Үтүө киһи аата үйэлэргэ ааттаныа
Бүгүн, сэтинньи 11 күнүгэр, Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 85 сааһын туолар үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн «Михаил Ефимович Николаев уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инновационнай сайдыы: чахчылар, түгэннэр уонна инники кэскил» диэн төгүрүк остуол тула сэһэргии буолан ааста. Бу «Кустук» общественнай-консультациялыыр төгүрүк остуол 89-с тэрээһинэ буолар.
Үөрүүлээх тэрээһини «Кустук» төгүрүк остуол сүрүннээччитэ – юридическай наука доктора, ХИФУ юридическай факультетын профессора, Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн арыйда. Кини: «Михаил Ефимович Николаев саха норуотун дьиҥнээх лиидэрэ, Саха сирин эрэ буолбакка, Арассыыйа сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, элбэҕи оҥорбут киһи. Федеративнай дуогабар, Өрөспүүбүлүкэ Төрүт Сокуона, Арассыыйа Федерациятын конституцията, о.д.а. кини өҥөтүнэн ситэриллэн ылыныллыбыттара, ол иһин эдэр көлүөнэҕэ тириэрдэр курдук маннык кэпсэтиини ыытар олус наадалаах. Экэнэмиичэскэй боппуруостары быһаарыы, федеративнай дуогабары баттаһыы, о.д.а. кини көҕүлээһининэн оҥоһуллубуттара. Аҥардас социальнай эйгэҕэ, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, успуорка, итэҕэлгэ, үгэстэргэ ураты көрүүлээх буолан, 90-с сылларга Саха сирэ сайдар суолун арыйбыта», – диэн бэлиэтээтэ.
Сүрүн дакылааты М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ, педагогическай наука доктора, Арассыыйа үөрэҕин академиятын академига Евгения Михайлова оҥордо. «Михаил Ефимович 1991 сылтан Саха сирин дьонун-сэргэтин кыаҕын, сайдыытын өрө тардан, Арассыыйаҕа дьон сайдыытын индексин көрүүтүн таһымыгар 41 миэстэттэн, билигин 5-с миэстэҕэ таһаарда. Кини дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбата аан дойду стандартыгар сөп түбэһэригэр баҕарара. Ханнык да түгэҥҥэ Михаил Николаев Сахатын сирэ, норуота сайдарын туһугар ыалдьар. Ол иһин элбэх үтүө дьыала култуура, медицина, үөрэхтээһин, успуорт, искусство, наука сайдыытыгар оҥоһуллубута. Билигин ол биһиэхэ тирэх буолан, үлэлииргэ, сайдарга кыахтары биэрэр», – диэтэ Евгения Михайлова.
Салгыы Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Судаарыстыбаннай Сүбэһит көмөлөһөөччүтэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Матвей Мучин Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ оҥорбут уһулуччу үтүөтүн, дойду системата уларыйар кэмигэр бэйэтин бодотун сүтэрбэккэ, ол кэмҥэ политика сүрүн хайысхатын сөпкө быһааран өрөспүүбүлүгэ сайдар тосхолун түстээбитин кэпсээтилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуона, Суверенитет ылыныллыбыттара, онон өрөспүүбүлүкэ сайдар суолга киирбитэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан төгүрүк остуолга өрөспүүбүлүкэ араас тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, юридическай уонна бибилэтиэкэ уопсастыбаларын бэрэстэбиитэллэрэ, общественнай диэйэтэллэр, эдэр ыччат лиидэрдэрэ элбэх истиҥ, үтүө тыллары эттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: