Үтүө саҕалааһыннары кынаттаата

Үтүө саҕалааһыннары кынаттаата

21.09.2024, 12:20
Былааннаммыт 49 сүрүн тэрээһинтэн 14-дэ түмүктэннэ, үгүс үлэ сылы быһа ыытыллар
Бөлөххө киир:

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан биллэрэригэр, биир да оҕо болҕомто тас өттүгэр хаалыа суохтааҕын эппитэ.

Сыл бастакы аҥаарыгар:

Былааннаммыт 49 сүрүн тэрээһинтэн 14‑дэ түмүктэннэ, үгүс үлэ сылы быһа ыытыллар. Баһаам элбэх тэрээһин барыта кыайан киирбэтин быһыытынан, сорохторун киллэрэбит.

Эбии үөрэнии

Үөрэхтээһини сайыннарар институт иһинэн тэйиччиттэн олорон, ахсааны, физиканы, биологияны уонна химияны үөрэтэр үөрэх киинэ аһылынна. Ааспыт үөрэх дьылыгар 838 оҕо манна үөрэннэ. Ол түмүгэр биир кэлим эксээмэҥҥэ былырыыҥҥы сылга тэҥнээтэххэ физикаҕа орто баал көрдөрүүтэ 28,8%, профильнай ахсааҥҥа 16,6%, химияҕа 6,8% тубуста. Физикаҕа үрдүк баалы ылбыттар 3,7 төгүл элбээтилэр, ахсааҥҥа 2,5 төгүл, химияҕа 11%. Физикаҕа алын баалы туораабыттар эмиэ элбээбиттэр: физикаҕа — 18%, ахсааҥҥа, химияҕа — 6%.

“Мин бастакы идэм” пилотнай бырайыак

Бу эрэгийиэннээҕи бырайыак балаҕан ыйыттан олоххо киирэр. Сыллата 10000 кэриҥэ улахан кылаас оҕолорун уонна идэлээх үөрэх үөрэнээччилэрин хабан, аныгы цифровой технологияларынан үлэлиир.

Улахан кылаас үөрэнээччилэрэ бүгүҥҥү күн наадалаах идэлэрин баһылаан, үөрэтэр сэртипикээти ылалларыгар кыах биэрэр. Бырайыак хас да хайысхалаах: веб-разработка, компьютернай анимация, 3D-графика, графическай дизайн, Unity и Unreal Engine платформаларга оонньуулары оҥоруу, программирование, химическэй анаалыс лабораана, сыбаарсык, БПЛА оператора, быыһааччы, алын медицинскэй сиэстэрэ, маляр, фотограф, видеооператор, баһаатай, повар, кондитер, парикмахер, маникюр маастара.

Төрөппүт академията 

Эппиэтинэстээх төрөппүт академията тэриллэн үлэлиэхтээх, манна бары үөрэх тэрилтэлэригэр төрөппүт 50%-на хабыллыахтаах.

Быраабы араҥаччылыыр уорганнар оҕо бэрээдэги кэһиитин боппуруостарынан “Сферум” платформаҕа кыбартаалга биирдэ төрөппүт мунньаҕын ыыталлар.

Оҕо каартата

7–13 саастаах оҕолор сыл устата култуурунай тэрээһиннэргэ, спортивнай сиэксийэлэргэ, сайыннарар бырагыраамаларга төлөөн сылдьалларын курдук “Саха сирин эдэр олохтооҕо” каарта бу үөрэх дьылыттан киириэ. Каарта суумата 5 тыһ. солк.

Доруобуйаҕа — болҕомто

6 ый иһигэр 97127 сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор доруобуйаларын көрдүлэр (62%). Биир интэриэһинэй бырайыак оҥоһуллан эрэр: оҕо электроннай мэдиссиинискэй каартатын туох баар түмүктэрин, анаалыстарын кытта төрөппүт электроннай каартатыгар сыһыаран илдьэ сылдьар кэлим платформа оҥоһуллуохтаах. Ол эбэтэр төрөппүт медкаартатын арыйда да, оҕотун киэнэ эмиэ баар буолуохтаах. Билигин манна үлэ бара турар.

Сайыҥҥы сынньалаҥ

“Арктика оҕолоро” бырайыак чэрчитинэн Аллайыаха, Дьааҥы, Өлөөн, Орто Халыма улуустарыттан 50 оҕо өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр Краснодарскай кыраай “Юбилейнай” лааҕырыгар сынньанан, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэн кэллилэр.

Оҕо сылын дириэксийэтэ 24 эдэр кэрэспэдьиэни уонна 29 байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кыаммат элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун Москваҕа илдьэ сырытта. “Якутия” авиахампаанньа өй күрэһин күрэҕэр кыайбыт 2 оҕоҕо Москваҕа кэлэр-барар билиэттэрин биэрдэ.

Төрөөбүт тыл эйгэтэ

Ыам ыйын 31 күнүгэр “Саха” НКИК өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тооку” оҕо телеханаала аһылынна.

Көс дьиэ кэргэҥҥэ көмө

Алдан, Кэбээйи, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Эбээн Бытантай, Томпо улуустарыгар 7 көс олохтоох оскуолаҕа 98 оҕо үөрэнэр. Манна сорохтор уһуйаан саастаах оҕолорун илдьэ сылдьаллар. Кинилэргэ анаан РФ норуоттарын төрөөбүт тылларыгар институтун филиала 4 үөрэтэр-методическай матырыйаалы оҥордо.

Элбэх оҕолоох ыалларга көмө

Оҕо саас сылынан элбэх оҕолоох ыалларга быйыл көмө элбэх. Ол курдук, 1–11 кылаас оҕолоро оскуолаҕа босхо аһыыллар, оптуобуһунан босхо айанныыллар. Орто анал үөрэххэ күнүскү өттүгэр төлөбүрдээххэ киирбит  устудьуоҥҥа балаҕан ыйыттан 50 тыһ. солк. төлөнөр. Устудьуон үлэ ырыынагар наадалаах, СӨ бырабыыталыстыбата бигэргэппит үөрэҕэр киирбит буолуохтаах, 2–3 куурус да буоллун итиэннэ биир дьиэ кэргэнтэн иккиэ да буоллахтарына, иккиэннэригэр төлөнөр. Балаҕан ыйын 16 күнүнээҕи туругунан 175 сайабылыанньа киирбит.

Демография,  дьиэ кэргэн бэлиитикэтин,  эпиэкэ уонна попечительство департамена.

Үлэ-хамнас

Быйыл сайын 34 оҕо бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаҕа үлэлээтэ. 3304 оҕону үлэнэн хааччыйарга 20,8 мөл солк. көрүллүбүтэ. От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан 2651 (80,3%) саастарын ситэ илик оҕо үлэҕэ ылыллыбыт этэ. Ону таһынан орто оскуолалар истэринэн “Үлэлээх сайын” куонкурус сыллата ыытыллар буолуо.

* * *

“Мин биисинэһим” киин үөрэтэр бырайыагар Горнай уонна Уус Алдан улуустарыттан 20‑чэ оҕо үөрэннэ.

Уйулҕата хамсаабыт оҕоҕо көмө

1 кыбартаалга психотерапияҕа 667 оҕо, ол иһигэр 54 дьиэ кэргэн сырыттылар. Сыл аҥарыгар 7 мэдиссиинискэй психологы, 1 психиатр бырааһы, 2 психотерапевт-бырааһы “Работа с травмой и посттравматическим стрессовым расстройством” сыыкылга үөрэттилэр.

Игидэй оскуолатыгар — Оҕо саас сыла

Оҕо саас сылынан Э. К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатыгар былааннаммыт тэрээһиннэр олус көхтөөхтүк бара тураллар. Ол курдук, сылы үөрүүлээх аһыыга «Мин дьиэ кэргэним» аһаҕас ааҕыыга 1–10 кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытта “Мин дьиэ кэргэним дьарыга”, “Мин дьиэ кэргэним ытык мала”, “Мин дьиэ кэргэним киэн туттар киһитэ”, “Мин дьиэ кэргэним талаана”, “Мин дьиэ кэргэним төрүччүтэ”, “Мин дьиэ кэргэним үгэстэрэ”, “Дьиэ кэргэн удьуор утума», «Мин дьиэ кэргэним эр хоһууннара» тиэмэлэри арыйан, олус дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэрии оҥорбуттара. Хас биирдии үөрэнээччи бу ааҕыыттан дьиэ кэргэнин туһунан кэпсээн, элбэҕи, саҥаны билэн тарҕастылар.

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ Оҕо саас сылын кытта дьүөрэлээн тэриллибитэ, онно оҕо уонна төрөппүт кыттыылаах саха тылынан ТОК оонньуу ыытыллыбыта, кылаас оҕолоро төрөппүттэрин кытта Саха сирин остуоруйаларын төһө билэллэрин тургутан көрбүттэрэ.

Салгыы төрөппүттэри кытта “Шашлык-машлык” диэн биир интэриэһинэй, минньигэс тэрээһини ыыппыппыт. Сайын “Сындыыс” оҕо күнүскү лааҕырыгар 50 үөрэнээччи хабыллан сынньанна, ону таһынан “Дьиэрэҥкэй” оҕо үҥкүү ансаамбыла норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуу култуурунай тэрээһинигэр кыттыбыта. Москва куоракка “Рождественские звезды” бэстибээлгэ хомусчут уонна үҥкүүһүт оҕолорбут лауреат үрдүк аатын ылан кэлбиттэрэ биир улахан ситиһиибитинэн буолар.

Любовь Захарова,

дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.

*   *   *

Ыксаллаах уйулҕа көмөтүгэр наадыйар оҕолорго, төрөппүккэ Эрэл төлөпүөнэ, ону тэҥэ Мобильнай кризиснэй сулууспа төлөпүөнэ баар: 8–800–2000–122. Бу сыл саҕаланыаҕыттан 1000‑тан тахса оҕо, төрөппүт эрийдэ.

Патриотическай иитии

Сүрдээх элбэх үлэ оҕону патриотическай иитиигэ бара турар. Педагогическай этэрээттэр сбордара, “Содружество Орлят России” эрэгийиэннээҕи сүлүөт, “Саха сирин күөх пионердара” сүлүөт, “Юнармия” сүлүөтэ, “Бастакы көмө” бырайыак, о. д.а элбэх тэрээһин ыытылынна, буола турар.

Матырыйааллар Оҕо сылын дирекциятыттан ылылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: