«Үтүө санаа харыйата» оҕолору үөрдэр аналлаах

Share

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччылара сыл ахсын ыытыллар «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытталлар.

Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаабытынан, СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайар Георгий Михайлов уонна кини солбуйааччылара Елена Кузнецова, Михаил Гасанбалаев кырачааннарга бэлэх уунарга быһаарыннылар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн иитиитигэр көмөлөһөр киин, 22  №-дээх коррекционнай оскуола уонна 28  №-дээх адаптивнай оскуола-интэринээт иитиллээччилэрин баҕа санааларын толордулар.

«Үтүө санаа харыйата» аахсыйа — бу Саҥа дьылга барыбытын түмэн оҕолору үөрдэргэ анаммыт бэртээхэй үгэс. Хас биирдии оҕо киниэхэ болҕомто, кыһамньылаах сыһыан баарын билиэхтээх«, — диир Георгий Михайлов.

Быйыл бу үтүө санаа аахсыйата ахсынньы 28 күнүгэр диэри ыытыллар. Маннык «Үтүө санаа харыйалара» өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар туруоруллубуттара. Дьокуускайга бу аахсыйаҕа кыттыан баҕалаахтар Кальвица уонна Дзержинскэй уулуссаларыгар баар «Бубль Гум» маҕаһыыҥҥа тиийиэххитин сөп.

Аахсыйаҕа кыттар киһи тиийэн аккырыыкканы талан ылар уонна онно суруллубут оҕоҕо анаан күүтүүлээх Саҥа дьылынан бэлэх оҥорор. Манна кыттыбыт дьон социальнай ситимнэргэ хаартыскаларын таһаарыахтарын сөп уонна #Елкадобра2024 бэлиэтииллэр. Эстэпиэтэни доҕотторугар, билэр дьонноругар салгыы ыыталлар.

Санатан эттэххэ, маннык аахсыйа аан бастаан 2015 сыллаахха оччолорго Дьокуускай куораты салайан олорор Айсен Николаев уонна «Город добра» уопсастыбаннай организация көҕүлээһиннэринэн тэриллибитэ. 2019 сылтан бу тэрээһин дьон-сэргэ болҕомтотун улаханнык тардан өрөспүүбүлүкэ таһымнаммыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago