Бурятияҕа бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын быһаарар сокуон олоххо киирэн дойду үрдүнэн улахан аймалҕаны таһаарда. Дойдубут араас муннуктарыгар ыттары көмүскэһээччилэр социальнай ситимҥэ санааларын үллэстэллэр, кыыллары аһыналлар. Ол эрээри дьиэ кыылын иитии быраабылатын тутуһааччы аҕыйах.
Бу аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускай куорат Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссатыгар баар уопсай дьиэҕэ 16 ыты кыракый хоско иитэн олорбут дьахтар туһунан суруйан турабыт. Уулуссаттан хомуйбут ыттарын киһилии көрбөккө-харайбакка, уопсай дьиэ иһин сытынан-сымарынан тунуйбут. Киһилии аһаппат, таһырдьа даҕаны күүлэйдэппэт эбит. Ыаллыы олорор дьон тулуйа сатаан баран үҥсүү түһэрбиттэр. СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын иниспиэктэрэ, полиция учаастактааҕы, Бырамыысыланнай уокурук исписэлиистэрэ буолан ыйыллыбыт аадырыска тиийбиттэр. Балаһыанньаны көрөн-истэн баран, ыттары мунньар дьахтары кыылы иитиигэ быраабыланы кэһии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыбыттар. 12 ыты (олор истэригэр 11 ыт оҕото) быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пууҥҥа илдьибиттэр. Билиҥҥи туругунан, бу пууҥҥа 1400 ыт баар. Бу соторутааҕыта, өрүс суола сабыылаах буолан приют ыттара аһыыр астара суох буолла диэн волонтердар бар дьоҥҥо ыҥырыы таһаарбыттара. Биһиги пуун салайааччыта Екатерина Безрученколыын сибээстэһэн балаһыанньаны сураспыппыт. Онуоха кини, геркулес хааһынан, гречканан аһаталларын, биир даҕаны ыты аччыктата иликтэрин туһунан эппитэ.
Икки сыллааҕыта, Саҥа дьыл иннинэ Дьокуускайга бэйдиэ ыттартан сылтаан киһи өлүүлээх иэдээн тахсыбыта. Забайкальскай кыраай Домна бөһүөлэгэр сэттэ саастаах кыыс, Оренбурга кыра уол оҕо үөр ыттар саба түһүүлэриттэн суорума суолламмыттара. Оттон ыкка ытыртаран эмсэҕэлээбит дьону киһи ааҕан сиппэт. Биһиэхэ тахсыбыт киһи өлүүлээх иэдээн кэнниттэн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйдиэ сылдьар ыттары быстах кэмҥэ тутар пуунтан таһаарбат гына уураах таһаарбыта. Былырыын итинник ыт ахсаана «Помоги выжить» пууҥҥа 800 кэриҥэ эбит буоллаҕына, бу сыыппара быйыл 1400 тэҥнэстэ.
Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин аҕа баһылыга Алексей Цыденов ахсынньы 8 күнүгэр «ВКонтакте» социальнай ситим нөҥүө быһа эпииргэ тахсыбыта. Онно бэйдиэ сылдьар ыттары утутар сокуон туһунан санаатын үллэстибитэ:
– Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэйдиэ сылдьар ыттарга сыһыаннаах ылыммыт сокуонунан ыттары чааһынай приютка үйэ саас тухары иитэргэ кыах биэрэр. Ыты иитиэн, көрүөн-истиэн баҕалаах дьону хааччахтаабаппыт. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэбит бүддьүөтүгэр бэйдиэ сылдьар ыттары иитэр кыахпыт суох. Биһиги ыттары ый кэриҥэ эрэ пууҥҥа тутабыт. Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин, биһиги бэйдиэ сылдьар ыттары утары үлэлиир буолбатахпыт, ким баҕалаах ылан иитиэн сөп. Дьон-сэргэ олоҕо биһиэхэ инники күөҥҥэ турар.
Петр Петров, СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын салайааччыта:
– Сыл аайы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн субвенция көрүллэр. Ол харчы ыттарга, куоскаларга сыһыаннаах сэттэ тэрээһин ыытылларыгар барар: бэйдиэ сылдьар кыылы тутуу, регистрациялааһын, эмтээһин, төрөөбөт-ууһаабат гына оҥоруу, бииркэни туруоруу, вакцинациялааһын уонна босхо ыытыы. Этиллибитин курдук, ыараханнык ыалдьар кыылы «утутуу» эмиэ киирэр. Онтон атын сыалга бу харчы барыа суохтаах. Ол курдук, 2020 сыллаахха – 60 мөл. солк. (субвенция 56% туттуллубут), 2021 сыллаахха 60 мөл. солк. көрүллүбүт, (90% туттуллубут), 2022 сыллаахха – 93 мөл.12 тыһ.солк. көрүллүбүт, (86,6% туттуллубут) уонна быйыл 94 мөл. 466 тыһ. солк. көрүллүбүт. Бу үбүлээһин суотугар олохтоох дьаһалталар 498-c №-дээх федеральнай сокуон быһыытынан көрүллэр тэрээһиннэри ыыталлар. Биһиги эмиэ Бурятияҕа курдук дьон приюттан ылбат уонна кырыктаах, дьоҥҥо саба түһэр кутталлаах ыттарын урукку сиригэр төттөрү ыыппакка, үс ый ааспытын кэннэ утутуохха диэн сокуоҥҥа уларытыы киллэрээри гыммыппытын, Саха сирин борокуратуурата федеральнай сокуоҥҥа утарсар диэн бигэргэппэтэҕэ. Атын уларытыылары киллэрэргэ билигин үлэ бара турар.
Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээринэй Управлениетын салайааччыта Амгалан Дармаевка эрийэн кэпсэттибит:
– Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата сытыытык турар. Ыттаах хаһаайыннарга анаан араас чэпчэтиилээх аахсыйалары тэрийээччибит. Ол эрээри, эппиэтинэһэ суох быһыыттан ахсаана күнтэн күн элбии турара. Норуодунай Хурал бэйдиэ сылдьар, хаһаайына суох ыттары утутуу туһунан сокуону бар дьон туһугар ылынна диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ыты көмүскэһээччилэр сокуону араастык ылыналлар, дьиҥэр, уулуссаҕа сүүрэ сылдьар ыттары барытын утутар буолбатахпыт. Чииптээх, кулгааҕар бииркэлээх ыттары биһиги приютка 30 хонук устата тутабыт. Бу кэм устата хаһаайынын көрдүүбүт. Бииркэтэ, чиибэ суох ыт хаһаайынын булбатаҕына, утутуллар. Оттон чииптэммит, аттаммыт эрээри, хаһаайыннара көстүбэтэхтэринэ, ыты тутуу – чииптээһин — аттааһын – көҥүл ыытыы быраабылатынан дьон-сэргэ тоҕуоруспат сиригэр ыытыллаллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ылыммыт сокуонун дьон араастык ылынар уонна суруйар. Дьиҥэр, сокуон дьон-сэргэ, оҕо-аймах көмүскэллээх буолуутугар туһаайылынна диэн этиэхпин баҕарабын.
2020 с. бэйдиэ сылдьар ыттары көрүүгэ-истиигэ –
60 мөл. солк.
көрүллүбүт, мантан
56%
туттуллубут, 2021 с. –
60 мөл. солк.
(90% туттуллубут),
2022 с. –
93 мөл. 12 тыһ. солк.
(86,6% туттуллубут) уонна быйыл
94 мөл. 466 тыһ. солк. көрүллүбүт.
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…