Үтүө дьон үктээбит суоллара үйэтитилиннэ
Ахсынньы ый биир үтүө-мааны түбүгэ сыллааҕы үлэни түмүктүүр, анаарар, ырытар, ситиһиилэртэн үөрэр, кыайыылартан кынаттанар кэм буолар. Хатас нэһилиэгин дьаһалтата үтүө үгэс буолбут тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ 2008 сыллаахха саҕаламмыта уонна биир да сылы көтүппэккэ күн бүгүн эмиэ бу тэрээһин үөрүүлээх-көтүүлээх, долгутуулаах долгунугар уйдарабыт.
Быйылгы ааһан эрэр сылбыт Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибитинэн Дьиэ кэргэн уонна СӨ Оҕо сыла буолар. Сайдар-үүнэр Хатаспыт олох-дьаһах хайа даҕаны хайысхатыгар инники күөҥҥэ сылдьарыттан биһиги олохтоохтор бары даҕаны астына-дуоһуйа, киэн тутта саныыбыт. Бочуот кинигэтигэр ааһан эрэ сыл бастыҥнара, үтүөлэрэ норуот хаһаайыстыбатын араас салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбиттэр-хамсаабыттар, айбыттар-туппуттар киирэллэр. Оттон ситиһии, сатабыл биллэрин курдук эмискэ соһуччу биир сыл иһигэр тиийэн кэлбэт. Ситиһии даҕаны, кыайыы даҕаны ситимнээх үлэни, сыралаах сыһыаны бэриниилээх буолууну эрэйэр, айымньылаахтык, ис сүрэхтэн ситэрэн-хоторон биэрэн тупсардар тупсаран иһэри биһириир. Ол да иһин буолуо, Бочуот кинигэтигэр киирэр үтүө-мааны дьоммут баһыйар үгүс өттө уопуттаах, өр сылларга үлэлээбит дьоһун дьон буолаллар. Кинилэр кимнээхтэрий?
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи оҕолору иитэр-үөрэтэр тэрилтэ бастыҥ үлэһитэ Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Хатастааҕы 70 нүөмэрдээх «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын салайааччытын солбуйааччыта, ааҕар-суоттуур салааҕа тутаах үлэһитэ Федорова Анна Филипповна буолла. Анна Филипповна бу эйгэҕэ номнуо сүүрбэттэн тахса сыла буолла. Бэйэтэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн далбар хотуна, улахан оҕолор Антон, Анастасия улаатан борбуйдарын көтөҕөн олох киэҥ аартыгар тахсыбыттара, күн бүгүн Антон Сунтаар улууһугар олохсуйан олорор, икки оҕолоох дьоһун ыал аҕата, улахан кыыс Настя “Тимир суол үлэһиттэрин иитэн-үөрэтэн таһаарар транспортнай техникуму” бүтэрээри сылдьар, бастыҥ устудьуон, онтон кэлэр оҕо оскуолаҕа 7 кылааска үөрэнэр, саамай кыралара уһуйаан иитиллээччитэ. Ааҕар-суоттуур салаа биирдэ санаан көрдөххө, арай туран биир остуолга олорор да олорор курдук, ол эрэн үп-харчы тыырыллыыта, ааҕааһына-суоттааһына, хамсааһына, отчуота сүрдээх улахан хамсатар күүс буолар. Онон Анна Филипповна сүүсчэкэ үлэһиттээх улахан тэрилтэ үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар суолугар дьоһун киһи буолар.
“Үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ” – П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала — Игнатьева Розалия Васильевна. Розалия Васильевна Хатас нэһилиэгин уонунан көлүөнэтин үөрэх-сайдыы суолугар үктэннэрэр түбүктээх үлэтигэр күн бүгүн даҕаны таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Сүрдээх сэмэй, ис киирбэх майгылаах, хаһан баҕарар олох хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн үлэтигэр саҥаттан саҥа, сонунтан сонун ньымалары, албастары туһанан оҕо аймаҕы билиигэ-көрүүгэ тардыһыннарар, туруоруммут сыалын-соругун толорор буолан стиһиитэ ситимнээх.
“Эбии үөрэхтээһин бастыҥ үлэһитэ”- Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолатын тустууга уһуйааччыта, тустуу салаатын кылаабынай тириэньэрэ Осипов Александр Павлович. Александр Павлович оскуола үлэлиирин тухары саамай ыарахан кэмигэр үлэлии кэлбитэ — дьиэ-уот боппуруоһа кытаанаҕа, хамсык хам баттаан кэлии-барыы, күрэх, көрсүһүү бобуллуута. Үлэҕэ кимэн киириитэ сахалыы дьоһун, наҕыл өрүтэ биэрэн буолбакка сыыйа, ыллар-ылан, киирдэр-киирэн испитэ. Сыалын-соругун биир сүрүн хайысхата, баҕа санаата, сырдык ырата – саханы саха дэппит, аан дойду таһымыгар таһаарбыт көҥүл тустуу маассабай буолуута. Онон үлэтин биир саамай бастыҥ көрдөрүүтүнэн кини быйыл буолбут 7 спортивнай оскуола тустууга салаатын күрэҕэр 70 тахса кыттааччылааҕын ааҕынар. Биллэн туран биирдиилээн кыттааччылара Арассыыйа таһымыгар тиийэ барбыттара, 8 норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» спортивнай оонньууларга кыттыбыта бу эмиэ туһугар астык көрдөрүү, үлэ ситиһиитэ буолар. Эҕэрдэҕэ харда тылыгар Александр үлэтин сыаналаабыттарыгар махтанан туран инники былааннара элбэҕин, ону толорор туһугар үлэлиэн-хамсыан баҕарарын эппитигэр саала иһигэр олорор дьон ытыс тыаһынан ылыннылар.
“Култуура бастыҥ үлэһитэ” – Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа уһуйааччыта Егорова Екатерина Павловна. Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын атыттартан биир уратыта бу оскуолаҕа көлүөнэ ситимэ – уһуйааччы үөрэннэччитинээн бииргэ үлэлээһиннэрэ олус чаҕылхайдык баар – Саргылана Васильевна – Анастасия Дмитриевна, Анна Титовна – Александр, Лариса Егоровна Илона Евгеньевна, Светлана Михайловна Екатерина Павловна. Екатерина Павловна талбыт идэтигэр олус бэриниилээх, эппиэтинэстээх, ыраахха тиэрдэр ыра санаалардаах, барҕа санаалаах барыллардаах, үрдүккэ үктэннэрэр торумнардаах кэскиллээх үлэһит буолар. Кини куруутун эмискэччи, соһуччу буолбакка барытын анааран, толкуйдаан, ыараҥнатан баран саҕалыыр буолан ханнык баҕарар саҕалааһынын хаһан даҕаны ортотуттан уурайбат, мэлдьи тиһэҕэр тиэрдиилээх буолар. Бу салаа уһуйуллааччылара салгыы бу хайысханан, эбэтэр бу хайысхаҕа ылбыт билиилэрин туһанан үөрэххэ киириилэрин бырыһыана үрдүгэр кини кылаата баарыттан үөрэбит, махтанабыт.
“ Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ” — Козлов Алексей Григорьевич, Хатастааҕы свинокомплекс племенной үлэҕэ зоотехнига. Алексей Григорьевич тыа хаһаайыстыбатын бу ааттаммыт салаатыгар, хайысхатыгар дьиҥ чахчы бэриниилээхтик, эппиэтинэстээхтик билиитин-көрүүтүн, сатабылын биэрэн туран сыл үлэлээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын ханнык баҕарар салаатыгар сайдар-үүнэр, байар-тайар туһугар туһуланар үлэ боруода тупсарыытыгар ананар. Онон Алексей Григорьевич ылсан туран өр сылларга дьарыктаммыт, дириҥ билиилэммит дьиҥнээхтии сүрэҕин, дууһатын нөҥүө аһарбыт племенной үлэтэ свинокомплекс үлэтин производственнай көрдөрүүтүн тупсарбыта дьэҥкэ. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, эйэҕэстэй эһээ, эрэллээх кэргэн, уурбут-туппут курдук ис киирбэх туттунуулаах сүрдээх үчүгэй хаһаайын тулалыыр дьонун убаастабылын ылыан ылар.
“Доруобуйа харыстабылын бастыҥ үлэһитэ” Хатастааҕы участковай балыыһа процедурнай кабинетын сиэстэрэтэ — Андреева Мира Викторовна. 1995 сылга Жатайдааҕы медицинскай лицейи бүтэриэҕиттэн күн бүгүҥҥүгэ диэри туппут илиитин араарбакка ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар коллектив биир саамай уопуттаах, сатабыллаах үлэһитэ. Эйэҕэс-сайаҕас, аһаҕас майгылаах, куруутун мичээр бэлэхтээх холку, наҕыл буолан ыалдьан, кыһалҕатыйан кэлбит дьон махталын ылыан ылар. Дьиэ-уот туттан, кэргэнинээн Борис Юрьевичтыын күн сирин көрдөрбүт үс оҕолоруттан икки улаханнара олохторун суолун булунан, Айсена өрөспүүбүлүкэтээҕи сүрэх, тымыр ыарыыларын эмтиир кииҥҥэ кадрдары кытта үлэҕэ отдел исписэлииһэ, улахан уол Виктор Хатас нэһилиэгин дьаһалтатыгар суоппардыыр, кыра уол Андрей Хатас орто оскуолатыгар орто сүһүөх кылааска үөрэнэр. Мира Викторовна сүрүн үлэтин таһынан балыыһатын даҕаны, нэһилиэк даҕаны уопсастыбаннай олоҕуттан эмиэ хаһан даҕаны туора турбат.
“Куттал суох буолуутун хааччыйар эйгэ бастыҥ үлэһитэ” – Харитонов Тимур Борисович, СӨ Дьокуускай куораттааҕы уонна Жатайдааҕы 40 нүөмэрдээх баһаары утары үлэлиир этэрээтин Хатастааҕы 8 нүөмэрдээх баһаарынай чаас маҥнайгы караулун начальнига. Тимур Борисович үлэтигэр ханнык даҕаны салааҕа үлэлээтэр мэлдьи бастыҥнар кэккэлэригэр баар, сахабыт сири үрдүнэн сатыылаабыт баһаардар үөскэппит уустук балаһыанньалаах кэмнэргэ түргэн-тарҕан сырыытынан, миэстэтигэр быһаарыныы ыла охсон сөптөөх үлэни ыытан хорсун быһыытын иһин өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатын наҕараадатын туппута. Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга улахан кыргыттар устудьуоннар, уоллара оскуола оҕото. Дэгиттэр сайдыылаах спортсмен, булчут. Хатаска уонунан сылларга ыытыллар Байанай күрэҕи биири даҕаны көтүппэккэ куруутун кыттар, бу күрэх араас түһүмэхтэригэр бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһэр.
«Нэһилиэнньэ наадатын толуйар эйгэ бастыҥ үлэһитэ” – Хатас нэһилиэгин почтанан сибээс отделениетын 1 кылаастаах почтальона Ксенофонтова Татьяна Анатольевна. Почта үлэтигэр үгүс уустуктар баалларын бары даҕаны билэн олоробут, ол гынан баран бу эйгэ киһи аймах устуоруйатыгар биир саамай дириҥ силистээх бэйэтин кэмигэр уһулуччу улахан суолталааҕын умнубаппыт. Татьяна Анатольевна тыал-куус, ардах-хаар, тымныы-куйаас диэбэккэ үлэтин чэрчитинэн нэһилиэкпит усталаах туоратыгар хааман-сиимэн, билисипиэттээн суругу-бичиги, хаһыаты таһар. Илиитигэр талааннаах мастан даҕаны, кумааҕыттан даҕаны араас эгэлгэ оҥоһуктары оҥорор. Олох наада диэн буолбутугар биирдэ олорор дьиэтин олбуоругар биир түүнүнэн ворота кытта оҥорон соһутан, үөрдэн, сөхтөрөн турардаах.
“Сыл бастыҥ уопсастыбаннай тэрилтэтэ” – Хатастааҕы эдэр ыччат сүбэтэ –салайааччы Семен Семенович Игнатьев. Хатас нэһилиэгэ түмсүүлээҕин, сомоҕолоһуулааҕын туһунан бүтүн өрөспүүбүлүкэ көрөн-истэн, ааҕан олорор. Ол туһунан суруллар даҕаны, уһуллар даҕаны, уостан-уоска кэпсэниллэр даҕаны. Эдэр ыччаты кытта үлэ куруутун ураты болҕомтоҕо баар – үлэлиир ыччат, үөрэнэр ыччат түмсэннэр олох бары эйгэтигэр нэһилиэк олоҕун тыгыалас тымырын тутан олороллор. Ааһан эрэр сыл түмүгүнэн Дьокуускай куорат үрдүнэн бастыҥынан ааҕыллан анал бириис – кубок туттулар. Ыччаттар түмсэ түстүлэр даҕаны муус даҕаны ылан, тиэйэн биэрэллэр, сааскы, кыһыҥҥы үлэлэргэ көмөлөһөллөр, көҕөрдүнүүгэ күүскэ үлэлэһэллэр.
“Сыл бастыҥ уопсастыбанньыга” — Анна Петровна Иванова Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын дьиэ-уот боппуруостарыгар сыһыан департаменын мунициапльнай хааһына тэрилтэтин сүрүннүүр исписэлииһэ. Анна оскуолаҕа эрдэҕиттэн олоххо көхтөөх, сүрдээх үлэһит, туппутун ыһыктыбат майгытынан биллэр. Дэгиттэр талааннаах, клиптэргэ да уһуллубута, театрга да оонньообута.
“Сыл бастыҥ ыала” – Георгий Вильгельмович уонна Ольга Михайловна Оконушкиннар дьиэ-кэргэттэрэ. 2002 сыллаахха ыал буолар ыллыктаах санааны ылынан бииргэ буолбуттарыттан ыла күн бүгүн 7 уол оҕолоох дьоһун ыал нэһилиэкпит даҕаны, куорат, өрөспүүбүлүкэ даҕаны таһымыгар буолар уопсастыбаннай олох көхтөөх кыттыылаахтара. Дьиэ-кэргэн сахалыы тыыҥҥа иитиигэ утумнаахтык дьулуһаллар, уолаттар кыра эрдэхтэриттэн ыалынан олоҥхо ааҕан доллоһутан, спорт араас көрүҥэр ситиһиилээхтик кыттан сылын ахсын уос номоҕор сылдьар, бастыҥнар кэккэлэригэр ааттанар. Үтүө санаанан салайтаран үтүө санаа аахсыйалыргар куруутун кытталлар, Георгий Вильгельмович оҥорбут күрүөтэ-хаһаата, аччыгый архитектурнай оҥоһуктара – суруктара-бичиктэрэ нэһилиэкпит иһигэр араас миэстэлэргэ бааллар. Оконушкиннар сахалыы тыыны таһынан олохторугар куруутун тутуһар хайысхалара оҕону үлэнэн иитии, үлэҕэ сыһыарыы буолар. Уолаттар аҕаларын кытта сылдьан муус ылаллар, тутууга үлэлииллэр. Георгий Вильгельмович Дьокуускай куорат бастыҥ аҕаларын кэккэлэригэр киирэн аҕалары чиэстиир-бочуоттуур кинигэҕэ киирбиттэрэ.
“Нэһилиэк социальнай, экэнэмиичэскэй олоҕор кылаатын иһин” анал иҥэриллэр уһун сылларга Сахатранснефтегаз тэрилтэ Хатастааҕы учаастагын салайбыт Васильев Николай Николаевичка. Кини бу олус эппиэтинэстээх дуоһунаска ананыар диэри бу тэрилтэ үлэтин бары түһүмэхтэригэр барытыгар үлэлээбитэ. Онон тоҕо, хаһан, ханна диэни дьиҥ чахчы бэйэтин нөҥүө аһарбыт буолан кимтэн тугу ирдиирин, үлэ хардыытын сааһылааһыны, салайары чуолкай билэрэ. Николай Николаевич эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, бэйэтин кыанар дьиҥ сатаабата суох – оттуур-мастыыр,муус ылар, дьиэ тутар, сыбааркалыан да сөп, уһаныан да сөп, тыраахтары массыынаны ыытар. Сорсуннаах булчут, балыксыт, Хатас аатын элбэхтэ көмүскээбитэ, үрдүк үктэлгэ таһаарбыта.
Ааһан эрэр сылга Хатас аатын култуура эйгэтигэр доргуччу ааттаппыт ытыктыыр убаастыыр киһибит СӨ ускуустубаҕа үтүөлээх диэйэтэлэ , Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Макаров Федот Гаврильевич Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын бочуотун кинигэтигэр “Нэһилиэк киэн туттуута” диэн анал аатынан киирдэ. Быйылгы сылга Федот Гаврильевич бэйэтин бэлиэ сылын көрсө айар-тутар суолун биир чаҕылхай түһүмэҕэ буолан тус быыстапката элбэх үтүө кэпсэтиини, сөҕүүнү-махтайыыны, сүгүрүйүүнү, үрдүк сыанабылы ылла.Сүрдээх дириҥ толкуйдаах, ис бөлөсүөпүйэлээх, олоҕу көрүүтэ эмиэ уратылардаах, киһини сырдыкка,ыраахха угуйар күүстээх дьоһун киһибит чахчыта даҕаны нэһилиэкпит киэн туттуута буолар. Кини үлэлэрин үрдүктүк сыаналааччы тас дойдуларга тиийэ бааллар. Маны таһынан Федот Гаврильевич уруһуйдуон баҕалаах биир дойдулаахтарын кытта үлэлэһэн маастар кылаастары ыытар, сүбэ-ама, көмө-тирэх буолар.
“Идэҕэ бэриниилээх буолуу” – Халиуллин Рашит Латыфович. Кини 1975 сылга Сэбиэскэй Аармыйаҕа ытык иэһин төлөөн Хатаска үктэниэҕиттэн ыла биир да хардыы сири атын сиргэ сыҕарыйбакка иккис дойду оҥостон, суоппар идэтин бары өттүттэн баһылаан, Пермякова Клавдия Ивановналыын ыал буолан, оҕолонон-урууланан дьоһун олоҕу олорор убаастанар киһибит буолар. Идэтигэр чахчы даҕаны бэриниилээх, сатабыллаах, үлэһит үтүөтэ киһибит бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор даҕаны уу таһар массыыната күн бүгүн даҕаны сүүрэр. Рашит Латыфович үлэлиир-хамсыыр кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ олус уустук балаһыанньаҕа киирбит кэмнэрдээхтэрэ. Ол да буоллар үлэҕэ бэриниилээх, бэйэтин тэрилтэтин эрэллээх саллаата киһи саллан туораан хаалбакка, хамнаһа да суох үлэлии сылдьыбыт түгэннэрдээх. Рашит Латыфович атыттарга холобур буолар майгыта кини олорор дойдутун омугун, кэргэнин Клавдияны убаастаан, ытыктаан саха тылын үөрэтэн бэрт холкутук (арааһа билиҥҥи аныгы сахалартан ордуктук) сахалыы саҥарар.
“Нэһилиэк киэн туттуута” – Окорокова Татьяна Григорьевна. Тускул КК быйылгы айар-тутар сезоммутугар Татьяна Григорьевна 10 сылын үлэлиир-хамсыыр, үүнэр-сайдар. Бу сыллар тухары мунньуммут уопута, билиитэ-көрүүтэ, кыһамньыта, талаана-дьоҕура барыта эбиллэн Хатаспыт нэһилиэгин устуоруйатыгар аан маҥнайгынан “Көмүс дорҕоон” диэн оҕо вокальнай студиятыгар СӨ образцовай оҕо вокальнай кэлэктиибэ диэн үрдүк үрдэл аат иҥэрилиннэ! Эйэҕэс-сайаҕас, сайдар-үүнэр аартыгы арыйбыт салайааччы бу кэлэктиибэ Дьокуускай куоракка баар улахан уораҕайдар үрдүкү сценаларыгар барыларыгар “Көмүс дорҕооннор” ылбаҕай ырыалара ыраахха диэри дуорайда, куйаарга көттө. Сүрүн үлэтин таһынан Татьяна Григорьевна нэиһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар, 4 амарах ийэтэ, эрэллээх кэргэн, сатабыллаах салайааччы.
“Ситиһии формулата” – Саввин Гавриил Михайлович .Гавриил Михайлович Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ. Спортка оҕо эрдэҕиттэн сыстан сыал-сорук туруорунарга, сыралаһан туран ситиһиигэ тиийэргэ, кыайыы кынаттанарга үлэлэһэн спорду дьиҥ ис туругун, кистэлэҥнэрин билэр. Тренер быһыытынан үлэтигэр эмиэ кэккэ ситиһиилэрдээх, киһиэхэ кэпсиир үрдүк үрдэллэрдээх. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕаы таһымнаах 8 төгүлүн ыытыллыбыт Азия оҕолоро күрэххэ Хатастан сылдьар 3 иитиллээччитэ боруонса, үрүҥ көмүс, кыһыл көмүс мэтээллэри ылары ситиспиттэрэ. Тренер быһыытынан оҕолорбуттан ирдиир ирдэбиллэрбиттэн биир сүрүннэрэ кыайыыны даҕаны, кыайтарыыны даҕаны уйуохха наада диэн сэһэргиир. Элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга оҕону иитиигэ өссө биир тумус туттар ньымата – Үлэ буолар.
“Үтүө сүрэх” – анал аат иҥэриллэр Андреева Надежда Ивановнаҕа. Надежда Ивановна 70 нүөмэрдээх Кэрэчээнэ оҕо уһуйааныгар өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн барытын биэрэн туран үлэлээбитэ быданнаата.Үүнэр көлүөнэ ыччаттарбыт билии-көрүү, сатабыл ылалларыгар үчүгэйдик, минньигэстик тото-хана аһаан чөл-чэгиэн туруктаах буолалларыгар повардар үлэлэрин оруола сүҥкэн улахан. Ас астааһын киһи аймах сайдыытын устуоруйатын хардыытынан уларыйан-тэлэрийэн, ирдэбилэ кытаатан, сайдан иһэр, онтон оҕо тэрилтэтигэр ас астааһын уустугун, ирдэбилэ үрдүгүн, эппиэтинэһэ кытаанаҕын бары даҕаны өйдүүбүт уонна кырдьыга даҕаны идэтигэр бэриниилээх, үтүө сүрэхтээх эрэ дьон үлэлиир идэлэрин толору баһылаабыт мааны майгылаах, аһыныгас санаалаах, минньигэс астаах Надежда Ивановнаны саала дьоно бары даҕаны олус истиҥник көрсөн өссө долгутуулаах түгэн буолан ылла.
“Бочуоттаах меценат” анал аат Александр Михайлович Павловка ананна. Дьэ бу иннинээҕи анал ааппыт Үтүө сүрэх диэн эбит буоллаҕына Бочуоттаах меценат эмиэ үтүө сүрэхтээх, аһыныгас сүрэхтээх, киэҥ толкуйдаах, инникигэ көрүүлээх киһи буолар. Александр Михайлович бу олоххо ситиспит үрдэллэрин барытын тус бэйэтэ торумнаан, былааннаан, тиритэ-хорута үлэлээн, кыайыы-хотуу, табыллыы, үөрүү-көтүү, хомолто, түһүү-тахсыы диэни барытын бэйэтин нөҥүө аһаран уйбута элбэх. Онтон ситиһии ситимигэр киирэн баран үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһааччыларга, мэһэйгэ-моһолго түбэспиттэргэ кыаҕа-күүһэ тиийэринэн мэлдьи көмөлөһөр киһи киэнэ килбиэннээҕэ, саха саарына кини буолар.
“Бастыҥ салайааччы” үрдүк аатын 2024 сыл түмүгүнэн Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Эбии үөрэхтээһин салаатыгар Хатастааҕы “Ситим” айымньы дьиэтин дириэктэрэ Стручкова Саргылана Тарасовнаҕа иҥэрилиннэ. – Саргылана Тарасовна салайар дьоҕус тэрилтэтэ сүрдээх киэҥ далааһыннаахтык Хатаһынан, куоратынан тэнийэн 900 тахса оҕону кэрэҕэ-үтүөҕэ угуйар, уһуйар. Манна дьарыктанар оҕолор дойду тас өттүгэр тиийэ таһымҥа кыбыстыбакка көрдөрөр, күөн көрсүһүннэрэр үрдүк хаачыстыбалаах оҥоһуктары оҥорон таһааран сөхтөрөллөр, киэн тутуннараллар. Саргылана Тарасовна салайар, иилиир-көҕүлүүр тэрилтэтин үлэтин сайдар-үүнэр аартыкка таһааран бастыҥнар ааттарыгар ааттатар, саҥаны-сонуну, урут буолбатаҕы олоххо киллэрэн соһутар, үөрдэр. Кини үлэтин биир күүстээх өрүтэ кадрдары таба тайанан үлэһиттэрин үрдүктэн үрдүккэ, кыайыыттан – кыайыыга тиэрдэр суолу тэлэллэр.
“Сыл бастыҥ тэрилтэтэ” – Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Дьокуускайдааҕы норуот айымньытиын киинин Чепалов Валентин Азотович дириэктэрдээх Хатастааҕы “Тускул” КК кэлэктиибэ буолла.Тускул КК куруутун аччаабыта биир икки хардыы инники толкуйдаах, уруккуну умнубакка, ааспыты бырахпакка билиҥҥилиин биһирэмнээхтик билсиһиннэрэн ситимниир ситиһиилэрдээх, кынаттыыр кыайыылардаах, көтүтэр үөрүүлэрдээх.
Маны таһынан Дьокуускай куорат үлэҕэ килбиэнэ (Трудовая доблесть города ) бочуоттаах бэлиэни Российскай федерация “Ыччат үтүөлээх наставнига” бэлиэ хаһаайката, РФ Үлэ бэтэрээнэ,СӨ тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах бэтэрээнэ 74 хаарын санныгар сүгэ сылдьар Пермякова Ольга Ивановнаҕа туттарылынна. Туймаада туонатын маанылаах сиригэр, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин киин куоратын дьаһалтатын наҕараадатын туппут убаастабыллаах Ольга Ивановнабытын сыралаах үлэтэ сыаналаммытынан эҕэрдэлиибит. Нэһилиэкпит биир саамай үрдүк наҕараадатын – Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо ытык аат Үлэ бэтэрээнэ, өр сылларга ааҕар-суоттуур эйгэ араас таһымнаах тэрилтэлэригэр үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик, билиитин-көрүүтүн, сатабылын төрөөбүт төрүт нэһилиэгэ сайдарын туһугар үлэлээбит Дьяконов Павел Николаевичка иҥэрилиннэ уонна Бочуоттаах олохтоохтор кинигэлэригэр киллэрилиннэ. Дьэ ити курдук үтүө дьоммут үктээбит суоллара үйэтитилиннэ – Бочуот кинигэтигэр, Бочуоттаах олохтоохтор кинигэлэригэр киллэрилиннилэр.
Наталья Руфова Хатас. Ахсынньы 2024
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: