“Үтүө дьыаланы оҥорбуппутуттан бэйэбит да үөрдүбүт”
11.11.2024, 16:30
Хаартыска: ааптар тиксэриилэрэ
Бөлөххө киир:
Сэтинньи 10 күнүгэр Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун «Орто Амма кэскилэ» волонтердар этэрээттэрин актыбыыстара Харбалаах олохтооҕо Ольга Иннокентьевна Спиридоноваҕа дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөстүбүт.
Ол курдук, оһох отторго мас хайытан, чох таһан бэлэмнээтибит, дьиэҕэ муус тастыбыт, дьиэ тэлгэһэтин хаарын күртүбүт, киһи хаамар сирин харбаатыбыт,ыраастаатыбыт.
Маннык үтүө санаанан көмөнү оҥорбуппутуттан, дьиэлээх хаһаайкаҕа үөрүүнү бэлэхтээбиппититтэн бары да астынныбыт, Салгыы көрө сылдьан көмөҕө наадыйар дьоҥҥо күүс-көмө, өйөбүл буолуохпут диэн бигэ санааны ылынныбыт.
Лейла НИКОНОВА, Харбалаах, Таатта
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: