«Үтүө дьыалалар — Бэрэсидьиэҥҥэ бастыҥ бэлэх»
08.10.2024, 10:42
Хаартыска "Биир ньыгыл Арассыыйа” Саха сиринээҕи отделениетыттан
Бөлөххө киир:
“Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринээҕи отделениета РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин төрөөбүт күнүгэр Курскай уобаласка гуманитарнай көмөнү ыытта.
Марафон чэрчитинэн 4 туонна ыйааһыннаах көмө ыытылынна. Ыытыллыбыт көмөҕө ас-үөл, эмп-томп, утуйар таҥастар уонна олоххо-дьаһахха туттуллар тиэхиньикэ бааллар.
«Биһиги Курскай уобалас РИК салайааччытын солбуйааччы Сергей Анатольевич Муравьевы кытары сибээстэһэ олоробут уонна үлэбитин эрэллээхтик салгыыбыт. Гуманитарнай көмөнү өрөспүүбүлүкэбит үгүс ахсааннаах тэрилтэтэ, министиэристибэлэр, тэрилтэлэр уонна үтүө санаалаах дьон хомуйдулар”, — “Биир ньыгыл Арассыыйа” Саха сиринээҕи отделениетын РТК салайааччытын солбуйааччы Вячеслав Пестряков иһитиннэрдэ.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: