“Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын чэрчитинэн, Саха сиригэр эдэр исписэлиистэргэ анаан тэҥинэн 10 аҕыйах кыбартыыралаах дьиэ тутуллар. 2014-2023 сс. эдэр исписэлиистэргэ анаан уопсайа 23,14 тыһ. кв.м. иэннээх 142 олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбитин эрэгийиэн Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Олорор дьиэлэр Абый улууһун Күбэргэнэ сэлиэнньэтигэр, Дьааҥы улууһун Баатаҕай бөһүөлэгэр, Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр, Нам улууһун Харыйалаах сэлиэнньэтигэр, Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн сэлиэнньэтигэр, Хаҥалас улууһун Тиит Арыы уонна Күөрдэм сэлиэнньэлэригэр, Усуйаана улууһун Тумат сэлиэнньэтигэр, Эбээн Бытантай улууһун Кустуур сэлиэнньэтигэр итиэннэ Орто Халыма куоракка тутуллуохтара.
Бу нэһилиэнньэлээх пууннарга эдэр исписэлиистэргэ 60 саҥа кыбартыыра күлүүһүн туттарыахтара.
“Эбийиэктэри тутууга муниципальнай сакаасчыттарга куонкуруһунан сүүмэрдээһин түмүгүнэн субсидия көрүллэр. Ону “Родные города и села” бырайыак бидэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы куонкуруһун хамыыһыйата быһаарар. Сүүмэрдээһиҥҥэ сайаапкалары, субсидияны түҥэтии былааннанар иннинээҕи сыл балаҕан ыйын 1-30 күннэригэр ылыллар”, – диэн Тутуу миниистирин солбуйааччы Евгений Афанасьев иһитиннэрдэ.
Быйыл олорор дьиэни тутууга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай хааһынатыттан көрүллэр үп уопсай кээмэйэ 476,0 мөл. солк. тэҥнэспитэ эбэтэр уопсай кээмэйтэн (бу сыалга анаан барыта 3 165,0 мөл. солк.) 15 % буолар.
Евгений Афанасьев этэринэн, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар эдэр исписэлиистэр дьиэҕэ наадыйалларын бэлиэтиир. Бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуонун оҥорууга, бырайыак судаарыстыбаннай эспэртиисэни ааһарыгар олохтоох бүддьүөт ороскуотун кэмчилээри, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн көдьүүстээхтик туттар сыалтан, министиэристибэ судаарыстыбаннай бүддьүөттэн муниципальнай тэриллиилэр олорор дьиэни атыылаһалларыгар субсидия көрүллүүтүн боппуруоһа оҥоһулла сылдьар.
Ону тэҥэ, Саха сиригэр “Уһук Илин федеральнай уокурукка тоҕоостоох олорор дьиэ куортамнааһынын” кытта “ДОМ.РФ” бырагыраама үлэлээн саҕалаата. Бырагыраама нэһилиэнньэ туспа араҥатыгар, ол иһигэр эдэр исписэлиистэргэ эмиэ олорор дьиэни куортамнааһыҥҥа чэпчэтиини көрөр.
Бу чэрчитинэн эдэр исписэлиистэр – Уһук Илин федеральнай уокурук олохтоохторо, субаренда дуогабарын түһэрсэллэригэр 35 саастарын ааһа илик, бас билэр олорор дьиэлэрэ суох дьон сөбүлэҥ түһэрсэр бырааптаахтар.
Быйыл олунньуга тустаах бырайыак иитинэн тутааччы ДОМ.РФ ис бараана оҥоһуллубут уонна миэбэллээх 24 кыбартыыраны Дьокуускай куоракка биэс мэндиэмэннээх дьиэҕэ биэрдэ. Эрэгийиэҥҥэ ырыынак орто ыстаапката 45 тыһ. солк. тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, бу бырайыагынан 51 кв.м. иэннээх дьиэ куортама ыйга 11 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
“Уһук Илин уокурукка тоҕоостоох олорор дьиэ куортама” бырайыагынан Саха сиригэр 2026 сылга диэри Дьокуускайга, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Миринэйгэ 850 куортамнанар кыбартыыраны үлэҕэ киллэрэр былааннаах.
Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, куортамнанар кыбартыыраҕа бастакы уочаратынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, эдэр исписэлиистэр, учууталлар, быраастар олороллоругар бэриллиэҕэ. Итини таһынан, манна эдэр учуонайдары киллэриэхпит диэн бэлиэтиир.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…