«Үтүө санаа харыйата» аһымал аахсыйаҕа дьон көхтөөхтүк кыттар

Share

Бу күннэргэ Саҥа дьылга оҕо аймаҕы үөрдэргэ туһуламмыт араас аһымал аахсыйалар ыытылла тураллар.   

Ордук өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сыл аайы ыытыллар оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэригэр уонна коррекционнай оскуолалар үөрэнээччилэригэр  анаммыт “Үтүө санаа харыйата” тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар. Бу аһымал аахсыйа 2015 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев уонна “Үтүө санаа куората” уопсастыбанай тэрилтэ көҕүлээһиннэринэн аан бастаан тэриллибитэ. 2019 сыллаахха тэрээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи статустаммыта.

Бу тэрээһин быйыл анал байыаннай эпэрээсийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар эмиэ туһаайылынна.  Манна ким баҕалаах бэйэтин баҕа санаатынан оҕолорго бэлэх уунуон сөп.

Ол курдук, аһымал  аахсыйа Дьокуускайга «Бубль Гум» (Кальвица уул., 14/5, уонна Дзержинскэй уул. 71), ону тэҥэ Чернышевскай уул. 107/1 аадырыска турар «Хозмаркет» эргиэн киинигэр ыытыллар.

Бу күннэргэ министиэристибэлэр, куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ, оскуолалар дириэктэрдэрэ уонна учууталлара, уһуйааннар иитээччилэрэ, култуура уонна спорт исписэлиистэрэ, эмчиттэр уо.д.а. эйгэ үлэһиттэрэ  оҕолор баҕа санааларынан бэлэхтэри “Үтүө санаа” харыйатыгар уураллар.  Маннык үтүө бачыымы өрөспүүбүкэ бары улуустара өйөөбүттэрэ. Харыйаҕа оҕо аата баар аккырыыкканы ылан,  ол онно этиллибит бэлэҕи атыылаһаҕын. Ким баҕалаах хаартыскаҕа түһэн баран, #Елкадобра хештэги туруорар уонна кини холобурун батыһарга ыҥыран, социальнай ситиминэн тустаах киһиэхэ ыытар.

Хаартыска – СӨ Ил Дарханын уонна бырабыытыластыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

6 секунд ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

11 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

30 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

50 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago