кэлбитэ. Сэтинньи 7 күнүгэр Дьокуускай куорат нэдиэлэтээҕи сугулааныгар куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев бэйдиэ ыттары тутуу үлэтин күүһүрдэр туһунан сорудахтаабыта. Кини ити ыттар улахан аҥаардара хаһаайыннаах буолалларын бэлиэтээбитэ уонна хаһаайыттарыгар ыстараап олохтуур туһунан этии киллэрбитэ.
«Төһө ыты пууммар батарар кыахтаахпын сатаан этэр кыаҕым суох…”
РФ 498 №-дээх «Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан туһунан” сокуонун хараҕынан, бэйдиэ сылдьар ыттары (ОСВВ) тутуу, стерилизация (аттааһын) уонна көҥүл ыытыы туһунан сокуону миэстэтигэр толоруу уустуктардаах. Биһиги тымныы усулуобуйалаах Сахабыт сиригэр питомнигы тутуу, көрүү-истии ыарахаттардааҕын бары билэбит. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускай куорат Очиченко, 57 аадырыһыгар баар «Помоги выжить” диэн ыты быстах кэмҥэ тутар пууҥҥа тыһыынча кэриҥэ ыт баар. Дьокуускай куорат аҕа баһылыгын дьаһалынан пууҥҥа баар ыттары төттөрү көҥүл ыытар бобуллан турар. Ол эрээри, куоракка бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аҕыйаабат. Пуун үлэтин-хамнаһын, төһө миэстэлээҕин сураһаары салайааччы Екатерина Безрученкоҕа сибээскэ таҕыстыбыт:
– Билиҥҥи туругунан, 908 ыт баар. Бу ааспыт саас саҥа туттарыллыбыт вольердарбытыгар киллэртээн саҕалаабыппыт. Бастаан ааннара киһилии хатаммат, аны намыһаҕа ыстандаарка эппиэттээбэт этэ, тэрилтэ сыыһатын-халтытын барытын көннөрбүтэ. Ааспыт нэдиэлэтээҕи туругунан, пууҥҥа 21 ыт кэлбитэ. Мин билигин өссө төһө ыты вольердарбар батарар кыахтаахпын сатаан этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, сорох вольерга үстүү-түөртүү ыт киириэҕэ, оттон бөдөҥ ыт буоллаҕына, соҕотох туруохтаах. Аһылыктарын туһунан этэр буоллахха, билиҥҥитэ тиийэр. Күн ахсын хааһы буһаран аһата турабыт. Киһилии көрбөттөрүттэн, босхо ыытан кэбиһэллэриттэн бэйдиэ ыт ахсаана элбии турар. Ону сэргэ, даача сезона бүттэ да бэйдиэ ыытар дьон эмиэ баар. Иитэр кыылга эппиэтинэстээх сыһыан наада дии саныыбын. Ыттарын сүтэрэн биһиги пууммутугар хаста да кырынар киһи элбэх.
Ыттары учуоттуур автоматизированнай ситим төһө көдьүүстээҕий?
Бэйдиэ сылдьар ыты тутуу үлэтэ судургутуйбутун туһунан сырдатан турабыт. Ол курдук, бу сыл алтынньытыттан СӨ Бэтэринээрийэтин департамена тутар, аттыыр, вакциналыыр үлэни судургутутар саҥа пилотнай бырайыагы толкуйдаабыта, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын учуота электроннай көрүҥҥэ көспүтэ. Департамент иниспиэктэрдэрэ автоматизированнай үлэ ситимигэр анал үөрэҕи ааспыттара. Бэйдиэ ыттары туттараары биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа эрийэр буоллахпытына, аны мобильнай сыһыарыы нөҥүө үлэлиир буолуохпут диэн суруйбуппут. «Агросервис» тэрилтэ оҥорбут автоматизированнай учуоттуур ситимин үлэтэ бүгүҥҥү күҥҥэ хайдаҕый? Маны кимнээх туһанан эрэллэрий, төһө көдьүүстээҕий?
СӨ Бэтэринээрийэтин департаменын салайааччыта Петр Петров санаатын үллэһиннэ:
– Хаһаайына суох бэйдиэ сылдьар ыттары хонтуруоллуур биир кэлим электроннай бааза суоҕа үлэни атахтыыр. Пилотнай бырайыагынан ыты тутар, аттыыр, чииптиир тэрээһин үлэтин автоматизированнай оҥорбуппут. «Кыылга эппиэтинэстээх уонна амарах сыһыан туһунан” сокуоҥҥа олоҕуран, “АСУ ЖБВ” диэн бэйдиэ ыттары учуоттуур автоматизированнай ситим оҥоһулунна. Бырагыраамаҕа электроннай кэбиниэттэрдээх. Холобур, муниципальнай тэрилтэ исписэлииһэ дьонтон киирбит сайаапканы көрөн-истэн тустаах тэрилтэни кытта хантараак түһэрсэн бэйдиэ ыттары туттарар үлэтэ, сайаапка толоруллубутун уонна ыты тутуу, аттааһын, чииптээһин үлэтин хонтуруоллааһына манна киирэр. Маны таһынан, бэдэрээтинэн (подрядный) ыты тутар тэрилтэ кэбиниэтэ баар. Манна тутуу, приюкка аҕалыы, ыт анал карточкатын оҥоруу, тутуу түгэнин видеотун киллэрии, оҥорбут өҥө иһин хантараагынан төлөбүр уонна сайаапканы сабыы киирэр. Бырагыраамаҕа үһүс кэбиниэтинэн бэтэринээр быраас электроннай кэбиниэтэ буолар. Кини манна тутуллубут ыты көрөн, аттаан, быһыы туруоран, чииптээн баран автоматизированнай боротокуолга киллэрэр. Ахсынньы бүтүөр диэри пилотнай бырайыакпыт үлэлиэ. Онтон дьэ, тохсунньу 1 күнүттэн бырагырааманы толору үлэлэтэн, бэйдиэ сылдьар ыттары автоматизированнай ситимҥэ киллэрэн учуокка ылыахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ (АСУ ЖБВ) хаһаайына суох ыттары учуоттуур автоматизированнай ситиминэн Таатта, Мииринэй, Ленскэй оройуоннара үлэлии олороллор, Дьокуускайга саҥа киллэрэ сылдьабыт. Ситимҥэ уопсайа 49 муниципальнай тэрилтэ холбоммута. Ону таһынан, ыты тутар 20 тэрилтэ холбоммута, олортон 24 үлэһитэ ситим веб-кэбиниэтигэр киирэр көҥүллээх. Учуоттуур ситим нөҥүө бэйдиэ сылдьар 213 ыты туттарыыга 58 сайаапка киирбитэ, итинтэн бүгүҥҥү күҥҥэ уопсайа 57 тутулунна. Автоматизированнай сайаапканы түһэриигэ «Поиск животных” диэн мобильнай сыһыарыы баар. Маны таһынан, тутан баран чииптээҕин бэрэбиэркэлээри сканердаан көрөллөр, чииптээх буоллаҕына, хаһаайынын “Все звери” диэн порталга киирэн көрүөххэ сөп. Эпизоотическай (ыарыы турбатын туһугар) балаһыанньаны хонтуруоллуурга, ону сэргэ ыт ахсаанын билэргэ, төһө ыт (ОСВВ) чииптэммитин, аттаммытын бүтүн РФ үрдүнэн көрөргө “Аналитика для ветуправлений” диэн баар. Үлэлээн истэххэ, бырагыраама көдьүүстээҕэ көстүөҕэ.
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…
Бу үөрэнээччилэр урбаан олимпиадатыгар кыттан, 150 оҕоттон уустук сүүмэрдээһини аастылар. Олимпиадаҕа Абый, Амма, Анаабыр, Булуҥ,…
Култуура киинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Аллараа Бэстээххэ тутулла турар. Үлэ хаамыытын Саха сирин бастакы вице-премьерэ…
СӨ үбүн министиэристибэтэ "Арассыыйа - мин историям" түмэлин пуондатыгар байыаннай дьайыы эспэнээттэрин туттарда. Манна байыаннай…
Бүгүн Саха сирин бастакы вице премьерэ Дмитрий Садовников Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар "Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ"…
Киһиэхэ иэримэ дьиэтэ, сылаас уйата саамай хаххата, олоҕун биир сүрүн сорҕото буолар. Хас биирдии дьиэ…