Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Дорожкин, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр салалталара, предпринимательство департамена «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытыннылар.
Аахсыйа өйөбүлгэ наадыйар оҕолорго бырааһынньык үөрүүтүн бэлэхтиир соруктаах тэриллэр. Сыл ахсын оҕо дьиэтин, коррекционнай оскуола уонна Дьокуускай куорат оскуола-интэринээтин икки тыһыынчаттан тахса оҕотугар күүтүүлээх бырааһынньыгынан бэлэх бэриллэр.
Ким баҕалаах харыйаҕа баар аккырыыкканы ылан онно оҕо баҕа санаатын суруйбутун ааҕан баран, бу оҕоҕо бэлэх ылан биэрэргэ кыттыһыан сөп.
Дьокуускай куорат дьаһалтата аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттаргытыгар, оҕолорго Саҥа дьыл үөрүүтүн бэлэхтииргитигэр ыҥырар.
«Ыччат лигата» АНО Дьокуускай куорат дьаһалтатын уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат дьыалатыгар управлениетын кытары тэрийбит аахсыйалара Дьокуускайга «Бубль-Гум» икки маҕаһыыныгар: Кальвица, 14/5 уонна Дзержинскэй уул. 71 ыытыллар.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…