«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа дьон көхтөөхтүк кыттар
Бу күннэргэ Саҥа дьылга оҕо аймаҕы үөрдэргэ туһуламмыт араас аһымал аахсыйалар ыытылла тураллар.
Ордук өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сыл аайы ыытыллар оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэригэр уонна коррекционнай оскуолалар үөрэнээччилэригэр анаммыт “Үтүө санаа харыйата” тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар. Бу аһымал аахсыйа 2015 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев уонна “Үтүө санаа куората” уопсастыбанай тэрилтэ көҕүлээһиннэринэн аан бастаан тэриллибитэ. 2019 сыллаахха тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи статустаммыта.
Бу тэрээһин быйыл анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар эмиэ туһаайылынна. Манна ким баҕалаах бэйэтин баҕа санаатынан оҕолорго бэлэх уунуон сөп.
Ол курдук, аһымал аахсыйа Дьокуускайга «Бубль Гум» (Кальвица уул., 14/5, уонна Дзержинскэй уул. 71), ону тэҥэ Чернышевскай уул. 107/1 аадырыска турар «Хозмаркет» эргиэн киинигэр ыытыллар.
Бу күннэргэ министиэристибэлэр, куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ, оскуолалар дириэктэрдэрэ уонна учууталлара, уһуйааннар иитээччилэрэ, култуура уонна спорт исписэлиистэрэ, эмчиттэр уо.д.а. эйгэ үлэһиттэрэ оҕолор баҕа санааларынан бэлэхтэри “Үтүө санаа” харыйатыгар уураллар. Маннык үтүө бачыымы өрөспүүбүкэ бары улуустара өйөөбүттэрэ. Харыйаҕа оҕо аата баар аккырыыкканы ылан, ол онно этиллибит бэлэҕи атыылаһаҕын. Ким баҕалаах хаартыскаҕа түһэн баран, #Елкадобра хештэги туруорар уонна кини холобурун батыһарга ыҥыран, социальнай ситиминэн тустаах киһиэхэ ыытар.
Хаартыска – СӨ Ил Дарханын уонна бырабыытыластыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: